“Умсулҕан” литературнай лааҕыр Чычымах Унньуулалааҕар 21 хонук устата тигинэччи үлэлээтэ.
Быйылгы лааҕыр уратыта диэн Таатта лицейин дириэктэрэ Изабелла Сивцева сүбэтинэнаматынан оҕолору төрүт дьарыкка сыһыаран, хотоҥҥо сырытыннаран, оттуур ходуһаны көрдөрөн, эт-үүт хантан кэлэрин билиһиннэрэр сыаллаах үлэлээтэ. Хортуоска сыыһын ыраастааһыҥҥа Чычымах, Туора Күөл, Чөркөөх уолаттара үлэҕэ сыһыамахтара билиннэ. Оҕолор хоһоон ходуһатыгар “бастыҥ охсооччулар” үөрэҕи, сынньалаҥы бииргэ дьүөрэлээн, сайын үтүөтүн биллилэр. Лааҕыр иитиллээччилэрэ “Алгыстаах аартык” дьиктилээхэй ыллыгынан хааман, бэйэлэрэ айбыт хоһооннорун аахтылар. А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй “Байанай алгыһа” айымньытын өйтөн этэ үөрэннилэр. Айылҕа ситэн-силигилээн турар кэмигэр Амма эбэ мүөттээх салгынынан дуоһуйа тыыннылар, охсуллубут от кэбиһиилээх окко кубулуйарын көрдүлэр. Сардааналаах кырдал устун кэчигирээн турар айар тыл аҕата айбыт айымньыларынан оҥоһуллубут өйдөбүнньүктэргэ умнуллубат эриэккэс түгэни үйэтитэн, хаартыскаҕа түстүлэр. Уолаттар кыргыттардааҕар түргэнник хоһоон айдылар. Үксүлэрэ аан бастакыларын хоһооҥҥо холоннулар. Хоһоону ыллыҥ да айбаккын. Дьиҥнээх айылҕаҕа сылдьан, турукка киирэн, иэйии кутуллан киирдэҕинэ эрэ сурулларын биллилэр. Ол да иһин улуу суруйааччылар айылҕаны кытта алтыһар буоланнар, олохторо айымньылаах буоларын бигэтик өйдөөтүлэр. Лааҕыр иитиллээччилэрэ оҕо саас умнуллубат өйдөбүлүн сүрэхтэригэр сөҥөрөн, уран тыл умсулҕаныгар ылларбыт айымньылары айдылар.
Лааҕыр кэнниттэн санаалар
Вероника Антоева, Харбалаах.
Умсулҕан” лааҕыр туһунан, учууталбытыттан Лена Николаевнаттан истэн, дьүөгэлэрбин кытта бары сынньана кэлбиппит. Уонна олох кэмсиммэтибит. Бу лааҕырга мин оҕолорбун кытта тэҥҥэ сылдьарбын олус сөбүлээтим. Лааҕыр аһа-үөлэ туох да бэртээхэй эбит. Дуоһуйа сынньанан, оонньоон-көрүлээн, айылҕаҕа чэбдигирдим. Маннык лааҕырга астына сырыттым. Лааҕыр үлэһиттэрэ үтүө санаалаахтар, көмөлөһө, сүбэлии-амалыы сылдьаллар. Оксана Прокопьевна хоһоон, аннотация, өйтөн суруйарга, интервью ыларга үөрэппитэ. Син толкуйдуур, сатаан хоһоону суруйар буолбуппуттан үөрдүм. Билбэт сахалыы тылларбын быһааран биэрдэ. Нария Федоровна биһигини куруук оонньотооччу. Ардыгар биир сиргэ бары мустан, кэпсэтэкэпсэтэ олорооччубут. Биһигини Альберт Владимирович тойукка үөрэппитэ. Мин бу лааҕыр хас биирдии күнэ хатыламматын сөбүлээтим. Үчүгэйдик аһыыбыт, тотобут. Манна сибээс суоҕуттан кыратык эрэйдэнэн ыллым. “Умсулҕан” лааҕыр олус да түргэнник ааста. Мантан айанныырбыттан кыратык хомойобун. Бу кэрэ түгэннэри куруук ахта-саныы сылдьыам.
Дьулусхан Андросов, Таатта лиссиэйэ.
Мин бу лааҕырга аан бастакыбын сырыттым. Киэһэтин балыктыыбыт. Хаахынайы, сордоҥу аан бастакыбын тыыннаахтыы көрдүм. Ынах синньин таарыйан көрдүм. Кыратык ыатым. От үлэтин кытта билистим. Лааҕырга сахалыы хоһооннору суруйдум уонна дуоһуйа сынньанным.
