Хаар киһи утуйбат

Мас сыыстарыгар кубулуйбут сарай, үнтү кумаламмыт фургон уонна сүдү улахан сымара таастар диэки көрөн турааччылар, куттанан турааччылар туһаайыыларын диэки көтөн иһээччи сымара таастары алдьатыы буолбут, урусхал буолбут сирин диэкиттэн көрөөччүлэр диэки көтөн кэлэллэр… Кэмиттэн кэмигэр киһитээҕэр таһыччы күүстээх криптид маннык гынан кини баарын саарбаҕалааччыларга, итэҕэйбэттэргэ биллэрэр.

Муостар уонна туйахтар

Криптидтар диэн дьон фантазия­ларыгар олохтоохтук олорон хаалбыт көстүүнү ааттыыбыт. Ол көстүүнү «туох да суох, барыта сымыйа» диэн төһө эмэ кыһаллан туран куолулуу, этэ сатаа­быттарын да үрдүнэн төрүт кыаллы­бат. Ол хайдах? Айылҕа бэйэтин элбэх араас көстүүтэ муҥура суох. Ардыгар маны итэҕэйиэххэр диэри харахтаргын соттоҕун. Оннооҕор буолуох өһөс учуо­найдар саакка бараллара.

Ол курдук холобур XIX үйэҕэ диэри зоологтар криптидынан утконоһу ааҕаллара. Бу туох ааттааҕый, кус тум­сулаах, үүтүнэн иитиллээччи, өссө сы­мыыттыыр, этэҕин ээ!

Сүдү улахан кальмар романтан ромаҥҥа көһө сылдьара. Киниэхэ барыта көҥүл этэ, мифологияны ырып­пакка эрэ аҥаардас соҕотох сыылла, ха­спахха, муора синньигэс силбэһиитигэр олорор, туохха олороруй? Ол гынан баран аһары улахан монстрдар баал­лар. Ол курдук бастакы барыта эт, 12 миэтэрэттэн тахса уһуннаах 1870 сыл­лаахха көстүбүтэ. Онтон сельдяной хоруол биитэр кур балык (рыба ремень) кинитээҕэр өссө улахан – 17 миэтэрэ. Кинини криптид дииллэрэ. Сельдяной хоруол туох да көстүбэт хараҥа далайга олорор уонна видеоҕа аан бастаан XXI-с үйэҕэ уһуллубута. Онтон быйыл бу сылга тохсунньуга Таиланд кытылларын чуга­старыгар күөрэйэн кэлэн олохтоохтору сүрэхтэрин хайыта сыспыта. Дьэ бу кэн­ниттэн номохторго итэҕэй!

Единорог быдан уустуктардаах. Хайдах эрэ үгүстүк көстөр криптид бу­олуох курдук. «Атахтара слон, кутуруга кабан киэннэригэр маарынныыр. Онтон атына барыта сылгыга маарынныыр. Кини маҥыраан эрэр курдук тыаһы таһаарар, онтуката дириҥ баҕайы. Ки­ниэхэ сүүһүн ортотугар икки тоҥолох уһуннаах икки муос үүнэн тахсыбыттаах. Этэллэринэн бу кыылы тыыннаахтыы хаһан да кыайан туппаттар үһү» диэн Пилиний Старшай икки тыһыынча сыл анараа өттүгэр илэ баар буола сылдьы­быт кыыл курдук суруйбута. Кырдьы­гынан эттэххэ, муора нарвала киниэхэ аҥаардас бивень муоһунан сүрдээҕин маарынныыр. Сирдээҕилэр боруоста өлөн-эстэн хаалбыттар быһыылаах.

Бу сүүнэ улахан ящерицаны «кураайы сир крокодилын» комодскай дракону 1926 сыллаахха Комодо арыыга иккини тутуохтарыгар диэри криптидынан аат­тыыллара.

ХХ-с үйэ саҕаланыар диэри крип­тидынан соҕотох африканскай атчаа­ны, жирафа аймаҕын окапины зебра курдук эриэн атахтаах уонна икки ха­рахтарын үрдүлэригэр икки муостардаах дьикти кыылы иһирик, ыккый ойуурга саһа сылдьар буолан 2008 сылга биирдэ видеоҕа түһэрбиттэрэ

Өссө бу букатын күлүүлээх, били­гин биһиги зоопаркаларга үөрэ-көтө көрөр гориллаларбыт 1847 сылга диэри криптидынан ааҕыллара уонна көрүҥ быһыытынан 1902 сыллаахха биирдэ ааҕыллыбыта. Маныаха диэри ыны­рыктык ырдьайаллар, олох дьиикэй­дэр, чиччиктэр, түүлээхтэр уонна ака­арылар диэн төһөлөөх үгүс кэпсээннэр баалларай!

Билигин саамай биллэр-көстөр кри­тидтарынан Лох-Несси дьулаан улахан Несси харамай уонна хаар киһи Йети биитэр улахан атах Бигфут диэн буо­лаллар.

