Георгий АРТЕМЬЕВ: «Унньуктаах уһун туруорсуубут кыайыынан түмүктэммитэ»

Өрөспүүбүлүкэҕэ, ол иһигэр биһиги улууспутугар сирбит-дойдубут төрүт аатын сөргүтүүгэ туһуланар үлэ-хамнас, кыралаан да буоллар, саҕаланан эрэр. Ыаллыы Хаҥалас улууһун кэккэ нэһилиэктэригэр итиэннэ биһиги Тараҕайбытыгар уонна Бүтэйдээхпитигэр архыып, биэрэпис докумуоннарыгар уонна устуоруйа чахчыларыгар олоҕуран суруйууларга сири-уоту үөрэтиигэ, хамсааһын баар.

Бу тиэмэҕэ сыһыаран бүгүн ааҕааччыларбытыгар Таатта улууһа төрүт аатын төнүннэрии сүҥкэн суолталаах боппуруоһун хара маҥнайгыттан иилээбит-саҕалаабыт, тиһэҕэр тиэрдибит салайааччыны кытары кэпсэтиибитин билиһиннэриэхпит. Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта ‒ биир дойдулаахпыт, 1983 ‒ 1989 сс. оччотоооҕута Алексеевскай оройуон ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, 1989 ‒ 1991 сс. ССКП оройкуомун бастакы сэкирэтээрэ, 1991 ‒ 1993 сс. оройуон сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, 1993 ‒ 1994 сс. Таатта улууһун баһылыга, 1998 ‒ 2003 сс. Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга, биһиги улууспутуттан салгыы өрөспүүбүлүкэҕэ тэнийбит «Үтүө дьыала» хамсааһыны олохтообут СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Георгий Михайлович Артемьев.

‒ Георгий Михайлович, сир-дойду төрүт аатын төнүннэрии урут да, билигин да дэбигис дьыала буолбатаҕа чахчы. Сэбиэскэй кэмҥэ өссө уустугун, эридьиэстээҕин сэрэйиэххэ эрэ сөп. Буолаары буолан ‒ бүтүн оройуон аатын уларытыы. Туһугар хорсун хардыы. Таатта төрүт аатын төнүннэрии хаһан саҕаламмытай?

