Дэли кырдалыгар ыһыах күн

(Е.Д.Андросовка Анабыл ыһыах)

Былыр-былыргыттан дойду сураҕа, алаас аата дьоннорунан буолар. Ити муударай өс хоһооно билигин өссө дириҥээн, кэҥээн иһэр. Кырдьаҕас Баайаҕа сиригэр-уотугар төрөөн-үөскээн тахсыбыт улуу Айанньыт Арассыыйа Бүөтүр, күн ыраахтааҕы сэриитигэр кыттыбыт Муос Уйбаан, сахалартан бастакы идэтийбит разведчик Георгий Андросов, саха балетын бастакы балетмейстера Иннокентий Христофоров уо.д.а. тустарынан билигин кэрэ кэпсээн дьон-норуот ортотугар киэҥник тарҕанар. Кинилэри кытта тэҥҥэ тутан, саха былыргы олоҕун, кырдьыктаах историятын үөрэппит, чинчийбит, тилиннэрбит кыраайы үөрэтээччи Егор Дмитриевич Андросов аатын киэн тутта ааттыыбыт.

Кини кимий диэн оҕо-дьон өттүттэн ыйытааччы эмиэ баар буолуон сөп. Ити сиэрдээх ыйытыы.

Егор Дмитриевич Андросов өрөсбөлүүссүйэ кэнниттэн, гражданскай сэрии тыына уҕараан эрдэҕинэ, Кутаама үрэх баһыгар Сөксөлгө күн сирин көрбүтэ. Олох будулҕаныгар буолан, былыргы сэһэни-сэппэни сэргээбэт, саҥа олоҕу тутар «һуу-һаа» кэмигэр, кыра уол Дьөгүөр ытык кырдьаҕастар кыһыҥҥы киэһэлэргэ кэпсиир сэһэннэрин, үһүйээннэрин, кэлэр-барар үөрэхтээх дьоннор этиилэрин болҕойон истэрэ, өйүгэр хатаан кэбиһэрэ. Дьэ, ити хаһаас билии кэмэ кэлэн, аана аһыллан, саха омугар сыаналаах матырыйаал буолан таҕыста. Егор Дмитриевич оҕо сылдьан истибитин кэлин архыып матырыйаалларынан, докумуоннарынан бигэргэтэн, суруйан-бичийэн, кинигэ оҥорон таһаарбыта.

Биһиэхэ, баайаҕаларга, сыһыаннаан эттэххэ, Байаҕантай улууһун I Игидэй, Таатта оройуонун кытта холбоһон баран, Баайаҕа-Игидэй нэһилиэгин ийэ-аҕа уустарын үөрэппитэ, биллэр-көстөр дьоннорун сырдаппыта, «Баай аҕа ууһа – Баайаҕа» диэн кинигэни бэчээттэппитэ. Итинтэн сэдиптээн, нэһилиэккэ үөрэхтээһин эйгэтигэр национальнай концепция киириитигэр Баайаҕа оҕолоро кимтэн кииннээхтэрин, хантан хааннаахтарын торумнаан билэр этилэрэ. Итиннэ үйэтитиигэ хорутан үлэлээбит Татьяна Игнатьевна Андросова үтүөтэ улахан.

Баайаҕа нэһилиэгин быйылгы Үрүҥ Тунах ыһыаҕын  биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, этнограф, худуоһунньук, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култууратын туйгуна, Таатта улууһун, Баайаҕа нэһилиэгин  бочуоттаах олохтооҕо, Баайаҕа нэһилиэгин Ытык Саарына Егор Дмитриевич Андросов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан, «Үрэхтэн, алаастан тардыһан…» ийэ-аҕа уустарын түмэр түһүлгэлэрин ыыттыбыт.

Ыһыах күн быйаҥнаах, илгэлээх ардах ибиирэн, мотуок-солко мутукча чээл гына түстэ, сибэккилээх кырдал сибис гына түстэ. Дэли кырдалыгар ыраахтан-чугастан ыалдьыт бөҕө тоҕуоруста, аймэх-билэ дьон көрсөн үөрүү үрдэ өрөгөйдөөтө.

