Хаһан эрэ хара тыа быыһыгар саспыт, төгүрүк көлүччэ күөллээх, алаадьы быллаардардаах алаас ортотугар алтан чуораан лыҥкыныы ыллаабыта. Оһох оттуллан тыһыргыыр тыаһыгар кыракый дьиэҕэ бастакы уруок саҕаламмыта. Таһырдьа Аар хатыҥ саһархай сэбирдэхтэрин ыһа суугунуура. Кэрии тыаҕа суор хаһыытаан ылара. Оторой-моторой уолаттар, кыргыттар, өрө сыҥа-сыҥа, учуутал кэпсээнин сэргээн истэллэрэ. Онтон ыла сүүс сыл арыт силлиэ-буурҕа буолан, арыт уу нуһараҥ-нык устан ааһа оҕуста. Билигин туорах саҕа Туора Күөл көмүс күһүнү сибэкки дьөрбөтүн туппут кырачааннардыын, дуоспураннана туттар обургу оҕолордуун көрсөр. Саҥа үөрэх сыла саҕаланар. Дьэрэкээн оһуордардаах билии-көрүү дыбарыаһа 100 сааһын көрсөөрү, киэмсийэ, киэн тутта килбэлдьигэс түннүктэринэн тулатын одуулуур.
Дьүлэйгэ маҥнайгы оскуола 1924 с. Тордохтоох диэн сиргэ чааһынай ыал дьиэтигэр аһыллыбыта. Маҥнайгы учууталларынан Мария Алексеевна Аммосова (Осипова), Семен Ефимович Егоров буолаллар. Игидэйтэн уонна Дьүлэйтэн бэрт ыраах сирдэртэн сатыы сылдьан 35 оҕо үөрэммитэ. Оччолорго оскуола анал дьиэтэ суох буолан, ыал дьиэтин көҥүллэтэн, уларыйа сылдьан атын-атын сиргэ аһыллара. Онон 1925 с. оскуола аны Оҕус Буута диэн сиргэ Денис Софронов дьиэтигэр аһыллыбыта. Эмиэ бэрт аҕыйах оҕо Игидэйтэн, Дьүлэйтэн үөрэммиттэрэ. Учууталынан Иван Васильевич Попов диэн соҕурууттан кэлбит кыһыл бартыһаан үлэлээбитэ. Кини сахалыы билбэт буолан, нуучча тылынан үөрэтэр этэ. Нэһилиэк хас да сыл оскуолата суох олорбутун кэннэ, культурнай революция сылларыгар булгуччу үөрэхтээһин баран, 1931 с. эмиэ Тордохтооххо чааһынай ыал дьиэтин өрөмүөннээн, оскуола аһыллыбыта. Былыргы кыараҕас түннүктээх эргэ дьиэни түннүктэрин кэҥэтэн, оһох туттаран, хаҥас өттүгэр эргэ балаҕаны салҕаан, муосталатан, аҥар өттүн оскуола, аҥарын интэринээт оҥорбуттара. Нэһилиэнньэ оскуола аһыллар үөрүүтүгэр тугу да кэрэйбэккэ биэрэрэ, көмөлөһөрө. Семен Ефимович Егоров Тит Иннокентьевич Осиповтыын сайыны быһа өрөмүөннэппиттэрэ. Бастакы сыл оскуола сэбиэдиссэйинэн Петр Николаевич Чьямов, рядовой учууталынан Семен Ефимович Егоров үлэлээбиттэрэ. Онно 70-тан тахса оҕо үөрэммитэ. Онтон ыла Туора Күөл орто оскуолата өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк историятын кытта тэҥҥэ хардыылаан, сабылла-сабылла аһыллан, быыкаайык ыал дьиэтиттэн үлэтин саҕалаан, үбүлүөйдээх 100 сааһын көрсө үүнэр-сайдар.
Биһиги оскуолабыт СӨ үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕи-риитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, «Саха-Азия оҕолоро» фонда стипендиата, СӨ бастакы Президенин М.Е. Николаев фондун лауреата, «Во славу и пользу республики» бэлиэтин хаһаайына, «Россия бастыҥ директора» анал ааттаах, С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж бочуоттаах выпускнига, Саха саарына, айылҕаттан айдарыылаах учуутал Иван Николаевич Гуляев аатын сүгэриттэн киэн туттабыт. Иван Николаевич учууталынан, дириэктэринэн төрөөбүт оскуолатыгар үлэлии сылдьан, олоҕун ханнык да түгэннэригэр, үөрүүгэ да, ыар ыарыылыын охсуһар да күннэригэр-түүннэригэр хараҕар кэрэ хартыынаны көрөрө — Наммара үрэх үрдүгэр сандааран турар кэрэ дыбарыаска сарсыарда онтон-мантан оҕолор тиэтэйэ хаамалларын, чуораанчык лыҥкыныы тыаһыырын истэрэ. Билигин тапталлаах киһибит ыра санаата буолбут үөрэх-билии алгыстаах алаһата кини аатынан ааттанан, саҥа кэми дьоллоох оҕо-аймах кэпсээнинэн, күлүүтүнэн туолан, айхаллыы көрсөр.
