Урукку кэмнэр кулан уорҕаларыгар айан аартыгар турар Уолба сирэ киин сиринэн биллэрэ. Алаас ааттаах дойду сурахтаах буоларын курдук бу үтүө дойдуга айылҕаттан айдарыылаах, айар талааннаах, уран тарбахтаах саха Саарыннара уутуйан үөскээбиттэрэ, түөлбэлээн олорбуттара.
Тааттатааҕы хартыына галереятыгар Уолба нэһилиэгин талба талааннаахтара, айылҕаттан бэриллибит идэлээх уустар Михаил Боппосов, Василий Попов ойуу тылынан кэпсиир ойууһут Алек Кириллин «Уолба — уран уус түһүлгэтэ» айар быыстапка үөрүүлээх быһыыйга-майгыга аһылынна.
Норуокка биллэр дьоһун дьоннорбут айар талааннарын киэҥ эйгэҕэ көрдөрөр истиҥ эйгэлээх түмэр түһүлгэни Вера Канаева иилээн-саҕалаан ыытта.
Айар быыстапкаҕа уутуйан үөскээбит удьуор уустан төрүттээх, норуот скульптора Михаил Боппосов сахалыы сиэринэн талыы талба Таатта талаҕыттан уонна доруобуйаны чэбдигирдэр тэтиҥ мастан оҥоһуллубут оҥоһуктара, дьон-аймах долгуйа күүтэр төгүрүк сыл бэлиэтинэн өйдөбүнньүк хаартыската киэҥ кэрэхсэбили ылла.
Уһун тыыннаах сүүрүүк, Арассыыйа спордун маастарыгар кандидата, муустан, мастан оҥоһук маастара Василий Попов саха киһитигэр чугас нарылаабыт мастан оҥоһуктара ыалдьыттары сөхтөрдө.
Ураты суоллаах-иистээх иитээччи идэлээх, 40 сыл усталаах-туоратыгар оҕону, төрөппүтү кытары ситимнээхтик үлэлиир Алек Кириллин үйэлээҕи үйэтиппит чулуу суруйааччылары, история кэрдиис кэмин бастыҥ лиидэрдэрин кумааҕыга түһэрбитэ киэҥ биһирэбили ылла.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ көмүс тарбахтаах маастар Василий Попов хомус хомоҕой дорҕоонун түһэрэн, ыалдьыттары абылаата, «Уолбан» ырыа бөлөҕүн салайааччыта Леонид Егоров ылбаҕай ырыатынан дьоро күнү киэргэттэ.
«Таатта улууһа» МО Аҕа баһылыга Айаал Бурцев дьоһун дьоммутугар Василий Поповка уонна Алек Кириллин улуус дьаһалтатын аатыттан Таатта улууһугар норуот уус-уран оҥоһуктарын үйэтитиигэ тус кылаатын иһин Бочуоттаах грамотаны, Михаил Боппосовка Таатта улууһугар култуура сайдыытыгар кылаатын иһин муниципальнай бэлиэни үөрүүлээх быһыыга туттарда.
«Уолба нэһилиэгэ» МТ баһылыга Александр Винокуров киэн туттар биир дойдулаахтарын ураты талааннарын, тус уратыларын тоһоҕолоон бэлиэтээн туран, эҕэрдэ эриэккэһин, мааны тыллаах махталын анаата.
«Тааттыныскай нэһилиэк» МТ баһылыга Егор Павлов Уолба нэһилиэгэ талааннаах дьонунан аатыран, куруук инники күөҥҥэ сылдьарын, салайар үлэҕэ оскуола дириэктэринэн үлэлээбит Алек Кириллины, удьуор уус дьонтон тардыылаах Боппосовтары, нэһилиэккэ үйэтитиигэ үлэлэһэн, өйдөбүнньүк бэлиэни, саха үтүө үгэһинэн сэргэни туруорбут Василий Попову үтүө тылынан ахтан, истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ.
Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин: «Уолба нэһилиэгэ инникилээх, кэскиллээх», — диэн туран, норуот билиниитин ылбыт Михаил Трофимович хатыламмат үлэлэрин атын матырыйаалга түһэрэргэ сүбэлээн, эҕэрдэ суруктары туттарда.
Уолба нэһилиэгин «Айылгы» түмсүүтүн, бэтэрээн Сэбиэтин аатыттан биир дойдулаахтара Светлана Винокурова салайааччылаах улууһу, нэһилиэги ааттатар дьонноругар эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
В.И. Ленин аатынан Уолба орто оскуолатын уонна аймахтар ааттарыттан Анна Боппосова: «Саха норуотугар үс идэ баар: олоҥхоһут, эмчит, уус. Уолба үс идэни баһылаабыт биллэр дьонунан аатырар, сураҕырар», — диэн бэлиэтээн туран, талааннаах биир дойдулаахтарын сэдэх талааннарын сырдатта, эҕэрдэ эриэккэһин эттэ.
И.И. Слепцов аатынан Уолбатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Анастасия Боппосова: «Айылҕатта бэриллибит дьоҕургутун үрдүктүк сыаналыыбыт, киэн туттабыт, холобур оҥостобут. Айымньылаах үлэҕит ситиһии эрэ суолланнын, үтүө ааккыт ааттана турдун!» — диэн баҕа санаатын биллэрэн, сэмэй бэлэхтэрин туттарда.
Бииргэ үөрэммиттэрэ истиҥ эҕэрдэлэрин биллэрдилэр, ойор-тэбэр оҕо саас эрчимнээх кэмин доҕотторо Василий Попов, Михаил Боппосов айар быыстапкаларын туһунан Тихон Макаров: «Быыстапкаҕа оҥоһуктар уустуктарын, нарыннарын-намчыларын сөхпүтүн биллэрдэ, түгэнинэн туһанан, тэрийээччилэргэ барҕа махталын биллэрдэ.
Аймахтар ааттарыттан Аграфена Готовцева сырдык санаалаах күтүөтүгэр Михаил Боппосовка үтүөнү үксэтэ, айа-тута сылдьарыгар баҕаран туран эҕэрдэтин туттарда.
Ытык Тааттабытыгар кэнчээри ыччаты кэрэ эйгэтигэр уһуйар уран маастардарбыт үксүү, ураты айымньыларынан кэрэхсэтэ, үөрдэ турдуннар!
Мария Павлова.