Ыһыах сиэрин-туомун толорон, арчыһыттар түһүлгэни эргийдилэр, ыраастаатылар,  Алгысчыт Айыылартан көрдөһөн, аал уотун айах тутта,   нэһилиэк кинээһэ Александр Романович Романов ыһыах кымыһын охторон, кымыстаах чороонун Мэҥэ халлааҥҥа уунан, Ийэ сирин аһатан, «Уруй-туску! Айхал-мичил!» диирин кытта, ыһыах ыалдьыттарын саамал кымыһынан айах туттулар.

Ытык киһибит, биир дойдулаахпыт Егор Дмитриевич Андросов «былыргы дьыл быдан мындаатыгар, урукку дьыл кулан уорҕатыгар» төрөөн-үөскээн олорбут өбµгэлэрбитин суруйан хаалларан, ыһыах биир уратытынан  ийэ-аҕа уустарынан сэлэлии хаамыы буолла.

Убайдарын аатын үрдүктүк тутан, хаан-уруу аймахтара кэлбиттэриттэн бары үөрдүбүт. Ол курдук Яков Ананьевич Ефимов кэргэнинээн, кыра кыыһынаан, Екатерина Николаевна Луковцева, кыыһа Парасковья дьиэ-кэргэнинээн, Петр Петрович Максимов, Гаврил Гаврильевич Андросов, Мария Егоровна Бондарева, Клара Егоровна, Ион Афанасьевич Поповтар, ону таһынан Егор Дмитриевиһи кытта алтыһан бииргэ үлэлээбит, кини Улуу дьыалатын салҕааччылар, тэнитээччилэр Татьяна Игнатьевна Андросова, Изабелла Александровна Сивцева, Маргарита Арисовна Попова кыттыыны ыллылар.

Дьоһун түһүлгэ биир умнуллубат түгэнинэн краевед, үйэтитии энтузиаһа Татьяна Игнатьевна Андросова өрөспүүбүлүкэ дьоһун наҕараадатын «Гражданскай килбиэн», «Арассыыйа бочуоттаах бэтэрээнэ» бэлиэлэри уруй-айхал ортотугар П.П.Максимов, М.А.Попова туттарыылара буолла.

Ыһыах дьонун үөрүүлэринэн Потаповтар халыҥ аймахха бырааттыылар Семен уонна Парасковья, Георгий уонна Марита Потаповтар ыал буолбуттара 50 сылынан Ил Дархан А.С.Николаев уонна нэһилиэк Аҕа баһылыга А.Р.Романов эҕэрдэлэрин, бэлиэлэрин туттулар. Ыһыах күнүгэр А.Р.Романов нэһилиэк наҕараадаларын уһулуччу көрдөрүүлээх үлэһиттэргэ, уустарга туттарда, бар дьон үөрүүтүн үксэттэ.

Ыһыах сиэринэн, ырыа-тойук, үҥкүү-битии оройуттан тутулунна. «Баайаҕа боотура» многоборьеҕа сытыы киирсии кэнниттэн Кылаан кыайыыны Михаил Попов ылла, убаһанан наҕараадаланна. 2-с Стас Белолюбскай, 3-с Владимир Неустроев буоллулар. «Баайаҕа боотура» многоборьеҕа сыаналаах бириистэри туруорбут дойдубут үлэһит уолаттарыгар Иван Владимирович Матаннановка, Ариан Георгиевич Потаповка, Роберт Владимирович Андросовка, Геннадий Афанасьевич Мандаровка махтал тылларын этэбит.

Быйылгы ыһыахха «Мандар Уус» саха олоҕун кэлим түмэлэ «Оҕо саас оонньуулара» түһүлгэни тэрийэн, кыра кыттааччылар мас тардыһыытыгар, хапсаҕайга, уһун суһуохха, сахалыы мааны таҥаска, остуол оонньууларыгар күрэхтэстилэр. Бэрт сэргэх хапсыһыылартан Дэли кырдала ньиргийэн олордо.