Аҕа көлүөнэ баай уопутун туһанан, билиҥҥи көлүөнэ учууталлар оскуола администрациятын, чуолаан директор О.Н. Гуляева, директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччы О.И. Хаптагаева, директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Н.П. Васильева дьоһуннаах, сатабыллаах салайыыларынан билиҥҥи кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр үлэ хайысхатын, учууталларга үлэлиир усулуобуйаны сөптөөхтүк тэрийэн, барыбытын биир тыыҥҥа киллэрэн сайдыы суолугар сирдииллэр.

Оскуола – көлүөнэлэри бигэ тирэхтиир, сомоҕолуу түмэр, тускулга туһаайар
Хайа баҕарар нэһилиэк ыччаттарынан сайдар, аатырар. Киэҥ билиилээх, олоххо дьулуурдаах, үлэһит үтүөтэ ыччаттардаах дойду кэхтэн-эстэн барбат, үүнэр-сайдар дьылҕаланар. Ыччат олоххо тардыһыытын, билиитин-көрүүтүн түстээччинэн, киһи быһыытынан иитиилээх тахсыытын оҥкулун охсооччунан — оскуола буолар. Быйыл 2024 сылга оскуолабыт тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиибит. Биһиги оскуолабыт үлэтэ-хамнаhа, сайдан кэлбит историята баай ис хоhоонноох.
2012 сыллаахтан сорох предметтэри дириҥэтэн үөрэтиигэ киирбиппит, оскуолабыт «Муниципальная бюджетная общеобразовательная организация с углубленным изучением отдельных предметов имени П.П. Кочнева» диэн аатынан реорганизацияны ааспыта. Биология, математика, нуучча тыла, физика предметтэрин уопуттаах учууталлар Светлана Ивановна Саввина, Ульяна Ивановна Гуляева, Лилианна Эрнстовна Егорова, Тамара Петровна Щукина үөрэтэн саҕалаабыттара. Дириҥэтэн үөрэтиигэ киирэрбитигэр естественнэй наукалар институттарын кытта 2001 сылтан дуогабар түһэрсэн үлэлиирбит төһүү күүһүнэн буолбута.
Предметтэри дириҥэтэн үөрэтии киириэҕиттэн оҕо-лорбут ити хайысхаларынан сити-һиилэрэ элбээбитэ, оҕолор орто анал, үрдүк үөрэх кыһаларыгар туттарсан киириилэригэр көмө буолбута. Алаас сиргэ айыллыбыт, үрэх сиргэ үөскээбит кыракый оскуолабыт аныгы олох ирдэбилинэн араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттан өрүү кэриэтэ кыайыы көтөллөнөр.
2013 с. Бүтүн Россиятааҕы «Школа цифрового века» күрэххэ кыттан дипломант, 2015 с. Бүтүн Россиятааҕы «Россия 100 бастыҥ оскуолата» күрэххэ лауреат, 2016 с. Бүтүн Россиятааҕы «Лучшая сельская школа-2016» күрэххэ лауреат, 2016 с. республикатааҕы «Сельская школа&Образовательная марка» педагогическай ярмарка виртуальнай «Математическое образование в школе» проект этаабыгар 3 степеннээх дипломант, «Образовательное пространство» анал аакка «От школы знания к школе жизни» проект кыайыылааҕа, «Театральная деятельность как средство формирования УУД в сельской школе» бырайыагынан 3 истиэпэннээх дипломант буолбуппут.
Бу сыл «Чэбдик» бырайыагынан Таатта улууһун баһылыга М.М. Соров Гранын, «Айар ыллыктар» проегынан Дьүлэй нэһилиэгин баһылыга О.Д. Осипов Гранын ылбыппыт.
2017 с. «Образовательная организация 21 века», «Лига лидеров-2017», «Лидер в создании комфортной образовательной среды» хайысхаларга ситиһиилэммиппит..
«Индивидуальный образовательный маршрут, как средство развития детей с разными учебными возможностями» бырайыагынан «Сельская школа&Образовательная марка» республикатааҕы дьаарбаҥкаҕа дипломант буолбуппут.
