Таптал. Эрэл. Итэҕэл сылыгар үс кинигэ сүрэхтэннэ

Итэҕэллээх киһи көнө сүрүннээх,  бөҕө тирэхтээх.

Б.Ф. Неустроев — Мандар Уус «Барҕа санаам, сүбэ тылым» кинигэтиттэн.

Быйыл Таатта улууһугар биллэриллибит Таптал. Эрэл. Итэҕэл сыла Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылын бииргэ ситимниир, киэҥ ис хоһооннуур, дириҥ суолталыыр.

Ханнык баҕарар норуот бигэ итэҕэллээх буоллаҕына түмсүүлээх, инники сайдар суола кэскиллээх, уһун үйэлээх буолар.

Норуоттар икки ардыларынааҕы тыл күнүгэр Таатта улууһугар үүммүт сылга анаммыт саха норуотун төрүт Итэҕэлин тула аһаҕас кэпсэтии киэҥ түһүлгэтэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.

«Таатта улууһа» МО Аҕа баһылыга Айаал Бурцев норуоту сомоҕолуур, төрүт итэҕэлгэ анаммыт кэпсэтии түһүлгэтэ үтүө түмүктээх буоларыгар аан тылы этиититтэн дьон-норуот күүппүт тэрээһинэ саҕаланна.

Тэрээһин маҥнайгы күнүгэр «Саха интеллигенциятыгар саҥа сурук» (Анатолий Алексеев, Андрей Борисов, Николай Лугинов, Иван Николаев, Петр Захаров), «Противостояние» (Иван Игнатьевич Николаев), «Судьуйа аараан аартыктара» (Игорь Игнатьевич Николаев) кинигэлэрин тула дьоһун кэпсэтиини Тааттатааҕы кииннэммит библиотекаттан Светлана Игнатьева иилээн-саҕалаан ыытта.

Норуот инники кэскилин түстүүр кэпсэтии түһүлгэтигэр «Таатта улууһа» МО баһылыга Айаал Бурцев, СӨ Судаарыстыбатын сүбэһитэ, геокультура сайдыытын институтун дириэктэрэ Андрей Борисов, Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын сүбэһитэ Игорь Николаев, Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев көмөлөһөөччүтэ, суруналыыс Иван Николаев, СӨ Ил Түмэн дьокутаатын көмөлөһөөччүтэ Петр Захаров,  Ийэ тылы сайыннарыыга үлэлэһэр Агафья Захарова кыттыыны ыллылар.

Өр сылларга култуура уонна духуобунас сайдыытыгар сүдү кылааты киллэрбит Андрей Борисов Таатта улууһугар Таптал. Эрэл. Итэҕэл сыла сөптөөхтүк ылыныллыбытын этэн туран,  орто туруу бараан дойдуга таптала, эрэлэ, итэҕэлэ суох норуот тирэҕэ суоҕун, «Таатта — айар кут уйата» буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кини кинигэ сүрэхтэниитин киирии тылыгар саха Саарына А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй суруйбут ньыматыгар олоҕуран суруллубут, төрөөбүт норуотугар анаабыт суругун үрдүктүк сыаналаан, сүгүрүйэн туран, аныгы көрүүнэн суруллубут «Саха интеллигенциятыгар саҥа суругу», норуот өйүгэр-санаатыгар саха чулуу дьоннорун, классик суруйааччылар сырдык ааттарын төнүннэрии дьиҥ историятын сэгэтэн көрдөрөр «Противостояние» («Туруулаһыы»), норуот дьылҕатыгар сүдү суолталаах М.Е. Николаев  норуоту салайар кэмин биллибэт чахчыларын арыйар, үлэтигэр бэриниилээх судьуйа ахтыыларынан сэһэргиир «Судьуйа аараан аартыктара» кинигэлэри кылгастык сырдатта. Ону тэҥэ саха омукка анаммыт саҥа сурук таһыгар бастыҥ уруһуйдьут Афанасий  Осипов хартыыната киирбитэ – ат – култуура бэлиэтин туоһута, Өксөкүлээх Өлөксөй атын үйэни уҥуордаан көрө турар хартыыната элбэҕи этэрин, үгүһү сэһэргиирин сырдатта.

СӨ Ил Түмэн дьокутаатын көмөлөһөөччүтэ Петр Захаров Ытык Тааттаттан саха омук инники кэскилин түстээбит, хайа да дойдуга тиийдэххэ Өксөкүлээх Өлөксөй, Былатыан Ойуунускай, Алампа курдук уһулуччулаах улуу дьон ааттарын, норуот туһугар оҥорбут үтүө дьыалаларын мэлдьэһэр киһи суоҕун, хас биирдиибит кинилэр ааттарынан киэн туттарын биллэрдэ.

Дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥ өйү-санааны саҕар суруналыыс Иван Николаев саха норуотугар туһалаах биэс ааптардаах саҥа сурук үгүс киһи санаатын истэн, кэмэ суох ырытыһыы кэннэ суруллубутун, саха классик суруйааччыларын аатын тилиннэриигэ, төрөөбүт норуоттарыгар төнүннэриигэ күүскэ үлэлэспитин сэһэргээбитэ түһүлгэ кыттыылаахтарын киэҥ сэҥээриилэрин ылла.