‒ Дьылҕа-хаан ыйааҕынан биһиги көлүөнэ үөрүүлээх даҕаны, курус даҕаны түгэннэри көрсүтэлээн, үгүс элбэх араас эридьиэстээх суолу-ииһи туораталаан үйэбитин түмүктээн эрдэхпит.
Биллэрин курдук, 1962 сыллаахха оччотооҕу ССКП КК I сэкирэтээрэ Никита Хрущев дьаһалынан, дойду үрдүнэн бырамыысыланнаһы тыа сириттэн араарыы хампаанньата саҕаламмыта. Онно Таатта уонна Чурапчы оройуоннарын сэргэ эбии Амма оройуонун хотугу нэһилиэктэрин хабан «Алексеевскай» диэн тыа хаһаайыстыбатын производственнай управлениета тэриллибитэ. Бу омсолоох дьаһал охсуутунан ытык Таатта оройуонун устуоруйаҕа уонна географияҕа киирбит төрүт аата ССРС географическай каартатыттан сотуллан бүтүн 28 сыл устата симэлийэр дьылҕаламмыта. Никита Хрущев дириҥ толкуйа суох дьаһала дойду сайдыытын бытаарыы суолугар киллэрбитэ, оробуочай кылаас уонна холкуостаах бааһынай сомоҕолоһууларыгар, хардарыта көмөлөсүһүүлэригэр, ону сэргэ дойду үрэллэр турукка киириитин бириэмэтигэр таба көрөн ССКП Киин Кэмитиэтэ 1965 сыллаахха Хрущев омсолоох дьаһалын көтүрбүтэ.
Оройуоннар төрүт дьарыктарыгар, нус-хас олохторугар төннүүлэрэ саҕаламмыта. Чурапчылар туох даҕаны айдаана суох ааттарын илдьэ хаалбыттара. Амма нэһилиэктэрэ төрүт оройуоннарыгар төннүбүттэрэ. Оттон биһиэхэ Алексеевскай диэн ааты үөһэттэн соҥнооһуҥҥа икки төрүөккэ олоҕурбуттара. Бастакытынан, 1954 сыллаахха олохтоох ыччаттар уонна геофизическэй эспэдииссийэтин үлэһиттэрин икки ардыларыгар охсуһуу түмүгэр Ведерников диэн нуучча оробуочайа өлүүтүн олус дарбатаннар Тааттаҕа бандьыыттааһын көстүүлэригэр уураах тахсыбыт. Ол уураах ити кэмҥэ көтүллүбэтэҕинэн, ССКП КК о.д.а үрдүкү тэрилтэлэр хонтуруолларыттан уһулла илигэ биир төрүөтүнэн буолбута. Иккиһинэн, оройуоннар холбоһууларыгар иҥэриллибит Алексеевскай диэн ааты оройуоннар арахсыыларыгар уларытары интернационализм бириинсиптэрин утаран оробуочай революционер аатыттан аккаастаныы курдук сыаналаабыттара. Ол иһин үөһэттэн соҥнонон оройуон төрүт аата симэлийэр дьылҕаламмыта.
Мин Таатта сиригэр 1974 сыллаахха ойуур хаһыыйыстыбатын дириэктэринэн, кэлин П.А.Алексеев аатын сүгэр сопхуоска партийнай тэрилтэ сэкирэтээринэн үлэлии сылдьан олохтоохтор оройуоннарын Алексеевскай диэн ааттаммытын ылыммакка: «Биир эмэ киһи сэниэлээх соҕустук туруорсан Тааттабыт аатын төнүннэрэрэ дуу, суоҕа дуу?» ‒ диэн сүөм түһэн кэпсэтэллэрин хаста даҕаны истибитим. Кырдьык, оройуон аатын тоҕо уларыппаттара эбитэ буолла диэн испэр олус муодарҕаан ити дьыаланан дьарыгырбыт киһи тугу эмэни билиэ эбитэ дуу, суох дуу диэн санаа миэхэ олоҕум ааспат-арахпат аргыһынан буолбута.
1981 сыллаахха Хабаровскайдааҕы Үрдүкү партийнай оскуоланы бүтэрэн Алексеевскай оройуонугар ССКП оройкуомун иккис сэкирэтээринэн үлэлии сылдьан биир киэһэ, дьон суоҕар, оройкуом бастакы сэкирэтээринэн саҥа үлэлээн эрэр Егор Петрович Пестряковка кэбиниэтигэр киирдим. Онно оройуон төрүт аатын төнүннэриигэ үлэлэспит киһи диэн санаабын эппиппэр кини: «Эн саҥа үлэлээн иһэҥҥин итинник улахан дьыаланы хасыһарыҥ бэйэҕэр охсуулаах буолуоҕа. Оройуон аатын уларытыыны кытары сибээстээх дьыала ССКП Киин Кэмитиэтин хонтуруолуттан уһулла илик», ‒ диэн саба саҥаран кэбиспитэ.
Итинтэн тохтоон хаалбакка, 1983 сыллаахха оройуон ситэриилээх Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт күммүттэн, соло эрэ булларбын оройуон, өрөспүүбүлүкэ архыыптарыгар мунньуллубут хаһыат матырыйаалларын билсибитинэн барбытым.

