“Өбүгэлэргит үгэстэрин үйэтитэн, дьоҥҥо аламаҕай сыһыаннаах, кыаммакка, кыһалҕалаахха көмөлөһөр үтүө дьон буоларгытыгар баҕарабын”. Бу — учуутал, педагог, наставник Ксения Александровна Андросова ыччакка туһаайбыт кэс тыллара.
Тус бэйэтэ ити суолу тутуһан олорбут педагогическай үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Таатта улууһун Бочуоттаах гражданина Ксения Александровна Андросова быйыл, ахсынньы 14 күнүгэр, төрөөбүтэ 100 сыла. Ааспыт үйэҕэ норуоту бүттүүн үөрэхтээһин төрдүгэр турбут уһулуччулаах учуутал, амарах санаалаах үтүөкэннээх киһи туһунан уһуйан үөрэппит үөрэнээччилэрин, коллегаларын ахтыыларын көмөтүнэн кини сырдык мөссүөнүн тилиннэрэн, ахтан-санаан ааһыаҕыҥ.
Тапталлаах учуутал, айдарыылаах педагог, сээркээн сэһэнньит
Семен Прокопьевич Винокуров
Ксения Александровна үөрэтэр. Куруук указкалаах сылдьар. Карталары, дуоскаҕа эрдэттэн суруллубут даталары, сороҕор араас хартыыналары ыйа-ыйа наһаа үчүгэйдик кэпсиир. Хайдах эрэ кыратык тардыалатан, эҥээритэн ылара киһини ордук тардар курдук. Аны, эбиитин хатылааһыҥҥа активнайдык кытыннахпытына уонна чуумпуран олорон, болҕомтолоохтук иһиттэхпитинэ уруок бүтүүтэ араас кэпсээннэри кэпсиир. Сороҕор эргичиҥнээри эбэтэр кинигэни арыйталаан, уруучуканы убахтаан, аралдьыйан бараары гыннахпына, учууталбыт саҥата суох тохтоон хаалар. Кылаас иһэ уу-чуумпу буолар. Оҥоро олороргун тохтотон, бэркэ сэрэнэн учууталыҥ диэки хайыһаҕын. Онно сороҕор, эн диэки хомойбуттуу туттан, улахан баҕайытык уун-утары көрөн турар буолар….Сотору уруок салҕаммытынан барар.
Үлэлээбитим маҥнайгы сылыгар биир үөрэнээччим күһүҥҥүлэнэн, нуучча тылыгар диктант суруйда. Ассистент — Ксения Александровна. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн оҕобут 7 сыыһалаах буолан таҕыста. Методичканы тутан олорор эдэр учуутал-мин: “Киһибит 7 сыыһалаах, онон иккини туруоран, кылааһыгар хаалларар буоллаҕым”,-диэбитим. Онуоха: “Кэбис, доҕор, бу үлүгэрдик суруйар оҕону, ама, хаалларыаҥ дуо? Кэбис, инньэ диэмэ,- диэн Ксения Александровна аймана түстэ. Кырдьыга, аахайбат ассистент, оҕо туһугар “ыалдьыбат” учуутал түбэспитэ буоллар, оҕо биир сыллаах эрэйэ хаалыахтааҕа тохтообута. Бу оҕо кэлин үөрэҕэр сирдэрбэтэҕэ, орто оскуоланы бүтэрэн, төһүү үлэһит, улахан ыал астык аҕата буолан олорор.
