«Боотур» этэрээт байыастара байыаннай дьайыыга бардылар

Айанныахтарын иннинэ кинилэри Афганистан бэтэрээннэрин Россиятааҕы сойууһун Саха сиринээҕи салаатын председателэ Валерий Лютый уонна Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэннэрин Саха сиринээҕи комитетын салайааччыта Марина Бахилина атаардылар.

Кинилэр байыастарга бэйэлэрин харыстаналларыгар, биир дойдулаахтарын көрө-истэ сылдьалларыгар, тыыннаах уонна кыайыылаах төннөллөрүгэр баҕа санааларын эттилэр. Кырдьаҕас саллаат быһыытынан сүбэлиэм этэ: кылаабынайа, дьиссипилиинэни тутуһуҥ, хамандыыргытын истиҥ уонна бэйэ-бэйэҕитин өйөһүҥ. Баҕарыам этэ, бука бары доруобай уонна тыыннаах эргиллэргитигэр. Саарбаҕа суох, бу дьайыы биһиги кыайыыбытынан түмүктэниэҕэ, – диэтэ байыастарга Валерий Лютый.

Маны сэргэ, байыастар президент Владимир Путин укааһынан тэриллибит «Защитники Отечества» фонда Саха сиринээҕи филиалын үлэһиттэрин кытта көрүстүлэр. Марина Бахилина бэлиэтээбитинэн, фондаҕа билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэттиир олус наадалаах үлэ оҥоһуллар. Чуолаан манна байыаннай дьайыыттан эргиллэр байыастарга элбэх өрүттээх көмө оҥоһуллар, үп-харчы өйөбүлүттэн саҕалаан баран, уйулҕаларын эмтээһинигэр тиийэ. Бу оҥоһуллар үлэ наадалааҕын ыйан туран, Бахилина, маны тэҥэ, бүтэһик 25 сылга дойдуга үтүө уларыйыылар тахсыбыттарын бэлиэтээтэ. 90-с сыллары кытары тэҥнээтэххэ, Россия бүгүн олус күүскэ үтүө өрүккэ уларыйда. Экономика сайынна, дьон-сэргэ эрэлэ күүһүрдэ уонна дойдуларынан киэн тутталлара улаатта.

 

Читайте дальше