Биһиги Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын бүтэрбиппит 50 сыл буолла – көмүс үбүлүөй. Бу улуус биир ааттаах-суоллаах кыһатыгар 1973 сыллаахха 22 буолан, Чурапчы Арыылааҕыттан, Победаттан кэлэн үөрэнэн олох киэҥ аартыгар үктэммиппит.
Бастакы күн улуус киинигэр — Ытык Күөлгэ “Түһүлгэҕэ” кийииттэрдиин, күтүөттэрдиин уонна 8 кылааһынан бүппүт уолаттарбыт кэлэн үөрүүлээх банкет чуораан тыаһа доҕуһуоллаах, ырыа-тойук, үҥкүү-оонньуу – оҕо сааспытын санаан аастыбыт. Тамада Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Марина Федорова салайан ыыппытын бары астынныбыт. Сценарийбытын СӨ култууратын туйгуна, “Саха” НКИХ үлэһитэ С.Х.Элякова-Кашкина суруйбута. Бэйэтэ үҥкүү бэлэхтээх,оҕо сааспытын санатан школьнай формалаах, фартуктаах, бантиктаах киирэн эҕэрдэтин пионердыы чоргуччу этэг барыбытын соһутта даҕаны, үөртэ даҕаны.
Иккис күммүтүгэр Чычымахха баран Амма өрүскэ сөтүөлээн, Өксөкүлээх айымньыларынан оҥоһуллубут скульптуралары астына-сөҕө көрөн, хаартыскаҕа түһэн, саха норуотун улуу суруйааччылара хаампыт кэрэ-бэлиэ сирдэринэн дьаарбайан, ураты чэбдик салгынынан сайа тыынан, күүс-уох ылынныбыт. Саҥа тэриллэр библиотекаҕа үйэлээх кинигэлэри бэлэх хаалларан, саҥа тутуллубут саха балаҕаныгар астына утуйан, оҕобутугар түһэн оонньоон-көрүлээн, дуоһуйан тарҕастыбыт. Саха сирин араас муннугуттан – Дьокуускайтан, Чурапчыттан, Арыылаахтан, Мырылаттан, Өлүөхүмэ Чапаево дэриэбинэтиттэн, Дэбдиргэттэн, Чычымахтан, Чымынаайыттан, Туора Күөлтэн бары үөрэ-көтө мустан дьоллоох оҕо сааспытын, көр-күлүү аргыстаах сопхуоска тигинэччи үлэлээбит эдэр сааспытын, олох суолун булларбыт студеннаабыт кэмнэрбитин санаһан, атах тэпсэн олорон истиҥник кэпсэтэн аастыбыт. Аны күһүн отоҥҥо көрсүһүөх буолан, ким оттуу, ким сайылыкка, сорох сынньана, сиэн көрсө дойдубутугар аттанныбыт, үлэ үөһүгэр оройбутунан түстүбүт. Этэҥҥэ буолаарыҥ дуу, үөлээннээхтэрим…
Автор: Мария Николаева.