Идэтигэр толору бэриниилээх, сахалыы дириҥ толкуйдаах судьуйанан үлэлээбит Игорь Николаев суруйбут кинигэтигэр төрөөбүт норуотугар сүдү кылааты киллэрбит, Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ М.Е. Николаевы кытары биир санаанан салайтаран үлэлээбит историятын, үгүс туруулаһыыны ааспыт умнуллубат чахчылары сырдатта. Кинигэ ааптара: «Саха олоҕун билэр, киһини таптыыр судьуйа көрбүт дьыалата кырдьыктаах», — диэн бигэ санаатын эттэ.

Ийэ тыл сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрсэр Агафья Захарова саха омук төрөөбүт тылынан, итэҕэлинэн аҕыйах ахсааннаах «пассионарнай»  омугунан, онтон Өксөкүлээх Өлөксөй — «пассионарнай личность» (passionner — «увлекать, возбуждать, разжигать страсть») буоларын билиһиннэрдэ. Саха норуота Сибиир үрдүнэн өйгө тутар ураты дьоҕурдаах, олоҥхону араас көрүҥүнэн толорор, уһулуччу талааннаах, уус тыллаах омук ахсааныгар киирэрин, ааспыт үйэлэргэ улуу олоҥхоһуттарбыт «ушедшие безымянные» (ааттара биллибэккэ хаалбыт) кэккэҕэ киирбитин сырдатта. Билигин биһиги норуоппутугар туттуһуллуохтаах үгэстэрбит олохсуйан хаалбыттарын бэлиэтээтэ. Агафья Захарова Саха диэн сүдү омук буоларын быһыытынан хас биирдии киһи омук өйүн-санаатын уһун тыынныырга үлэлэһиэхтээх соругу туруорда. Өксөкүлээх Өлөксөй сахаҕа анаабыт суругун курдук «саҥа сурук» сырдык сулус курдук ыҥырыа, угуйуо» диэн санаатын үллэһиннэ.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр педагогическай билим хандьыдаата Изабелла Сивцева Өксөкүлээх Өлөксөй суруйуутун «Саха интеллигенциятыгар саҥа суругу» кытары дьүөрэ тутан, төрүт дьарык симэлийиитин уопсастыба түөрт араҥатыгар арааран, оччотооҕу кэмҥэ Өксөкүлээх суруга уопсастыба ханнык араҥатыгар ордук дьайбытын, презентация быһыытынан көрдөрөн, тэҥнээн ырытта. Бэйэтин кэмигэр бэчээттэнэн тахсыбыт саҥа сурук бүтүн норуоту түмүөхтээх диэн тус санаатын эттэ.

А.И. Софронов – Алампа аатынан Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын учуутала Н.Д. Ефремов ааптар И.И. Николаев «Туруулаһыы» кинигэтигэр Георгий Башарин 30-с сыл дьалхааннаах кэмигэр үс саха реалист-суруйааччытын аатын тилиннэриигэ дьүккүөрдээхтик турууласпытын, кинигэ нууччалыы тылынан суруллан, үгүс ааҕааччыны тардарын, история суруллубатах чахчылара ойууламмыттарын бэлиэтээтэ. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар анаммыт дьоһун кинигэ Георгий Башарины личность быһыытынан толору арыйан көрдөрөрүн, хас биирдии киһиэхэ тиийимтиэтик суруллубутунан, саха омук ыччатын өйө-санаата сайдарыгар улахан сабыдыаллаах таһаарыынан буолар диэн үрдүктүк сыаналаата.

«Таатта» хаһыат сүрүн редактора Анна Посельская «Судьуйа аараан аартыктара» (Игорь Николаев) кинигэни аатыттан саҕалаан, аараан диэн тыл киэҥ-куоҥ, тыастаах-уустаах суолталааҕын, онтон аартыкхайаны дабайан уҥуордуур суол, киэҥ айан суолун төрдө буоларын сиһилии быһаарда. Айымньы аата дириҥ толкуйга сирдиириттэн сиэттэрэн, Игорь Николаев киэҥ көрүүлээх судьуйа буолара өтө көстөрүн бэлиэтээтэ. «Киһи киһиттэн байарын» курдук үс түһүмэхтэн турар кинигэ түгэх санаата өс хоһоонунан, улуу дьоннор бэргэн этиилэринэн табыгастаахтык бэриллэн, ааҕааччыны умсугутар, Ийэ баай тылын-өһүн иҥэрэр аналлааҕынан сөхтөрөрүн ырытта. Ахтыыларга ааптар Аан дойду таһымыгар үлэлээбитэ, иитиллибит үтүө эйгэтэ, дьоһун дьонун сабыдыала көстөрүн кэрэхсэбиллээхтик билиһиннэрдэ. Кинигэҕэ судьуйа ааҕааччыны киэҥ санааҕа сирдиир ураты күүстээҕин, үтүө санаалаах судьуйа дьэҥкэтик «көрөр харахтааҕын» туоһулуурун бигэргэттэ.

Улуу дьоммут түөлбэлээн үөскээбит Ытык сирдэригэр, Айыы аймаҕын өйүн-санаатын сомоҕолуу түмэр кинигэ сүрэхтэниитин дьоһун түһүлгэтигэр уһуну-киэҥи толкуйдатар үгүс бөлүһүөктүү санаа этилиннэ.

Хас биирдии кыттааччыны үс кинигэ тула кэпсэтии суруллубатах чахчылары  арыйан, үтүмэн үгүс санааны сахта, ыллыктаах санааҕа сирдээтэ.

Мария Павлова.

Читайте дальше