«Төрүччүм-төлкөм төрдө» түһүлгэни Андросовтар ааттарынан нэһилиэк мусуойа (сэб. Галина Иннокентьевна Неустроева) тэрийдэ. Төрүччүнү үөрэтиигэ утумнаахтык холонор дьоннор көхтөөхтүк кытыннылар. Варвара Ивановна Сатанар аҕатын Иван Николаевич Неустроев өттүнэн Ньукулаайабыстар төрүччүлэрин үөрэтэн, 900-ча киһини булан, компьюторга киллэрбит, кэпсииргэ анаан, көрдөрөр истиэндэ оҥорбут. Лицей дириэктэрин үгүс түбүгүн быыһыгар Изабелла Александровна Сивцева Балапааттарынан аймахтарын 700-кэ киһини булбут, систиэмэлээбит, «сылдьыбыт сыыһы булар», «отонноотоххо оҥоойук туолар» дииллэрин курдук, тугу булбутун муспута, сыалай үлэ буолбут. Мира Николаевна, Николай Николаевич Луковцевтар  өбүгэлэрэ Таҥхай Ородьумаан оҕолорун суолларын тордоон, улахан үлэни оҥорбуттар, саҕалааһын эрэ дииллэр да, улахан ирдэбил үлэни ыыппыттара өтө көстөр. Бу түһүлгэҕэ 88 саастаах сэрии сылын оҕото, ийэ, хос-хос эбэ Анна Ефремовна Дедюкина өбүгэлэрин Тээкэлэр тустарынан кэпсээтэ, оҕолор кыттыбыттара киһини үөрдэр эрэ. Төрүччү түһүлгэтигэр сүрүн бирииһи Егор Дмитриевич Андросов бииргэ төрөөбүт быраатын оҕолоро Марина Николаевна Захарова, Екатерина Николаевна, Николай Николаевич Луковцевтар оҥордулар, бириис хаһаайкатынан Варвара Сатанар буолла.

Краеведтар, аймахтар, историянан интэриэһиргээччилэр мустан, «Төгүрүк остуолу» тэрийдибит. Үгүс дьон санаатын үллэһиннэ, онтон Изабелла Александровна этиитин биэрэбит.

— Үтүө дьону кытта оҕо саастан алтыһыы киһи олоҕор сөптөөх суолу талынарыгар улахан оруоллаах. Мин Егор Дмитриевиһи оҕо сааспыттан истибит, билбит эбиппин. Бүгүҥҥү ыһыахха ыччаттар, аймахтар элбэхтэриттэн үөрдүбүт. Ытык киһиэхэ Е.Д.Андросовка улууспутугар 9-с төгүлүн научнай-практическай кэнпириэнсийэ ыыттыбыт. Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ улуус краеведтара Е.Д.Андросов төрөөбүтэ 100 сылынан быыстапка туруордубут. Быыстапканы олус сэргээтилэр, уопсайынан, өрөспүүбүлүкэҕэ Таатта краеведтарын үлэлэрин кэтэһэллэр, сэҥээрэллэр эбит. «Албан Аат мусуойа» үйэтитиигэ киэҥ өрүттээх үлэни ыытар, салайааччыта Маргарита Арисовна Попова Е.Д.Андросов олоҕун, айар үлэтин, суруйууларын дьоҥҥо-сэргэҕэ күүскэ тарҕатар киһибит буолар. Мин ыччаттарга туһаайан куруутун этэбин: «Урукку олохпутун, историябытын үөрэтэн, төрүччүбүтүн чинчийэн, кэскилбитин түстүбүт, сайдыыбытын оҥостобут». Манна Борис Федорович Неустроев – Мандар Уус саха омук сайдар түөрт тирэҕин – Тыл, Култуура, Аар Айылҕа, Итэҕэл – төрүт гынабыт, гыныахпыт!.

«Төгүрүк остуол» кыттыылаахтара Е.Д.Андросов биһигин ыйаабыт дойдутугар, Сөксөлгө, мемориальнай бэлиэни туруорарга биир санаанан сөбүлэстилэр.

Ити курдук, Баайаҕа нэһилиэгэр Үрүҥ Тунах ыһыах Е.Д.Андросов сырдык аатын ааттаан, үйэтитэн ыытылынна. Уонна биир дойдулаахпыт, Бэйдиҥэ кийиитэ Валентина Винокурова тылларынан түмүктүүбүн:

Үрүҥ күммүт күлүмнүү тыкпыт,

Үрдүк халлаан урсуна

Үөрүүтүттэн мичийбит.

Уйгуну-быйаҥы тэнитэн,

Дэли кырдалын киэлитигэр

Үрүҥ Тунах ыһыах ыһыллыбыт. Доруобай, дьоллоох буолуоҕуҥ!

Маргарита Егорова, краевед.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Читайте дальше