К.К.Максимова кэнчээри ыччакка математика уруогун ыытта

Алтынньы ый 25 күнүгэр  4 кылаас үөрэнээччилэригэр «Педагог уонна наставник» сылын чэрчитинэн  оскуолаҕа өр сылларга  алын сүһүөх кылаас учууталынан, директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччынан, бастакы инноваторынан,  директорынан  үлэлээбит Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, «Методист Якутии», «Старшай  учуутал» бэлиэ  хаһаайкалара  Клавдия Константиновна  Максимова  кэлэн олус интэриэһинэй математика уруогун  ыытта.

Бу уруогу Клавдия Константиновна өр сыллар усталарыгар, педагогическай опытыгар баһылаан туттубут Эльконин-Давыдов «Сайыннарыылаах үөрэҕин» технологиятын туһанан   ыытта.

Ол курдук, үөрэнээччилэр математика уруогар бөлөҕүнэн улэлээн «Бириэмэ кээмэйдэрэ” диэн теманы бэрт киэҥ ис хоһоонноохтук өйдөөн, элбэх ньымалар, приемнар көмөлөрүнэн  элбэҕи билэн-көрөн,суоттаан, араас аргуменнары аҕалан,  барбыт темаларын олоҕу кытары сибээстээн тарҕастылар.

Клавдия Константиновна түмүгэр эдэр коллегаларга уруогун киэҥник анализтаан, элбэх методическай көмөлөрү, сүбэлэри биэрдэ. Уруокка сылдьыбыт учууталлар уруок элбэх табыллыбыт өрүтүн бэлиэтээтилэр. Ордук, холобурдар олоҕу кытары сибээстээхтэрин, ылбыт билии күннээҕи олоххо туһаныллалларын, о.э. функциональнай грамотность сайдарыгар олук буолалларын эттилэр.

Оскуола администрацията, учууталлар Клавдия Константиновна  «Педагог уонна наставник» сылын хамсааһынын өйөөн кэлэн, методическай  өттүнэн үрдүк таһымнаах уруогу көрдөрбүтүгэр махтаннылар.

Түмүккэ,оҕолор уруогу сөбүлээбиттэрин биллэрдилэр, Клавдия Константиновналыын өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр.

Читайте дальше