Бэс ыйын 22 күнэ Аҕа дойдуну көмүскээччилэри саныыр уонна ахтар күн. Бу күн 1941 сыллаахха Германия Советскай Союзка сэриинэн киирбитэ уонна түөрт сыл иһигэр мөлүйүөнүнэн дьон олоҕун быспыта, кѳммѳт дьылҕалаабыта.
Ытык Күѳл киинигэр Быраттыы Алексеевтар ааттарынан уулусса баар. Кинилэр түѳрт бииргэ тѳрѳѳбүттэр сэрии маҥнайгы күннэригэр утуу-субуу ыҥырыллан 1942 сылга диэри иннэ-кэннэ биллибэт будулҕан кэмигэр, уот сэрии адьарай айаҕыттан мүччү кѳппѳтѳхтѳрѳ…
Бырааттыы Алексеевтартан саамай улаханнара Алексеев Василий Дмитиревич буолар, киниттэн эрэ биир хаартыска ордон хаалбытын билигин сыдьааннара кѳмүстээҕэр күндүтүк туталлар. Кини Старай Русса анныгар братскай кѳмүүгэ харалла сытарын үрдүкү байыаннай сэбиэт бигэргэтэн турар. Онтон Егор, Николай уонна Петр араас сиргэ уҥуохтара хараллыбытын дуу, суоҕун дуу чахчытын араас суруйуулар бааллар.
Бүгүн дьоруой Алексеев Василий Дмитриевич сыдьааннара, сиэннэрэ, хос уонна хос-хос сиэннэрэ эҺэлэрин ааттарын сүгэр уулуссаҕа тиийэн ѳйдүүллэрин, саныылларын, умнубаттарын биллэрдилэр. Буойуттартан соҕотох хаалбыт кыыс Неустроева (Алексеева) Мария Васильевна билигин Ытык Күѳлгэ олорор, эйэлээх олоҕу ођолоро, сиэттэрэ айамньылаахтык туталарыттан сэмээр
Хаартыскаларга: саллаат Алексеев Василий Дмитриевич кэргэнинээн Александралыын, кыыҺа Машалыын
Мария Васильевна ођолоро сиэннэргэ, хос сиэттэргэ Алексеевтар тустарынан кэпсииллэр.
Александра Прудецкая.