‒ Оччоҕо бу дьыалаҕа 1983 сыллаахтан ылыстаҕыҥ дии?
‒ Оннук. Боппуруоһу үрдүкү тэрилтэлэргэ быһаарсарга оройуонум дьоно-сэргэтэ барахсаттар баартыйа оройкуомун бастакы сэкирэтээринэн таланнар, нууччалыы эттэххэ, «күөх уоту» уматан биэрбиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэтигэр Тааттатааҕы быыбардыыр уокурукка Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн Владислав Павлович Шамшины дьокутаатынан талларарга этиилээх өрөспүүбүлүкэбит саамай үрдүкү дуоһунастаах киһитигэр Юрий Николаевич Прокопьевка ох курдук оҥостон приемҥа киирбитим. Юрий Николаевич ССКП Обкуомун бастакы сэкирэтээрин быһыытынан туруорсар боппуруоспутун төрдүн-төбөтүн бэрт уһуннук илдьиритэн ыйыталаһан, кэпсэтэн баран өйөөбүт улахан өҥөлөөх. Онон таатталар Владислав Шамшин курдук өтөрүнэн буолбатах улахан дуоһунастаах дьокутааттаммыппыт. Бэйэбин Ытык Күөллээҕи (оройуон аҥаарын хабар) быыбардыыр уокуруктан өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэтигэр дьокутаатынан таланнар үрдүк итэҕэли сүктэрбиттэрэ. Ол түмүгэр бастакы сэкирэтээрдии сылдьан ССКП Обкуомун чилиэнин, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин норуодунай дьокутаатын быһыытынан иитиллэ сылдьар санаабын толорорго, сиэхпин ньыппарынан баран, түһүнэн кэбиспитим.

‒ Үлэҕин туохтан саҕалаабыккыный?
‒ Балай да бэлэмнэнэн баран, норуодунай дьокутаат статуһун туһанан, оройуон төрүт аатын төнүннэрэргэ 1989 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумугар суругунан сайабылыанньа түһэрбитим. Сайабылыанньабын дьүүллэһэн баран, Президиум интернационализм бириинсиптэригэр сөп түбэспэт өйдөбүллээхпэр, оройуону салайыыга эрдэ итэҕэл ылбытым туһунан «үлтү үөрэтэн» баран, «норуодунай дьокутаат Г.М.Артемьев сайабылыанньатыгар аккаастыырга», ‒ диэн туран, судуругутук эттэххэ, аан диэки ыйан кэбиспиттэрэ туһугар олус кыһыылаах этэ.