2018 с. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ естественнэй наукаларын институтун учуонай Сэбиэтин сэтинньи 22 күнүнээҕи 3 № боротокуолунан элбэх химия, биология учууталларын иитэн таһаарбыт оскуола буоларбытын бэлиэтээн туран, естественнэй наукалар институттарын «Бочуотун кинигэтигэр» киирбиппит. Бу өр сыллаах таһаарыылаах бииргэ үлэлээһин түмүгэ буолар. Ол курдук, 2001 сылтан биология, химия учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «100 лучших учителей России» Грант кыайыылааҕа Светлана Ивановна Саввина салайааччылаах «Ача» научнай-экологическай лааҕыр иһинэн биолого-географическай факультет «Методика преподавания биологии, химии и географии» кафедратын салайааччыта профессор, педагогическай наука доктора Ксения Егоровна Егоровалыын дуогабардаһан, бу сыллар тухары сибээспитин быспакка үлэлээн кэллибит.
2017 с. балаҕан ыйыттан И.Д. Христофоров аатынан Баайаҕа-тааҕы искусство оскуолатын хореографическай салаатын уонна И.Г. Федосеев аатынан Тааттатааҕы оҕо спортивнай оскуолатын филиаллара буоларбытын туоһулуур улуус баһылыгын М.М. Соров дьаһала тахсан, эбии штаттар көрүллүбүттэрэ.
2018 с. улуус Мунньаҕын дьокутааттарын быһаарыытынан оскуолабытыгар өр сылларга физкультура учууталынан, директорынан үлэлээбит, С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж бочуоттаах выпускнига, саҥа таас оскуолабытын туттарбыт Иван Николаевич Гуляев аата иҥэриллибитэ.
2019 с. республикатааҕы «Сельская школа&Образовательная марка» педагогическай дьаарбаҥ-каҕа «Бастыҥ индивидуальнай образовательнай траекторияны арыаллыыр проект» номинанынан буолбуппут.
2020 сыл түмүгүнэн Таатта улууһугар «Школа научно-исследовательского брендинга» кыайыылааҕын аатын сүкпүппүт.
2021 с. «Инновационный опережающий характер системы сельской школы, как фактор социально-экономического развития села» тиэмэнэн республикатааҕы инновационнай былаһаакка статуһун ылбыппыт.
Бүтүн Арассыыйатааҕы «Моя страна» проект иһинэн «500 лучших образовательных организаций страны-2021г.» Бүтүн Россиятааҕы педагогическай съезкэ кыттан, «Лучшая образовательная организация 2021 года», «Лучшая школа с этнокультурным компонентом 2021 г.» кыайыылааҕын аатын сүкпүппүт.
2022 с. «Үөрэхтээһин» национальнай проект иһинэн «Современная школа» федеральнай проегынан «Точка роста» естественнэй-научнай уонна технологическай хайысхалардаах Киин (Центр образования), «Цифровая образовательная среда» биология, химия, физика, информатика, математика кабинеттарыгар аһыллыбыта. Бу бырайыактар оскуола сорох предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр усулуобуйатыгар, естественнай-научнай, технологическай хайысхаларынан ситиһиини көрдөрбүт оҕолорго туһаайыллыбыт үөрэтии-иитии систематын аныгы цифровой технологиялар көмөлөрүнэн тэрийии буолар.
Икки улахан федеральнай проекка киирэн, цифровой образовательнай эйгэни биология, химия учуутала Анна Афанасьевна Элякова, математика, информатика учуутала Виктор Васильевич Лопатин, физика учуутала Николай Эдуардович Марков оҕолору естественнэй-научнай, технологическай хайысхаларынан сатабылларын сайыннараллар, араас күрэстэргэ кытыннараллар, үгүс ситиһиилэргэ сирдииллэр.
2023 с. республика үрдүнэн «Педагог уонна наставник» сыла биллэриллибитэ. «Сельская школа&Образовательная марка» педагогическай дьаарбаҥкаҕа 2008 сылтан биһиги оскуолабыт баазатыгар сылын аайы «На ступеньках роста» улуустааҕы эдэр учууталлар күрэстэрин проегынан цифровой галерея күрэҕэ ыытыллар. Онно улуустааҕы үөрэҕирии салалтата «За представление цифровой галереи лучших практик по наставничеству» диэн диплом ылбыта. 2008-2023 сс. диэри ыытыллар эдэр учууталлар күрэстэригэр учуутал уустук идэтигэр сөптөөх суоллары буларга үлэлэһэ сылдьар уопсайа 181 учуутал кытынна.
Биһиги оскуолабытыгар наставничество күүскэ үлэлиир. Саҥа үлэлии кэлбит эдэр учууталларга наставниктар сыһыа-рыллаллар, методическай холбоһуктар истэринэн учебнай-методическай, инновационнай үлэлэргэ барытыгар сүбэ-ама буолаллар. Солбуллубат наставниктарбытынан Светлана Ивановна Саввина, Ульяна Ивановна Гуляева, Октябрина Ивановна Хаптагаева, Тамара Петровна Щукина, Лилианна Эрнстовна Егорова, Ульяна Жарафовна Данилова, Октябрина Егоровна Сыромятникова буолаллар. Кинилэр эдэр учууталларга барыларыгар үгүс сүбэлэри биэрэллэр, билиилэрин, сатабылларын үллэстэллэр, аныгы технологияларга үөрэтэллэр, маастар-кылаастары көрдөрөллөр.