Костя Лыткин, Таатта лиссиэйэ.
Мин бу лааҕырга бастакыбын сырыттым. Бу лааҕыр турар сирэ олус кыраһыабай айылҕалаах, сынньанар сирэ өссө ордук кэрэ. Оксана Прокопьевна Андросова лааҕырбыт салайааччыта барыбытын олус сөбүлүүр. Нария Федоровна арааһынай оонньууну ыытар. Альберт Владимирович Шестаков олус юмордаах. Саша оҕолору кытта биир уопсай тылы булар, кэпсээн аралдьытар. Поварбыт эбээ Валя олус минньигэстик ас астыыр. Харабылбыт Александр Килибеев барыларын харыстыыр. Оҕолору балыктыырга үөрэттим, элбэх доҕоттору кытта билистим. Лааҕырга баар оҕолору кытта табаарыстастым, тапсан, сөбүлээн, үчүгэй кэми атаардым. Лааҕыр Мин “Умсулҕан” лааҕырга, Табаарыстарбын көрүстүм, Илии тутуһан ыллыбыт, Дуоһуйа оонньоотубут. Үөрэнэр дьиэҕэ тиийдибит, Өйбөр өй-санаа эбилиннэ, Хоһоон айарга үөрэнним, Рифма баарын биллим. Дьаам аттыгар балыктаан, Түөрт хаахынай туттубут, Доҕотторбун күндүлээтим, Лааҕыры олус сөбүлээтим.
Коля Сыромятников, Таатта лиссиэйэ.
Биһиги баарбыт “Умсулҕаннар”
Эриэхимэй талааннар,
Тааттабытын таптыыбыт,
Эриэккэстик этэбит.
Хоптолуу кыырайа көттүбүт,
Санаабытынан бииргэбит,
Кырдалларга сүүрдүбүт,
Күөлэһийэн ыллыбыт.
София Апросимова, Таатта лиссиэйэ.
Амма өрүспүт кэрэтиэн!
Балыктар оонньууллар,
Сүүрүгэ түргэниэн!
Умсаахтаан ылаллар.
Лааҕырбыт үчүгэйиэн!
Оҕолор сынньаналлар,
Дойдубут күндүтүөн!
Үөрэнэбит-сайдабыт.
Айастаан Гаврильев, Таатта лиссиэйэ.
“Умсулҕан” лааҕыры доҕотторбуттан билбитим. Лааҕыр устатын тухары миигин наһаа үчүгэйдик көрбүттэрэ, аһаппыттара. Эт-үүт ас буолунай. Салайааччыбыт Оксана Прокопьевна литератураҕа, саха тылыгар үөрэппитэ. Хоhоон хайдах айылларын өйдөөтүм. Чычымах музейыгар сылдьан, билбэтэхпин билбитим. Уол оҕо элбэҕи сатыахтаах эбит диэн түмүккэ кэллим. Оҕолору кытта ыкса билистим. Поварбыт эбээ Валя олус минньигэстик аһы астыыр. Альберт Владимирович олоҥхоҕотойукка үөрэттэ. Нария Федоровна олус интэриэһинэй онньуулары оонньотооччу. Хас күн аайы айылҕаҕа барабыт: үөрэнэбит, кэпсэтэбит уонна сынньанабыт. Тэллэйдээн сиэбиппит. Балык тууһаан амсайбыппыт. Лааҕырбыт устата от охсуллан бугул, бугултан кэбиһиилээх от сүөһү таптаан сиир аһын үлэтэ хара баһаам эбит. Сүөһү элбэх үүтү биэрдэҕинэ, сүөгэй, арыы буолар. Онон аспыт хантан кэлэрин илэ харахпынан көрдүм. Лааҕырбыт биллибэккэ ааста. Уопсайынан “Умсулҕан” лааҕыр дууһабар наһаа үчүгэй лааҕыр диэн сүрэхпэр иҥиэҕэ.
Умсулҕан
Сайын сылаас охсоро,
Күн өрүһү оргутара,
Өрүскэ балык устара,
Дьон күҥҥэ олороро.
Унньуулаҕа олорон,
Биэс дьиэнэн түһэммит,
Үөрэнэбит, сынньанабыт,
Тото-хана аһыыбыт.
Оҕолордуун билсиһэн,
Күө-дьаа кэпсэтэбит,
Саха тылын үөрэтэбит,
Хоһоон арааһын айабыт.
Оксана Андросова-Сандаара, “Умсулҕан” лааҕыр салайааччыта.