‒ Биллэн турар, санааҥ түстэҕэ дии. Салгыы тугу гынныҥ?
‒ Саҕалаабыт дьыалабын тиһэҕэр тиэрдиэхтээхпин диэн санааттан оройуонтан төрүттээх биллиилээх дьоммутун Авксентий Егорович Мординовы, Михаил Михайлович Федоровы, Дмитрий Кононович Сивцев‒Суорун Омоллоону о.д.а кытары сүбэ-ама, көмө көрдөөн көрсүтэлээбитим. Онуоха Авксентий Мординов: «Георгий Михайлович, бэйэҥ даҕаны билэ-көрө сылдьарыҥ курдук, биһиги оройуон улаханнык атаҕастаммыт, охсуллубут-тэбиллибит дьоммут. Бэйэҕин харыстаныаҥ этэ. Арай норуоккун кытары үлэлэһэн көр.
Норуот санаатын кытары аахсаллара дуу, суоҕа дуу?» ‒ диэн сүбэлээбитэ. Уһулуччулаах учуонай, бөлүһүөк сүбэтин ылынан үлэ кэлэктииптэрин, нэһилиэктэр актыыптарын кытары үлэлэһэн барбыппыт. Бу кэмҥэ улахан устуорук-учуонай Егор Егорович Алексеев, Суорун Омоллоон, Авксентий Мординов өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын ортотугар оройуон төрүт аатын төнүннэриигэ тыл этэн, бэчээккэ суруйан улахан көмөнү, өйөбүлү оҥорбуттара. Оройуонум нэһилиэнньэтин уонна биллиилээх дьоммут өйөөһүннэригэр олоҕуран аны обкуом чилиэнин быһыытынан суруктаах-бичиктээх ССКП Обкуомун бастакы сэкирэтээрин Юрий Прокопьевы кытары көрсүһүүгэ көрдөһүү түһэрбитим. Болдьоммут күҥҥэ ССКП уобаластааҕы кэмитиэтин бастакы сэкирэтээригэр киирэн уһун унньуктаах кэпсэтии түмүгэр обкуом хамыыһыйатын тэрийии туһунан бюро уурааҕын бэлэмнээн, ССКП Киин Кэмитиэтин кытары быһаччы сибээстээх обкуом бырапагаандаҕа уонна аҕытаассыйаҕа отделын сэбиэдиссэйэ Алексей Александрович Томтосов салайааччылаах, Судаарыстыбаҕа Куттал Суох буолуутун (КГБ) Саха сиринээҕи кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентин Дмитриевич Кондраков, ССКП обкуомун партийнай тэрийэр үлэҕэ отделыттан Георгий Михайлович Иванов, ССКП Чурапчытааҕы оройкуомун бастакы сэкирэтээрэ Геннадий Михалович Сысолятин, ССКП Алексеевскайдааҕы оройкуомун бастакы сэкирэтээрэ Георгий Михайлович Артемьев састааптаах хамыыһыйа архыып докумуоннарын үөрэтиини сэргэ нэһилиэнньэни кытта быһаччы үлэлэспитинэн барбыппыт.
Юрий Николаевич Прокопьев боппуруоһу быһаарыыга «Тааттаҕа бандьыыттааһын» туһунан 1954 сыллаахха тахсыбыт уураах мэһэйдиэн сөп диэн эппитэ. Онон итини Миниистэрдэр Сэбиэттэрин нөҥүө быһаартаран көр диэн сүбэтин ылынан, Тааттаттан дьокутаат Владислав Павлович Шамшиҥҥа тиийбитим. Нуучча киһитэ бэрт судургутук Саха АССР Үрдүкү Суутун бэрэссэдээтэлигэр Николай Нифонтович Каратаевка мин ааппыттан сурукта бэлэмнээҥ диэн дьаһайбыта. Суругу туппутунан Үрдүкү Суут бэрэссэдээтэлигэр Шамшин суругун тириэрдибитим. Владислав Павлович тус бэйэтэ көрдөһөр диэн тылбынан эбэн биэрэн, РСФСР Үрдүкү Суутуттан эппиэти түргэн соҕустук ылбытым. ССКП Обкуомунан тэриллибит хамыыһыйа үлэтин, Алексей Томтосов Москва куоракка уһун болдьохтоох командировкаҕа барбытынан, 1989 с. сэтинньи 13 күнүттэн 1990 с. тохсунньуга диэри генерал-майор Валентин Кондраков салайбыта уонна 1990 с. тохсунньуга обкуом бюротугар биһиги боппуруоспутун дьүүлгэ туруорбута. Бюро чилиэннэрэ хамыыһыйа үлэтин сөптөөҕүнэн ааҕан туран, боппуруос уустугунан, бэлитиичэскэй өртүнэн сэрэхтээҕин учуоттаан, баартыйа уобаластааҕы кэмитиэтин пленумун көрүүтүгэр киллэрэргэ диэн куоластаабыттара.

