Сыбаарка үлэтин худуоһунньук уран үлэтигэр тэҥнииллэр. Олоҥхоҕо да кэпсэнэринэн тимир ууһа улахан ойууну кытары тэҥнээх дииллэр. Онон бу үлэ куруук сыаналанара, кэрэхсэнэрэ саарбаҕа суох.
Онтон Ытык Тааттабыт улууһугар сварщик идэтин баһылаабыт ыччат күн ахсын элбии турара эмиэ да үчүгэй, эмиэ да хомолтолоох курдук. Арай бу эдэркээн уолаттар доруобуйаларын сыбаарка уотугар эдэр саастарыттан сиэтэллэрин көрөн киһи харыһыйа саныыр. Мин саныахпар, бу эйгэни үлэҕэ сыстыгас, үлэттэн толлубат эрэ киһи ылсар буолуохтаах, тоҕо диэн кини элбэх сыраны, бириэмэни эрэйэр.
Мин бүгүн кэпсиир хамаандам «Тимир» — диэн дириҥ ис хоһоонноох, дуорайар ааттаах сыбаарка идэтин баһылаабыт, эрэллээх биригээдэ үлэһиттэрэ буолаллар. Бу биригээдэ хайдах, хаһан үөскээбитин туһунан кылгастык сырдатыам.
Сыбаарка сыралаах үлэтин билбэт киһи, барыта биир кэлимсэ курдук көрөр буолуохтаах, ол эрээри бу үлэ, үөһэ этиллибитин курдук, олус уран, элбэҕи кэпсиир, туһунан устуоруйалаах буолар. Сыбаарка үлэтигэр эмиэ быраас үлэтин кэриэтэ хайысхата олус элбэх. Аны хас биирдии сыбааркалыыр киһи тус туһунан буочардаах буолар эбит. Онтуката уопутурдаҕын ахсын бэйэтин кытары тэҥҥэ тупсан, сайдан, халыҥаан иһэр. Тимири кытары чугастык алтыһан, тапсан, сэҥээрэн ылсар буоллахха, тимир күүһэ бэйэтэ саҥа аартыктары арыйан, сирдээн иһэргэ дылы буолар. Бу көстүбэт ураты күүһү, тимири кытары биир ситимнээхтик алтыһар, таптыыр кэргэним хараҕар — Эрхааммар көрөбүн. Кини үөрэҕин бүтэрээт Таатта улууһугар киэҥник биллибит, биир бастыҥ сварщикка Николай Сидоровка кэлэн алта сыл тухары бииргэ үлэлээн, элбэххэ үөрэнэн, чугастык доҕордоһон, сыбааркатын үлэтин саҕалаабыта.
Николай Сидоров бэйэтэ үлэһит үтүөтэ буолан, олох эдэр сааһыттан ыарахан кэмтэн чаҕыйбакка күүстээхтик, тыастаахтык сыбааркатын үлэтин саҕалаабыт. Кини киһи быһыытынан олус элэккэй, сэмэй киһи буолан эдэри да, кырдьаҕаһы да кытары биир уоспсай тыл булан, олус элбэх киһиэхэ көмөлөспүтүн билэбит. Хайа да түгэҥҥэ быыс, хайаҕас булан, илиитин уунан, уустук боппуруостары быһааран үлэтин тып-тап курдук оҥороро. Эр киһилии хорсун санаалаах, биир тыллаах, сыаллаах-соруктаах, кэмигэр ирдэбиллээх буолан бэйэтин холобурунан эдэр эрчимнээх уолаттарын үлэҕэ кынаттаатаҕа. Бу барыта дьиэ кэргэнин, оҕолорун, сиэннэрин туһугар үлэни сырсан үгүһү ситистэҕэ.
Николай эдэр сааһыттан бэйэтин кыаҕынан дьаныардаахтык үлэлээн, чааһынай тэрилтэ арынан, улахан гараж туттан, кэнчээри ыччатын түмэн, бэйэтин билиитин үллэстэ, эдэркээн уолаттарын тэбис тэҥҥэ илдьэ сылдьан элбэххэ уһуйбутун билэбит. Уолаттара кэпсииллэринэн сарсыарда биэс чаастан саҕалаан сыбааркатын уота ыраахтан сандаарар эбит. Үөрэтэр уолаттарыгар куруук «эрдэһит киһи элбэҕи ситиһэр» — диэн этиилээх биир кэм үлэ үөһүгэр түһэн, биир сиргэ олорбокко, хачыгырыы сылдьар үһү. Кини Таатта улууһугар бастыҥ оһохчутунан биллэр. Ол курдук икки перегородкалаах, улахан оһохтору оҥорон, билигин кини оҥорбут оһохторо тарҕанан, үгүс киһи дьиэтин сылааһынан илгийэ турдаҕа. Ону тэҥэ үтүмэн элбэх үлэтэ Тааттабыт улууһун тупсаран, дьон кэрэхсэбилин ылар. Николай Сидоров кылгас кэм иһигэр үгүс үлэни оҥорон, кини сырдык аатын үйэтитэр утумнааччылардаах буолан, күн бүгүн уолаттар үлэттэн толлубакка, кини үлэтин салҕаан, биригээдэ тэринэн, доҕордоһон, бэйэ-бэйэлэрин үгүскэ үөрэтиһэн, улууспут сайдыытыгар, кэрэ көстүүлэнэрин туһугарүлэлии-хамсыы сырыттахтара.
«Тимир» биригээдэ олохтоохтор баҕаларынан кэрэ көстүүлээх, олорорго табыгастаах, аныгылыы оҥоһуулаах хачыаллары, ыскамыайкалары, сибэкки долбуурун, дьиэҕэ турар ыскааптары, остуоллары оҥорон таһаараллар, маны таһынан дьиэ ититиитин ситимин тардаллар, тыйыс тымныыбытын тулуйар хаачыстыбалаах күрүөлэри, септик емкостарын оҥороллор.
Сыбаарка үлэтэ олус эппиэтинэстээх, уустук үлэ буолар. Аҥардас тимиртэн таҥан үгүс элбэҕи хоһуйан оҥоруохха диэтэххэ саныырга даҕаны уустук курдук. Онтон сыбаарка идэтин баһылаабыт «Тимир» биригээдэ уолаттара сарсыардаттан мустан, тимир тыаһын дьиэрэтэн, кырачаан гаражтарыгар кэлбиттэрин тутатына бэлиэтии көрөҕүн, дьэ уонна күн иллэҥэ суох түбүккэ түһэллэр.
«Сыбаарка идэтэ төһө да уустугун иһин, олус интириэһинэй үлэ» — диэн уолаттар санааларын үллэстэллэр. Онон Николай Сидоров кэскилэ сайдарын туһугар үйэлээх дьыаланы оҥорон барбыт диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Мындыр киһи үтүө сүбэтинэн түмпүт «Тимир» биригээдэ уолаттарыгар айымньылаах, таһаарыылаах үлэҕит куруук айхаллана, дьону үөрдэ туруохтун диэн баҕа санаа алгыһын тиэрдэбит!
Уруйана.