Дьоро күн — Игидэйгэ

Игидэй орто оскуолата Саха сиригэр суос соҕотоҕун Академик, лингвист, фольклорист, этнограф, Э.К.Пекарскай аатын сүгэр. Оскуола киэн өрүттээх үлэни ыытар.


Бүгүн, алтынньы 25 күнүгэр дьоро күн киэҥ былааннаахтык тэрилиннэ. Ол курдук Э.К.Пекарскай үбүлүөйүгэр аналлаах нэһилиэнньэ, оскуола бэтэрээннэрэ кыттыылаах үөрүүлээх линейкаттан саҕалаан, оҕолор чинчийэр үлэлэрин, поисковай үлэлэрин көмүскүүр научно-практическэй конференция. Игидэй оскуолатын бүтэрбит бэтэрээн выпусктары кытта «Э.К.Пекарскай аатын сүгэр оскуола уруккута уонна билиҥҥитэ» диэн төгүрүк остуол.
А.Ф.Бояров аатынан норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрин көҕүлээһининэн оҕолорго , учууталларга, ыалдьыттарга аналлаах тэрээһин.

Э.К.Пекарскай аатынан оскуолаҕа аан бастаан музей үөрүүлээх аһыллыыта, саҥа музейга экскурсия.
Бу курдук өрө көтөҕүллэн туран Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата дьоро күнү бэлиэтиир.

Варвара Ефимова, саха тылын уонна литературатын учуутала.

Читайте дальше