Яблоколары уорааччы

Кэлин бириэмэҕэ Хотугу Америка хайалардаах уонна тыалардаах уобала­старыгар бигфуту кытта көрсүһүүлэр болҕомтону тардар буоллулар.

Олохтоохтор кини таптаан сиир минньигэһинэн яблоко буолар диил­лэр. Манна аҕыйах дьонноох сиргэ 70 саастаах Тонна Карло ол яблоколарынан сылгылары аһатара. Биир үтүө күн ры­ноктан массыынанан улахан корзинаҕа аҕалбыта. Олору сүөһү аһыыр иһитигэр сүөкээн баран дьиэтигэр фургоҥҥа ки­ирбитэ. Эмискэ ыт тохтоло суох күүскэ үрбүтэ. Онно Тонна эргиллэн көрбүтэ ас кутар иһитин чугаһыгар хараҥа кытархай дьүһүннээх, киһи курдук быһыылаах-таһаалаах, эһэтээҕэр быдан улахан туох эрэ яблоколары аҥаар кы­рыытыттан сиэн курдурҕата турара. Би­иртэн биири сии туран кинини ким эрэ көрө турарын билэн уордайан көхсүн тыаһаппыта, кэлин атахтарыгар турбу­та уонна сорунуулаахтык фургон диэки хаампыта. Кини истиэнэлэри тарбыыра, түннүктэринэн, аанынан киирэ сатаабы­та, оннооҕор олорор дьиэ сорҕотун ал­дьаппыта. Тонна мобильнигын массы­ынатыгар хаалларбыт этэ. Бу билигин тыыннааҕа-өлбүтэ быһаарыллыбат гына буолан олороро.

Дьэ кэлин уһугар барыта этэҥҥэ аа­спытын кэннэ, Тонна интернеккэ ха­артыскалары көрдөрбүтэ. Ол эрээри кылаабынай туоһутунан бигфут хаал­ларбыт суоллара буолаллар. Билигин даҕаны Тонна эмиэ ол сиригэр олорор. Ол эрээри уруккутунааҕар улахан уонна бөҕө-таҕа фургону атыыласпыта. Бигфу­ту санаатын табаары уонна эйэлээхтик олороору сөбүлүүр яблоколарын биир сиргэ чөмөхтүү кутар. Биирдэ эмэ оннук гынарын умнан кэбистэҕинэ бигфут фургон истиэнэтигэр ытыһынан балай­да улаханнык охсон биллэрэр.

Хааннаах суол

Бу түбэлтэни соҕотох саастаах дьах­тар фантазията диэххэ сөп этэ.. Өскөтө бу иннинэ 2002 сыллаахха Онтарио аттынааҕы Снелгроув дэриэбинэ ат­тыгар буолбут быһылаан дьиҥнээхтик чахчы хатыламматаҕа буоллар. Бу түбэлтэ билигин да хаар дьон баалларын туһунан ньиргиэрдээхтик бигэргэттэ. Хаһаайыттара суохтарына турар дьиэни ким эрэ үнтү урусхаллаабыт, обургутук алдьаппыт. Буолан баран туох да туттар маллара суох буолан, эт илиитинэн олус күүстээх буолан ыспыт этэ. Бастаан эһэ диэбиттэрэ. Тугун-ханныгын билээри дьиэ аттыгар үөһээ диэки саайыллыбыт тоһоҕолордоох хаптаһыны уурбуттара. Дьэ ол кылаабынай туоһу буолбута ки­ниэхэ чахчы киһиттэн атын, 43-тээх кэ­эмэйдээх суол баар этэ.

Онтариоҕа киинэ документалистар бөлөхтөрө кэлбитэ. Бастатан туран ки­нилэр хаптаһыҥҥа хаалбыт хаантан генетическэй анализ ылан ыыппытта­ра. Көрдөрүүлэр түмүктэрэ барыларын соһуппута. ДНК киһи киэнигэр бары­тынан кэриэтэ сөп түбэһэрэ. Бу биир нуклеотидтан уратыта эрэ атын этэ. Ол эрээри маннык приматтары (эбисийээнэ аҥардаахтар, эбисийээнэлэр) айылҕаҕа маннык улахан уллуҥах баарын учуо­найдар билбэттэр.

Киинэҕэ устааччылар сылдьыһыыны кэтэһэннэр, ол миэстэҕэ хоммуттара. Барыта уу-чуумпу, уу нуһараҥ этэ. Арай биирдэ кинилэр дьиэлэрин эркинигэр таастар таастарга кэлэн тоҕута түһэр ты­астарыттан соһуйан уһуктан кэлбиттэ­рэ. Дьиэ кырыыһатын үрдүгэр ыарахан ыйааһыннаах бэрэбинэ кэлэн түспүтэ. Бөлөх биир чилиэнэ таһырдьа уулуссаҕа тахсаары үнүөхтээн эрдэҕинэ, төбөтүн аттынан бөдөҥ баҕайы сымара таас ку­угунатан көтөн ааспыта. Салгыы ким даҕаны таһырдьа куотарга санамматаҕа.

