Вакцинация, хочуолунай, ОРВИ, саҥа үлэһиттэр…

Улуус баһылыга Айаал Бурцев уочараттаах улуус тэрилтэлэрин салайааччыларын, нэһилиэктэр баһылыктарын кытта Сүбэ мунньаҕар бүгүҥҥү балаһыанньаны кытта билистэ.
Биирдиилээн тэрилтэлэр иһитиннэриилэриттэн быһа тардан билиһиннэрдэххэ, Роспотребнадзор Тааттатааҕы салаатын испэсэлииһэ Инна Ноговицына улууска тымныйан ыалдьыы (ОРВИ) ааспыт нэдиэлэҕэ 319 ахсааҥҥа тиийбит. Ол көрдөрүү өссө иннинээҕи нэдиэлэни кытта тэҥнээтэххэ, 119 киһинэн элбээбит. Онон вакцинацияны күүһүрдүөххэ диэн санаатын үллэһиннэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ оскуола оҕолоро уопсай ахсааннарыттан ыалдьыбыт оҕо ахсаана 12 бырыһыан ылан олороро билиннэ. Ол да иһин улуустааҕы үөрэҕирии салаатын начальнига Владимир Кривошапкин бигэргэппитинэн аҕыс кылаас оҕотун уопсай ахсааныттан 20 бырыһыан оҕо ыалдьыбыт буолан, карантиҥҥа олороллор диэн буолла.
Мантан сиэттэрэн, улуустааҕы кииннэммит балыыһа сүрүн бырааһа Сардана Кононова өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ковид ыарыы элбээн эрэрин эттэ. Ол курдук кэнники нэдиэлэлэринэн сыыпппаранан тиэртэххэ, 38-62-85 буола үрдээбит. Онон Сардана Кононова ковид ыарыыта сүппэтэ, сотору кэминэн масочнай режим олохтонуоҕа, элбэх дьону мунньар тэрээһиннэри аҕыйатар наада үөскүөн сөптөөҕүн тиэртэ.
Маны таһынан грипп ыарыытын утары вакцинация (быһыы) ылыытыгар улууска былаан 9548, ол иһигэр оҕото 4548, улахан дьоҥҥо 5000 буоларын, бүгүҥҥү күҥҥэ 1168 оҕо (25.6%), 1233 (24.6%) улахан дьон быһыы ылбыттар. Бу көрдөрүү өрөспүүбүлүкэ көрдөрүүтүгэр тэҥнээтэххэ ортоҕо хапсар. Вакцинация үлэтэ салҕанар. Былаан быһыытынан бу нэдиэлэҕэ Тааттатааҕы лицей, кэлэр нэдиэлэҕэ 1 нүөмэрдээх орто оскуолаҕа ыытыллар.
Улуустааҕы кииннэммит балыыһа кэккэ сылларга каадырынан хааччыллыыга былааннаахтык үлэлиирин сырдатан турабыт. Ону чиҥэтэн Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Тааттаҕа үлэлиир кэмигэр Таатта балыыһалара куорат да балыыһаларынааҕар каадырынан хааччыллыыта үчүгэйин бэлиэтээбитин биллэрбиппит. Онон быйыл эмиэ тус сыаллаах (целевой) үөрэхтээһининэн уонна ыҥырыынан Тыараһаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ сэдэх кардиолог-аритмолог идэлээх терапевт быраас (кини хас чэппиэр аайы Ытык Күөлгэ сүрэх ыарыһахтары көрөр), Ытык Күөлгэ лор-врач уонна хирург (иккиэн целевиктар), идэтинэн үлэҕэ үөрүйэхтээх фтизиатр быраас, 1 сыл стажтаах участковай терапевт, Алдан нэһилиэгэр акушер уонна фельдшер, сиэстэрэ, Баайаҕаҕа акушер, Орто Аммаҕа фельдшер, Ытык Күөлгэ фельдшер-лаборант (целевик), Октябрьскай нэһилиэгэр фельдшер-лаборант, Даайа Амматыгар «Земский фельдшер” программанан фельдшер, уопсайа улууска 14 саҥа испэсэлиис үлэлиэхтэрэ.
Маны таһынан Сардана Владимировна биир үөрүүлээх сонунун иһитиннэрдэ. Баҕардар, сыл бүтүүтэ Тыараһаҕа ФАП тутуута саҕаланыан сөп. Онон Тыараһа баһылыга Прокопий Турнинтан балыыһа тутуллуохтаах сирин, отсыпкатын сыл бүтүөр диэри быһаарарын ирдээтэ.
Улуустааҕы үөрэх салаатын начальнига Владимир Кривошапкин Октябрьскай нэһилиэгин “Аленушка” уһуйаана өрөспүүбүлүкэҕэ биир идэлээхтэр күрэхтэһиилэригэр бастыҥнар ахсааннарыгар киирбитин иһитиннэрдэ.
Халлаан тымныйбытынан Владимир Кривошапкин Ытык Күөлгэ автобус сырыытын саҕалыырга сүбэ наадатын туруоруста.
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы Хаптагаев Михаил Ильич бэйэтэ баҕа өттүнэн үлэлээбит дуоһунаһыттан тохтуурунан, улуус саҥа баһылыгар Айаал Бурцевка салгыы үлэлииргэ кыах биэрэн итэҕэйбитигэр махтанна, Гаврил Сергеевич Кычкины саҥа улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччынан билиһиннэрдэ.
Гаврил Кычкин сарсын, балаҕан ыйын 26 күнүгэр, «Көмүс күһүн» ас-үөл дьаармарката буоларын биллэрдэ. Кини үүтү туттарыыга улууска үбэ-харчыта барыта кэлэн, түҥэтиллибитин, былаан 100 бырыһыан туоларыгар үлэлэһэллэрин иһитиннэрдэ.
Быйыл убаһа төрүөҕэ уопсайынан улуус үрдүнэн 40-45 бырыһыаҥҥа тэҥнэспит, онон эт ас баар буолуо диэн буолла.
ОДЬКХ начальнига Будикин Василий Прокопьевич чох саппааһа уон хонукка баарын, штатнай режиминэн үлэлии олороллорун, Амма нэһилиэгэр хочуолунай тутуутугар бу нэдиэлэ үһүс күнүттэн бары филиаллартан биэстии киһини түмэн, үс сварщиктар биригээдэлэрин тэрийэн, «Сахаспецтранс» тэрилтэтэ техниканан хааччыйан, күүстээх үлэ былааннанарын иһитиннэрдэ.
Амма нэһилиэгин баһылыга Степан Соров Орто Амматааҕы орто анал үөрэх тэрилтэтин интернатын уонна гарааһын тутуу кэмигэр туһаналларын кэпсэтэргэ улуус баһылыгыттан көмө көрдөөтө.
Улуус баһылыга Айаал Бурцев чох саппааһын суол алдьаныытынан сибээстээн хонтуруолга тутуохтарын наадатын санатта.
Уолба нэһилиэгин баһылыга Александр Винокуров Уолба нэһилиэгин культуратыгн дьиэтин хочуолунайыгар техусловие көрдүүллэригэр эппиэт суоҕун эппитигэр ОДЬКХ Тааттатааҕы салаатын начальнига Василий Будикин быһаарыахпыт диэн эрэннэрдэ.
Мунньах улуус баһылыга бу нэдиэлэҕэ ситиһиилээх үлэни баҕарыытынан түмүктэннэ.

Анна Посельская.