Гиирэ успуорда

Кулун тутар 1-3 күннэригэр Нам нэһилиэгэр биирдиилээн, хамаанданан бастыыр иһин Саха сирин чемпионата И.И.Кулачиков аатыгар ыытылынна.

Барыта 17 хамаанда, 148 гиревиктэр 15 ыйааһыҥҥа ким күүстээҕин, сылайбат уһун тыыннааҕын 6 помостка тахсан тургутустулар. Улууспут чиэһин аатын суолун 14 киһи көмүскээтэ.

Уопсай хамаанданан 7 миэстэҕэ тигистибит. Биирдиилээн түмүк: Эр дьон 32 кг гирэ. 63 кг. Прокопий Собакин 7 м, 73 кг. Вадим Габышев 7м, 78 кг. Марк Неустроев 6 м, 85 кг. Иван Васильев 7м, 95 кг. Иван Ефимов 7м, 95 кг үөһээ.Александр Никитин 9 м.

Дьахталлар: 24 кг гирэ. 58 кг.Сардана Тарасова 4 м, 63 кг.Оля Барбасытова 7 м, 68 кг. Нарыйаана Степанова 7 м, 68 кг үөһээ. Диана Петрова 2 м. Бэтэрээн дьахталлар: 16 кг гирэ. 63 кг. Евдокия Афанасьева 14 м, 63 кг үөһээ. Сахайаана Прохорова 5 м.

Бэтэрээн эр дьон: 24 кг гирэ. 73 кг. Георгий Товаров 6 м, 73 кг үөһээ. Николай Захаров 4 м.

Түгэнинэн туһанан Улуустааҕы спорткомитет сал. Нь.М.Сабарайкинна, А.П.Алексеевка, гиирэ федерация пред.Г.Г.Вырдылинна, суоппардарбытыгар С.С. Аянитовка, А.П.Марковка, С.Н. Огонеровка барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Тренер: Иннокентий Бояров.

Читайте дальше