2020 с. Таатта улууһугар СӨ Бырабыыталыстыбатын ыйааҕынан детсадтары оскуолаларга холбооһун саҕаламмыта. Биһиги оскуолаҕа 2021 с. ыам ыйын 20 күнүгэр Таатта улууһун баһылыга №05-95-п «Об реорганизации в форме присоединения МБДОУ «Кэскил» с.Туора-Кюель к МБОО «Туора-Кюельская СОШ» дьаһалыгар олоҕуран, былаан ылыныллан, реорганизация саҕаламмыта. Балаҕан ыйын 15 күнүттэн 2 тэрилтэ холбоһон, 4 сүһүөхтээх (дошкольнай, начальнай, основной уопсай, орто уопсай) биир юридическай сирэйдээх орто оскуола статуһун ылбыппыт.
100 сыллаах үбүлүөйбүтүн көрсөр үөрүүлээх кэрдиис кэммитигэр биһиги хайаан да үтүө тылларынан үлэлээн ааспыт бэтэрээн учууталларбытын Тимофей Петрович Кириллины, Петр Иннокентьевич Луковцевы, Николай Федотович Васильевы, Александра Васильевна Федулованы, Федор Иванович Павловы, Афанасий Гаврильевич Эляковы, Иван Аммосович, Мария Дмитрьевна Гуляевтары, Коммунар Иванович Кононовы, Марианна Прокопьевна Боярованы, Раиса Тихоновна Васильеваны, Валерия Ойутановна Жараеваны, Светлана Тимофеевна, Эрнст Александрович Алексеевтары, Елена Егоровна Аянитованы, Гаврил Илларионович Васильевы, Елизавета Ивановна, Егор Иванович Сыромятниковтары, Прокопий Дмитрьевич Ефимовы, Клавдия Константиновна Максимованы, Галина Тимофеевна Саввинаны, Анна Ивановна Павлованы, Галина Афанасьевна Белазору, Күннэй Ивановна Луковцеваны, Иван Николаевич Гуляевы о.д.а. ахтабыт, саныыбыт
Кинилэр буолаллар олохторун бүтүннүү оҕо иитиитигэр анаабыт, историяҕа хаһан да умнуллубаттык кыһыл көмүс буукубанан суруллар уһуйааччы дьон, учууталлыыр олохторугар араас ыарахаттары кыайан-хотон, нэһилиэк инники кэскилигэр алгыстаах аартыктары арыйан, ыра санаа туолуутугар сирдээбит чулуу дьоммут.
Оскуола үлэтэ төрөппүт көмөтө суох кыаллыбат. Оскуолабыт иһинэн ДИТ «СИРДЬИТ» (сиэрдээх, инникилээх, ирдэбиллээх, Дьүлэй нэһилиэгин инникитин түстүүбүт) духуобунай-интеллектуальнай, творческай киин тэриллэн, директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Нария Петровна Васильева, педагог-психолог Сардана Васильевна Чупрова, социальнай педагог Иванна Романовна Захарова, төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Вероника Васильевна Васильева нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын үөрэхтээһин хамсааһынынан хабаллар. Төрөппүт үөрэхтээһин эйгэтигэр сүрүн оруоллаах, сакааһы биэрээччи, сыалы-соругу туруорааччы киһи буолуутугар күннэтэ үлэ ыытыллар.
Оскуола олоҕор күннэтэ кыттыһар көхтөөх төрөппүт-тэрбитинэн Майя Семеновна Меркурьева, Варвара Романовна Шестакова, Нарьяна Станиславовна Кузьмина, Наталья Николаевна Аянитова, Вера Васильевна Кузьмина, Розалия Николаевна Никитина, Екатерина Владимировна Кириллина, Варвара Николаевна Максимова,Петр Романович Чупров, Акулина Прокопьевна Ефимова, Любовь Васильевна Ефимова, Афанасий Александрович Потапов уо.д.а. буолаллар
100 сыллаах үбүлүөйбүт биир үйэ устата үлэлээбит үөрэхпит кыһатын сайдыытын кэрдиис кэмнэрин түмүгүн таһаарыы, көлүөнэлэр көрсүһэр дьоллоох түһүлгэлэрэ, биир идэлээхтэр ааспыты санаһар үтүөкэн түгэннэрэ, үөрэнээччилэрбит оскуола историятын билсэр, билиилэрин кэҥэтэр кэскиллээх туоналара буолар. Онтон бары олус үөрэбит, долгуйа кэтэһэбит.

Оксана Николаевна ГУЛЯЕВА, оскуола дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ.

Читайте дальше