Ити буолан тугу да устубакка мээнэ төннөр буолбуттара.

Хайа абааһылара

1915 сыллаахха криптозоолог Век Гермер ыраах биир иһирик ой­уурга бигфут баарын истэн, ону интэриэһиргээн көрдүү барбыта. Кэтээн көрөргө сөп түбэһэр сири сирдьитинэ­эн көрдөөбүттэрэ. Эмискэччи кинилэр үрдүлэринэн бэрэбинэ көтөн ааспы­та. «Мин сонно тута саспытым, — диэн кэпсээбитэ Гермер, – тоҕо диэтэххинэ маннык төбөҕө түстэҕинэ хайдах буолу­оххунуй! Ол бэрэбинэ маска түһэн үнтү солоон тосту көппүтэ! Бэйэм харахтар­бар итэҕэйбэтэҕим».

Бу түгэнинэн туһанан номох буол­бут кэпсээни өйдөөн аһарыахха наада: Ол 1924 сыллаахха Льюис үрэххэ Ва­шингтон штатын соҕуруулуу арҕаа өттүгэр Фред Бек салайааччылаах көмүс көрдөөччүлэр лааҕыр туруорбуттара. Ки­нилэр бастаан лааҕыр тулатыгар дьон атахтарын суоллара курдуктары булбут­тара. Ол эрээри балар олордооҕор балач­ча улахаттар этилэр. Аны түүн аайы ким­нээх да, туохтар да куоластарыгар төрүт маарыннаабат тыастар иһиллэр барбыт­тара. Дьэ онтон биир үтүө күн биэс көмүс сууйааччылар төннөн кэлэн бараннар лааҕырдарыгар киһиэхэ маарынны­ыр бөдөҥ-садаҥ эбисийээнэлэри көрсө түспүттэрэ. Бек олортон биирдэстэрин ытан өлөрбүтэ, атыттар куоппуттара. Ол эрээри нөҥүө күнүгэр үөр барыта кэлэн, өлбүт чилиэннэрин иэстэһэн харса суох таастарынан тамнаабыттара. Онтон ыла бу сири, бигфуттары «хайа абааһылара» диэн ааттыыр буолбуттара. Онтон бу манна бу сиргэ буолбут хапсыһыы сирин индеецтэр эйп-каньон – эбисийээнэ ка­ньона диэн ааттыыр буолбуттара.

Дьэ мантан ыла Хотугу Америка кытыы муннуктарын кырыктаах крип­тидтар олорор сирдэрэ диир буолбут­тара. Өскөтө кини баччааҥҥа диэри ту­тулла илик буоллаҕына, өссө ким диэн ааттыаххыный?

2020 сыл түмүгүнэн ол ыйытыкка хас онус американец бигфуту дьиҥнээхтик баар кыыл диэн ааҕар.

Онтон бу Скаймения уокуругар (Ва­шингтон штата) үйэ аҥаара буолла. «Маннык көрүҥнэри соруйан, биричии­нэтэ суох кыргыы ыарахан холуобунай буруйунан ааҕыллар оунна элбэх суум­малаах ыстараабынан төлөттөрүллэр, биитэр хаайыыга олордуллар» диэн уураах, дьаһал тахсыбыта.

Айылҕа ыраахтааҕыта дуу, биитэр барыны билээччи дуу? Криптидтэр биллэр-көстөр буоллахтарына, үгэс курдук баларга номохтортон киһи мээнэ тиийбэт сирдэригэр үөскээн баар буолан кэлэллэр. Биһиги планетабыт океан­нартан уратылара барылара үчүгэйдик үөрэтиллибэт курдуктар. Ол гынан балары биһиги тиһэҕэр тиийэ кыайан бигэргэппэппит.

Биллэн турар криптидтэрдээҕэр таһыччы үрдүктүк туттунуу оччо бэрдэ суох. Бары тыынар тыыннаах харамай­дар үрдүлэринэн айылҕа ыраахтааҕыта буолабын диэн өйдөбүл иһин кини хаста да төлөөбүтэ, инникитин да төлүүрэ турдаҕа…

Олохтоох дьон үйэлэр тухары «олор бааллар» диэн кэпсиир номохторун учу­онайдар уонунан сыллар устата төрүт да кырдьыктаммат этилэр. Ордук коло­ниальнай уобаластарга. Онно «сайды­ылаах, өйдөөх эйгэ билиилэрин» күүс өттүнэн өлөрүүгэ тиийэ буруйдааһыҥҥа күһэйэн туран утары саҥарбат этилэр. Онтон бу маннык «номохтор» урукку курдук сатаан ааҕыллыбат гына элбэх­тэр.

Виктор Упорин “Чудеса и приключения” сурунаал

2024 сыл 5№ суруйуутун

Михаил Ви­нокуров тылбаастаата.

 

Читайте дальше