Саҥа сэбиэттэр былаастара кэлиэн аҕай иннинээҕи сылларга, уруккута Байаҕантай улууһугар киирсэр киэҥ историялаах Уолба нэһилиэгэ, улуус киининэн буола сылдьыбыта.
1922 с. муус устар 22 күнүгэр норуот чулуу уола, Саха АССР ревкомун салайааччыта Былатыан Ойуунускай өрө турааччылары амнистиялыыр манифеһы таһаартарбыта.
Байаҕантай улууһун Уолбатыгар үрүҥ хамсааһыны салайсыбыт П. И. Оросин, А. И. Говоров, М. П. Слепцов-Отоороп 1923 сыл муус устар ыйыгар Манифеска олоҕуран, Саха АССР тэриллибитинэн, сэбиэскэй былааһы ылыналларын биллэрбиттэрэ. Быһатын эттэххэ, икки утарыта турбут хамсааһын бэрэстэбиитэллэрэ Уолба сиригэр кэлэн, тупсуу бэлиэтинэн бэйэ-бэйэлэригэр доҕордуу илиилэрин ууммуттара.
Сэтинньи 1 күнүгэр, Уолба нэһилиэгэр Манифест (Тупсуу) туолбутун туоһулуур Мэҥэ бэлиэни туруоруу дьоро тэрээһинэ буолла. Мэҥэ бэлиэ арыллыытын үөрүүлээх чааһыгар Таатта улууһун Аҕа баһылыга Айаал Бурцев, СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ, биир дойдулаахпыт Георгий Никонов, “Тааттаавтодор” тэрилтэ дириэктэрэ Иван Бочонин, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин кыттыыны ыллылар. Улуус баһылыга Таатта улууһугар сэтинньи ый Былатыан Ойуунускай сырдык аатын үйэтитии ыйынан биллэриллэрин иһитиннэрдэ. Иван Бочонин Мэҥэ бэлиэ туруоруллубут сүрүн сыалын-соругун билиһиннэрдэ. Гаврил Вырдылин Таатта Уолбатыгар историческай суолталаах «Тупсуу» буолбутун, ону үйэтитэр тоҕоостооҕун аан бастакынан тыл көтөхпүт киһинэн биир дойдулаахпыт, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун салайааччыта Гаврил Гаврильевич Андросов буоларын бэлиэтээтэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Уолба орто оскуолатын «Ил Ситим» оҕо тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ Дьулус Боппосов эҕэрдэтин эттэ.
Тэрээһин Мэҥэ бэлиэҕэ сибэкки дьөрбөтүн ууруунан түмүктэннэ.
Екатерина Рахлеева, Макар Хара аатынан Уолба модельнай библиотекатын сүрүн үлэһитэ.