Биһиги улууска кыахтаах, бары кыһалҕабытын быһааттарар тумус туттар тэрилтэлэрбититтэн биирдэстэрэ “Тааттаавтодор” буоларын бары билинэбит, киэн туттабыт.
Бу күннэргэ “Тааттаавтодор” тэрилтэ 2021 сыллаахха атыыласпыт биир чааска 80 туонна асфальт булкудаһыгын таһаарар кыамталаах АБЗ (асфальто-бетонный завод) көмөтүнэн улууспут киинигэр Ытык Күөлгэ Былатыан Ойуунускай аатынан уулуссабытын асфальтаан эрэр. Толору автоматизациялаах собуокка начальнигынан бэйэбит оҕолорбут Федоров Алексей Алексеевич, операторынан Петров Сергей Владимирович үлэлии сылдьаллар.
Омос көрүүгэ, бэлэм суолга массыына кэлэн, собуокка оҥоһуллубут булкудаһыгы кутар, ону массыына биир кэлим гына үстүү миэтэрэнэн түһэрэн сыҕарыйан иһэр, кэнниттэн «Каток» массыына дэхсилиир – көбүс көнө суол бэлэм. Бу үтүө сонун бу күннэргэ «Таатта» хаһыат телеграм канаалыгар тиһиллэн, тарҕанна.
Бу үтүө сонун «Таатта» хаһыакка суруллан, Таатта улууһун киинигэр саха норуотун улуу уола Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар ыччаттарбыт кини аатынан суолу асфальтаабыттара диэн дорҕоонноохтук иһиллиэ, өс хоһооно буолан киэргэтиллэн, ыччаттарбыт ааттара улуус историятыгар тиһиллиэ. Асфальт оҥорор учаастагы ХИФУ автодорожнай салаатын бүтэрбит Дмитрий Николаев салайан үлэлэтэр. Бу бириэмэҕэ кини лаппа үлэтигэр үөрүйэхтэри иҥэриммит, дьоһун салайааччы. Кини асфальтовай собуотунан уонна суолу оҥорор уолаттардыын 12 үлэһити салайан үлэлэтэр.
Күн бүгүн асфальт суол Кыайыы болуоссатыгар чугаһаабыт , олус да бэрт буолсу, сынньалаҥ да айан күүтүүһү, быыл да суох буолар – барыта дьон туһугар. Эдэркээн оҕолорбут үлэлэрин астына көрө турдахпына, сибилигин кутуллубут инчэҕэй, ип-итии асфальт үрдүнэн массыыналарбыт сүүрдэн киирэн бардылар. Уолаттар туруорталаабыт хааччахтыыр суол бэлиэлэрин көрө да барбаттар!
Оттон бу сүҥкэн элбэх, кытаанах үлэ түмүгүн көстүүтэ диэн толкуй киирбэт муҥа буоллаҕа…
Быһа тардан билиһиннэрдэххэ, суолу асфальтааһын үлэ инники бэлэмнэнии үлэтэ хара баһаам буолуоҕун киһи сэрэйэн да билиэн курдук.. Кыһын Кэрдэм карьерыттан Ытык Күөлтэн 350 килэмиэтир тэйиччи сиртэн щебенка таһыллыбыт. Асфальт оҥорорго анаммыт булкудаһыгы оҥорорго битум диэн састаабы Новосибирскай куораттан сакаастаан аҕалаллар. Онно отсев буккуллар, ону эмиэ тиэйэн аҕалыахха наада. Ол састааптары автоматизациялаах собуот АБЗ тигинэччи үлэлээн, оҥороругар электроэнергия ороскуота, газойл диэн састаабы Ачинскайтан сакаастаан аҕалтарыы, оҥоһуллуохтаах суол төрдүн цеменинэн оҥоруу, асфальты кутуох иннинэ аппатын, дьааматын көннөрүү, өрөмүөннээһин, уунан кутуу, быылын хаптатыы, ол эрэ кэнниттэн дьэ кыраһыабай гына суолу кутуу барар. Булкудаһык (смесь) кутуллубутун кэннэ Каток массыына дэхсилиир, куурдар. Ол кэннэ саатар чаас кэнниттэн дьэ сырыы буолуон сөп.
Асфальт кутар массыынаны ( асфальтоукладчик) ”Тааттаавтодор” 2021 сыллаахха . оттон икки үлэлии сылдьар “Каток” массыыналары 2022 сыллаахха атыыласпыт. Маны таһынан 25-тии туонна уйуктаах “ШАХМАН” 2 асфальты таһар массыыналар үлэлииллэр.
Асфальт суолу Ытык Күөлгэ оҥоруу быйылгы былаана 3 килэмиэтир 100 миэтэрэ, онтон асфальтанара 1 килэмиэтир 700 миэтирэ. Билигин Ойуунускай уулуссатыгар ОДЬКХ аттыттан Ленин уулуссатыгар тиийэ оҥоһуллар. Эбиитин Өксөкүлээх уулуссатыгар тахсар былааннаахтар.
Манна Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иван Иванович Бочонин салайааччылаах “Тааттаавтодор “тэрилтэ асфальтовай собуоту үлэлэтэр биһиги улууска соҕотоҕун эмиэ бэлиэтиир тоҕоостоох. Бу барыта тэрилтэ кэскиллээхтик, таһаарыылаахтык үлэлиирин туоһута.
Киһи айылҕатынан сороҕор баары баадылаабат , сыаналаабат үгэстээх. Ол эрэн улахан үлэ сыранан- сылбанан кэлэрин умнумуоҕуҥ. Дьоммут биир өрөбүлэ суох кыһыннары- сайыннары туруулаһар үлэлэрин сыаналыаҕыҥ , кэскиллээх өс хоһооно гыныаҕыҥ, саҥарар саҥабыт дорҕоонун күүстээх үлэ хайҕалыгар, киэн туттуутугар, харысхалыгар туһаайыаҕыҥ.
Видео You Tube: https://youtu.be/hFrJRVbEEDk
Автор: Анна Посельская