Н.Д. Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолатыгар Саха театрын артыыстара
Олунньу 7 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай театра Уус Таатта орто оскуолатыгар ыалдьыттаата, манна үөрэнээччилэри, учууталлары кытта истиҥ иһирэх көрсүһүү буолан ааста.
Биһиги оскуолабыт Николай Денисович Неустроев аатын сүгэр, кини аата саха театрын кытта быһаччы ситимнээх. Николай Денисович «Куһаҕан тыын» комедиятынан саха театра 1925 сыллаахха бастакы сезонун арыйбыта. Ол иһин, история чахчыларын сырдатар, кэпсиир, сэһэргиир көрсүһүү буолан, икки бүк күүтүүлээх, долгутуулаах буолла.
Көрсүһүүбүт «Тыйаатыр киһи үчүгэй санаатын уһугуннарар, сайыннарар оскуола, киһи күннээҕи эрэйин-буруйун умуннаран, сүрэҕин-быарын сымнатар, киһи хараҕынан көрбөт олох-дьаһах кистэлэҥин көрдөрөн үөрэтэр, өйү-санааны кэҥэтэр, дириҥэтэр» — диэн театр бастакы дириэктэрин, биир дойдулаахпыт, саха классик суруйааччыларыттан биирдэстэрэ Алампа эппит бэргэн этиититтэн саҕаланна.
Саха театрын кэтэһиилээх ыалдьыттарыгар анаан оскуолабыт үөрэнээччилэрэ: Алтынсариев Даниэль «Ийэ» ырыатын ыллаата, онтон 3-с кылаас уолаттара «Уол оҕо алгыһа» хоһооннорун бэлэх ууннулар.
Гостуруол бөлөҕүн салайааччыта Илья Юрьевич Стручков саха театрын билиҥҥитин, илдьэ кэлбит артыыстарын сырдатта. Кинилэри кытта биһиги биир дойдулаахпыт — Матрена Иннокентьевна Христофорова баар эбит. Илья Стручков быйылгы гостуруол Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар ананарын, дойдубутугар — Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ – Оҕо саас, Таатта улууһугар – Эрэл. Таптал. Итэҕэл. сылыгар ананан, Карел Чапек “Ийэ” уонна Былатыан Ойуунускай айымньыларынан “Оҕоҕо баҕарбыт” испэктээктэри дьон-сэргэ иннигэр туруора кэлбиттэрин билиһиннэрдэ. СӨ норуодунай артыыската Зоя Петровна Багынанованы күөх экран нөҥүө буолбакка, бэйэтин тутан олорон көрбүппүтүттэн, тылын-өһүн, ааҕар хоһооннорун истибиппититтэн, оҕо аймахха эппит алгыс тылларын ылынан, сүргэбит көтөҕүлүннэ. Эдэр артыыстар талааннара сөҕүмэрин, туттан-хаптан туран ааҕар хоһооннорун, ырыаларын көрөөччүгэ ылыннарыылаахтык тиэрдэллэрин, реквизиккэ, театральнай эрчиллиилэргэ маастар кылаастары көрдөрбүттэриттэн астынныбыт. Театр художник гримера Реас Туласыновы- Өксөкүлээх Өлөксөй, Ярослав Неустроевы — Алампа, Валентин Егасовы-Ойуунускай сирэйдэрин гримнээн, таҥастарын-саптарын таба тутан, уобарас оҥорон таһаарбыта көрсүһүү соһутар түгэнэ буолан, ураты формаланан таҕыста.
Көрсүһүү кэннэ таптыыр артыыстарбытын кытта хаартыскаҕа түстүбүт, оскуолабыт музейыгар сырытыннардыбыт. Саха театрын сырдатар быыстапка тэрийдибит, оскуола театр быстыбат ситимин кэрэһэлээн, оскуолабыт кинигэтин, статуэткатын бэлэх ууннубут.
Онон бу көрсүһүүгэ, саха театрын артыыстара оҕо аймахха үйэ тухары умнуллубат түгэни бэлэхтээбиттэригэр ис сүрэхпититтэн махтанабыт! Бука барыгытыгар хараҥаҕа сырдык уот чаҕылыччы тыгар кэмигэр, ытыс тыаһа тэтимнээхтик иһиллэрин курдук, куруук дьон сэҥээриитин, хайҕабылын, биһирэбилин ыла туруҥ диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит!
Анна Софроновна Кочнева- дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы,орто оскуола медиа-киинэ