Ититиини балаҕан ыйын 6 күнүгэр күүтэбит

Тыйыс усулуобуйалаах дойдуга оло­рорбутунан, сайыҥҥы кэмҥэ хому­наалынай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ ититии-уу ситимнэрин, хочуолунайдары көрөллөр, өрөмүөннүүллэр-оҥостоллор. Кэлэр кыстыкка бэлэмнээх киирэр ин­ниттэн былааннаах үлэни кэмигэр бүтэрэллэригэр сыал-сорук турар. Оттук сезонугар бэлэмнэнии туһунан ОДьКХ Тааттатааҕы филиалын салайааччыта Василий Будикины кытта кэпсэттим.

— Василий Прокопьевич, кэлэр кыстык­ка бэлэмнэнии үлэтин туһунан кэпсээ эрэ.

— Күн бүгүн ОДьКХ Тааттатааҕы фили­алыгар 33 хочуолунай баар. Бу сезоҥҥа ититии, уу ситимнэрин уонна хочуо­лунайдар дьиэлэрин өрөмүөнэ, саҥа теплотрасса тардыллыытын үлэлэрэ ыытылыннылар. Маны сэргэ күннээҕи өрөмүөҥҥэ матырыйаалларынан хаач­чыллан олоробут.

— Быйылгы сылга улууска саҥа хочуолу­найдар үлэҕэ киириэхтэрэ дуо?

— Быйыл Дьохсоҕон уонна Амма нэһилиэктэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи инвест-бырагыраама сүнньүнэн хочу­олунайдар тутулла тураллар, бу сылга үлэҕэ киириэхтээхтэр диэн эрэнэбит. Бу нэһилиэктэргэ саахалланар туруктаах хочуолунайдар үлэлии турбуттара, саҥа хочуолунайдар үлэҕэ киирдэхтэринэ чааһынай ыаллар эмиэ холбонуохтара.

— Быйыл улууспут киинигэр, нэһилиэктэргэ «Хаарбах уонна саахалла­нар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү» өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаммыт тосхол чэрчитинэн элбэх мэндиэмэннээх дьиэ бөҕө тутуллан үлэҕэ киириэхтээх, бу дьиэлэри сылытыыга туох үлэ барда?

— Алдан нэһилиэгэр түөрт этээ­стээх дьиэҕэ саҥа теплотрасса ыытты­быт, сылааһы биэрэргэ бэлэммит. Орто Амма нэһилиэгэр биэс этээстээх саҥа дьиэ теплотрассатын реконструкцияла­атыбыт, үлэ бара турар. Улуус киинигэр Ытык Күөлгэ элбэх уопсай дьиэ тутуллан бүтэн үлэҕэ киирээри турар. Ол курдук Ойуунускай уулусса 50 нүөмэригэр 95 кыбартыыралаах дьиэ теплотрассатын, уутун ситимин үлэтэ ыытылла турар, кини балыыһа хочуолунайыгар холбону­охтаах. Маны сэргэ Ойуунускай уулусса 34 нүөмэрдээх тутулла турар 5 этээстээх дьиэ РПСЭО хочуолунайыгар холбонору­гар теплотрасса тардыллар. Кулаковскай уулуссаҕа тутулла турар элбэх кыбар­тыыралаах үс дьиэ 1-кы хочуолунайга холбонуохтара. Саамай улахан эбийи­экпит лиссиэй буолар, ититиигэ, уутун ситимин ыытыытыгар технологическай холбонуу усулуобуйатын ылан олорор. Манна саҥа теплотрассаны тардыы үлэтэ бара турар, бу 4-с хочуолунайтан сылыйыахтаах. Онон быйыл хочуолу­найдарбытыгар эбийиэктэр эбиллэллэр.

— Василий Прокопьевич, чааһынай ыаллары кииннэммит сылааска уонна ууга холбооһун үлэтэ быйыл ыытыллар дуо?

— Манна нэһилиэктэри кытта үлэлиибит, Тыараһа нэһилиэгэр 20-чэ ыал сайаапка биэрбитэ, ыаллар төһө бэ­лэмнээхтэринэн көрөн ититии ситими­гэр холбуубут. Эмиэ маннык Чычымах, Дьохсоҕон нэһилиэктэригэр холбонуо. Улуус киинигэр Ытык Күөлгэ Мординов уулуссатыгар Тааттыныскай нэһилиэк баһылыга Егор Павлов өйөөһүнүнэн чааһынай ыалга ититии систиэмэ­тин холбуурга теплотрасса тардыыта саҕаланан, ититии киириэ. Механиза­ция уулуссатыгар сэттэ ыалга ититии киириэ. Чааһынай дьиэлээхтэри ититии ситимигэр холбуурга тэхиниичэскэй өттүнэн кыах баар буоллаҕына, төһө кы­алларынан холбуу сатыыбыт. «Хочуолу­най көдьүүстээх үлэтин радиуһа» диэн баар. Ол быһыытынан сылааһынан ха­аччыйыы схематыгар кииннэммит ити­тиигэ холбонор диэн ыйылла сылдьар буоллаҕына, хочуолунай уонна ититэр ситимнэр кыамталарыттан көрөн хол­буубут. Ону таһынан СВО кыттыылаах­тарын дьиэлэрин кииннэммит сылааска холбооһуҥҥа ОДьКХ уонна дьаһалтаны кытта үлэ бара турар.

Сыллата буоларын курдук, балаҕан ыйын 6 күнүттэн оттук сезона саҕаланар. Хочуолунайдарбытын барытын оттом­мут эбийиэктэргэ сылааһы биэриэхпит.

— Дьүлэй нэһилиэгин хочуолунайын туруга хайдаҕый?

— Дьүлэй нэһилиэгин хочуолу­найын дьиэтэ саҥатык, үлэтин көдьүүһэ улахан. Сайын устата теплотрассатын уларыттыбыт, диаметрдарын улаатын­нардыбыт. Сэтинньи ыйга саҥа улахан кыамталаах насос уонна оһох кэлэн ту­руохтаахтар. Ыарахана диэн хачыгаар­дар чоҕу илиинэн быраҕан оттоллор. 2025 сылга диэри хочуолунайы механи­зированнайга көһөрүүгэ үлэ ыытыллар. Маннык илиинэн оттуллар хочуолунай Ытык Күөл нэһилиэгэр «Олимпийскай” түөлбэтигэр баар, сууккаҕа 50 туонна чоҕу илиинэн быраҕан оттоллор. Дьиҥэр бу саамай улахан хочуолунайбыт улуу­ска, онон 2025 сылга диэри эмиэ меха­низированнайга көһөрөр туһунан үлэ ыытылла сылдьар.

— Оттугунан хааччыныы хайдаҕый?

— Хааччыллыы үчүгэй, саппаа­спыт баар.

— Василий Прокопьевич, кэпсээниҥ иһин махтал/

Елена Слепцова.

Читайте дальше