‒ Хас эмэ сыл устата дьаныһан туран туруорсубут соруккутун хаһан ситистигит?
‒ Дьылҕабыт быһаарыллар күнэ 1990 с. тохсунньу 16 күнүгэр үүммүтэ. ССКП уобаластааҕы кэмитиэтин бюротун уурааҕын ССКП Обкуомун VI пленума «Алексеевскай оройуоҥҥа Таатта аатын төнүннэриигэ бу оройуон үлэһиттэрин этиилэрин үөрэппит үлэтин туһунан» диэн анал хамыыһыйа бэлэмнээн киллэрбит боппуруоһун дьүүлгэ туруорбута. Хамыыһыйа киллэрбит этиилэрин обкуом бюрота өйөөн үөрүүбүт үрдээбитэ. Пленум тустаах судаарыстыбаннай уорганнарга быһаччы сорудахтары тиэрдибитэ. Итини сэргэ 1989 с. РСФСР Үрдүкү Сэбиэтигэр анаммыт быыбардарынан сибээстээн, Саха сиригэр уһуннук үлэлээбит, дьон-сэргэ билиниитин ылбыт киһи быыбар аҕытаассыйатын кэмигэр РСФСР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан Александр Владимирович Власов биһиги оройуоммутугар кэлэн барбыта. Ону мүччү туппакка, оройуон аатын төнүннэриини кытары сибээстээх докумуоннарбытын барытын киниэхэ туттаран РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумугар боппуруоһу быһаартарарыгар көрдөспүппүт. Улахан салайааччы эппит тылын толорон докумуоннары тустаах уоргаҥҥа тиэрдибитин туһунан Александр Владимирович референэ төлөпүөнүнэн иһитиннэрбитэ. Итиниэхэ эбии ССКП обкуомун пленумун уурааҕын толоруунан сибээстээн Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиума РСФСР Үрдүкү Суутун Президиумугар оройуон аатын төнүннэриигэ официальнай көрдөһүү түһэрбитэ.
Ити курдук, унньуктаах уһун туруорсуубут 1983 сылтан 1990 сылга тиийэ, сэттэ сыл устата, салҕанан кыайыынан түмүктэммитэ. Былаас бары уорганнарын кытары үлэлэһэрбитигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтата Юрий Николаевич Прокопьев, Владислав Павлович Шамшин, Валентин Дмитриевич Кондраков өйөөннөр, нэһилиэнньэ таһаарбыт оруннаах көҕүлээһинэ тууйуллубакка, Сойуус таһымыгар көтөҕүллүбүтэ. Оройуон төрөөбүт төрүт аата РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун 1990 с. атырдьах ыйын 6 күнүгэр 125 №-дээх Ыйааҕынан букатыннаахтык төннүбүтэ.

‒ Дьэ, кырдьык, сүҥкэн суолталаах сыралаах үлэҕит дьоһуннук кыайыынан түмүктэммитэ устуоруйа биир кэрэ чахчытынан үйэлэргэ хаалыа турдаҕа.
‒ Махтал. Бүгүҥҥү кэпсэтиигэ баар чахчылары кырдьыгынан сырдаттым. Итини ытык иэспин толорууну кытары быһаччы сибээстиибин.

‒ Түмүккэ биһиги улууспутугар нэһилиэктэринэн сир-дойду төрүт аатын сөргүтүүгэ үлэ саҕаламмытынан ону тэрийиигэ, ыытыыга тугу сүбэлиэҥ этэй?
‒ Төрүт ааттары төнүннэрии улахан суолталаах, дириҥ ис хоһоонноох, боччумнаах үлэ буоларынан ураты суолта ууруллуохтаах. Бу ‒ устуоруйа кырдьыгын тилиннэрии эрэ хампаанньата буолбатах. Маныаха дьиҥнээх чахчыларга олоҕурбут бүтэһиктээх, чуолкайдаммыт докумуоннар нэһилиэктэр дьокутааттарынан көрүллэн, онно быһаарыы ылыныллан итиэннэ улуус мунньаҕынан бигэргэтиллэн эрэ баран, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсыахтаахтар. Ол кэнниттэн нэһилиэктэргэ тэриллэр бөлөхтөр састааптарыгар кырдьаҕастар бэрэстэбиитэллэрэ, устуоруктар, землеустроителлэр, олор суох сирдэригэр тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарынан дьарыктанар исписэлиистэр уонна саамай кылаабынайа ‒ улуус, өрөспүүбүлүкэ архыыптарыгар, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ сир боппуруоһунан дьарыгырар тэрилтэлэрин кытары үлэлэһэргэ үөрүйэх дьон баар буолуохтаахтар дии саныыбын. Өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэлэр «ааннарын аһарга» улуустан талыллыбыт СӨ Ил Түмэнин дьокутааттара быһаччы күүс-көмө, өйөбүл буолуохтарын сөп.

‒ Георгий Михайлович, эйиэхэ ‒ биир дойдулаахпытыгар, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар дьоһун суоллаах-иистээх, баай уопуттаах салайааччытыгар бэрт интэриэһинэй кэпсээниҥ, үтүө сүбэҥ-амаҥ иһин истиҥник махтанабыт. Чэгиэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт.
‒ Махтал!

Читайте дальше