Кэлэр кэнчээрилэри Ийэ дойдуну таптыырга, бэриниилээх буоларга иитии оҕо личность быһыытынан сайдарыгар улахан оруоллаах.

Төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу бөҕө туруктаах, бигэ тирэхтээх Судаарыстыба үөскүүрүгэр, сиэр-майгы өттүнэн сайдыылаах уопсастыба тэнийэр сүрүн тирэҕинэн буолар. Бу барыта төрөөбүт норуот историятын билииттэн, төрүт култуураны тилиннэрииттэн, үйэтитиигэ үлэни тэрийииттэн, дьиэ кэргэҥҥэ, уһуйааҥҥа, оскуолаҕа иитии-үөрэтии үлэтэ хайдах ыытылларыттан быһаччы тутулуктаах. Норуот сүдү күүһэ – сомоҕолоһууга, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга сытар. Ханнык баҕарар норуот күүстээх санаалаах кэнэҕэски кэнчээрилээх, үөрэҕи үрдүктүк тутар ыччаттаах, үлэни өрө тутар хорсун дьонноох, Ийэ дойдуга бэриниилээх буоллаҕына самныбат саргыланар, өлбөт үөстэнэр. Бөлүһүөк Фрэнсис Бэкон: «Ийэ дойдуга таптал дьиэ кэргэнтэн саҕаланар» диэн бэлиэтээн турар. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕо өйсанаа, сиэр-майгы өттүнэн сайдар бастакы олуга ууруллар.

2019 с. Саха сиригэр патриотическай тыыҥҥа иитэр «Эдэр Карбышевтар» оҕо хамсааһына тэриллибитэ. Сонун хамсааһын сүрүн сыалынан төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитиини таһынан Аҕа дойду улуу сэриитигэр сураҕа суох сүппүт саллааттар сырдык ааттарын тилиннэрэр, көрдүүр-чинчийэр үлэҕэ кыттыы буолар.

2021 сыллаахха Таатта, Чурапчы уонна Амма улууһун үөрэнээччилэрэ «19 биригээдэ» аатын сүгэн, Новгород уобалаһыгар көрдүүрчинчийэр үлэни саҕалаабыта. Этэрээт араас таһымнаах патриотическай тыыҥҥа иитэр тэрээһиҥҥэ кыттан, киэҥ билиини-көрүүнү хаҥатар араас экскурсияларга, быыстапкаларга, түмэллэргэ сылдьан, «Эр санааланыы» көрсүһүүлэригэр кыттыбыттара. «19 биригээдэ» көрдүүр-чинчийэр үлэтэ Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр 500 киһилээх Дьохсоҕон нэһилиэгиттэн 236 саллаат кыргыһыы толоонугар барбыта. Онтон 18 хорсун саллаат Ильмень күөл кыргыһыытыгар кыттыбыта. 2022 сыллаахха «Эдэр Карбышевтар» кэккэлэригэр киирбит А.Е. Кулаковскай аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Айтал Попов, Арсен Матвеев, Ангелина Попова, Максим Попов уонна «Эдэр Карбышевтар» байыаннайпатриотическай кулууп салайааччыта Нюргуяна Михайловна Лебедеваны кытта Новгород уобалаһыгар «Вахта Памяти» бырайыакка ыҥырыллыбыттара. Этэрээт кыттыылаахтара түөрт күннээҕи бэлэмнэнии кууруһун ааһан, Старай Русса аннынааҕы Рамушево дэриэбинэҕэ сураҕа суох сүппүт саллааттары көрдүүр, история чахчыларын тилиннэрэр чинчийэр үлэҕэ туруммуттара. Манна Дьохсоҕон оскуолатын үөрэнээччилэрэ эйэлээх олох иһин тыыннарын толук уурбут хорсун буойуттар суолларын тэлэн, история тыынын ылан, илэ харахтарынан көрөн, Ийэ дойдуларынан, биир дойдулаахтарынан саллааттарынан киэн туттар санаалара өссө күүһүрбүтэ. Кинилэр Ильмень күөл кыргыһыытыгар охтубут биир дойдулаахтарыгар чугас дьоннорун ааттарыттан Ийэ буордарын илдьибиттэрэ уонна Таатта улууһун оскуолаларын альбом-рапортарын илдьэн туттарбыттара.

Үө р э н э э ч ч и л э р С т а р а й Руссаҕа Хотугулуу Арҕаа фронт түмэлигэр сылдьан, саха маастара сэлии муоһуттан Ильмень күөл кыргыһыытын нарылаан оҥорбут оҥоһугун, өбүгэ саҕаттан саха омук үгэс быһыытынан туруорар сэргэтин, саха саллааттарыгар анаммыт мемориалы кэрэхсии көрбүттэрэ, Якутская аатынан уулуссаҕа сылдьыбыттара. Этэрээт кыттыылаахтара Ильмень күөл кыргыһыытыгар саха саллааттара илдьэ киирбит 19, 20, 21 хайыһар биригээдэлэрин знамяларын илдьэ кэлбиттэрэ. Ол курдук билигин 19 биригээдэ знамята Чурапчыга, 20 хайыһар биригээдин знамятын куоппуйата Тааттаҕа, 21 хайыһар биригээдэтин знамята Аммаҕа үйэлээх өйдөбүл буолан тураллар. Дьохсоҕон оскуолатын үөрэнээччилэрэ аҕалбыт 20 хайыһар биригээдэтин знамятын куоппуйата уонна хаһыылартан булуллубут экспонаттар билигин «Албан аат» түмэлигэр хараллан тураллар.

Дьохсоҕон оскуолата ону таһынан, 2008 сыллаахха Нюргуяна Михайловна «Тыыннаах куоластар» диэн Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылаахтарыттан историяны сэһэргиир ахтыылары хомуйар сонун бырайыагы саҕалаабыта. Бырайыак үлэҕэ киирэн, үөрэнээччилэр 1 дойдулаах сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр сылдьан, сыаналаах видеонан интервьюлары ылбыттара. Оҕолор уопсайа 49 ахтыы-интервьюну уһулбуттара. Ол курдук биир уоттаах сэрии кыттыылааҕын, 20 тыыл бэтэрээнин, 28 сэрии сылын оҕотун ахтыытын хомуйбуттара. Историяны сырдатар матырыйааллар оскуола YouTube-ханаалыгар https://youtu.be/0WGndwFgMZc киирбиттэрэ, СD уһуллубуттара, Кыайыы 75 сылыгар бэчээттэммит кинигэҕэ тиһиллибиттэрэ.

Ол курдук Ытык Таатта кэлэр кэнчээрилэрэ ааспыт кэм чахчыларын үөрэтэн, үйэтитиигэ үлэлэһэн бэйэлэрин кылааттарын киилэрэллэр.

Нюргуяна ЛЕБЕДЕВА.

Читайте дальше