Петр Иванович Чарин
Араас учуутал, араас уруок буолан аастахтара да кини ыытар чаастарыгар биирдэ мэниктээн, тыллааҕымсыйан көрүү баарын олох өйдөөбөппүн. Ол кэриэтин ким эмит уруокка алҕас туттуута кылааһынан саҥата суох саба баттанара. Убаастабыл оннук этэ-оҕолор убаастабыллара. Куолас сонотон көрбөккө, аҥардас кыратык улааппыт харахтарын тохтотон ааһара сэмэлээһин саамай улахан стадиятыгар тэҥнэһэрэ. Уруоктарын билии диэн умса-төннө түһүү, хат-хат ааҕыы диэн наһаа суоҕа. Син уруокка истибит хатанан хаалар гына кэпсэниллэр быһыылааҕа. Уруокка үчүгэй буоларбытыгар эбии биир стимуллаах этибит. Ол уруоктар кэннилэриттэн хаалан кинигэ кэпсээннэрин истии. Кэпсээн, эбэтэр билиҥҥилэтэн, моноспектакль, сааспытыттан көрөн талыллар быһыылаах эбит. Кыра сылдьан Чүөчээски, Хачыгыр курдук тэттик кэпсээннэртэн саҕалаан, арыый улаатан баран “Гаврош” диэн Гюго “Отверженные” диэн романыттан быһа тардыылары, “Икки Гаврош” диэн Шмучкевич курдук син истээх айымньылары сериал курдук тилэри истэрбит. Истэрбит эрэ буолуо дуо, барытын төбөбүтүгэр киинэ курдук ким туох фантазиялааҕынан эргитэн көрөрбүт.
Итиччэ элбэх кэпсээн, информация төбөттөн , саас сааһынан кэпсэнэрин билигин кэлэн дьэ сөҕө саныыгын. Библиотекатын, уруоктарын, кэпсээннэрин холбуу туттахха барыбытыгар эргиччи билиини, киһи буолууну биэрэ сатаабыт да эбит.
60-с сыллар уонна ааһыылара кыбычыын соҕус кэмнэр этэ. Ас-таҥас кэмчитэ да бэрдэ. Учууталбыт сорох оҕоҕо таҥас, хаатыҥка атыылаһан биэрэн абырыыр түбэлтэлэрэ бааллара. Ол кэпсэммэт этэ да, син көрө-истэ сылдьарбыт. Улахан да дьоҥҥо иитиллэн, үөрэнэн ааспыт дьоллоох дьон эбиппит дии саныыбыт.
Николай Гаврильевич Неустроев
Ксения Александровна биһигини наһаа да үчүгэйдик көрөр-харайар этэ! Арыый да уллааппыппыт кэннэ история, география предметтэрин үөрэтэрин мин аһары сөбүлүүр этим. Уруокпут саамай интириэһинэйэ-темаҕын бүтэрдэххинэ хаалбыт 10-15 мүнүүтэҕэ учууталбыт кинигэ ааҕара. Туох да аһары интириэһинэй этэ. Ол сэһэммитин-кэпсээммитин истээри уруокпутугар бэлэмнэнэр буоларбыт. Инньэ гынан оҕо кутун тутан туох да наһаа үчүгэйдик үөрэтэр этэ.
Бэйэм санаабар миигин ордук атаахтатар курдук этэ. Баҕар оҕоҕо барытыгар оннук сыһыаннаах буолуо. Мин санаабар буоллаҕына миэхэ эрэ наһаа үчүгэйдик сыһыаннаһара.
Полина Николаевна Кустурова
“Дьэ уонна Ксения Александровна уруоктарын күүтүү. Кистэлэҥэ биир- учууталбыт кэпсээнин истээри. Уруоктан аҕыйах мүнүүтэ ордон наһаа үчүгэй кэпсээннэри кэпсиир. Биир эмэ айдаараары, мэниктээри гыннаҕына, куһаҕаннык көрүү, сэмэлэһии буолар. Бары да учууталбытын таптыырбыт, ытыктыырбыт. Ол гынан баран олох ис-иһиттэн уйадыйа таптыыр киһи Афоня Варламов этэ. Оскуола сылтан “Афоня Ксения Александровна мааны уола” диэн өйдөбүл баара”.
Павел Павлович Андросов
“Нулевой, пиэрибэй, иккис кылаастарга үөрэнэ сылдьан кинигэни ааҕарбын сөпсөөбөт этим. Мээнэ ойуутун эрэ көрөрүм… Арай “Библиотека” диэн суруктаах хоско киирбиппит Ксения Александровна библиотекардыы олорор эбит. Биһигиттэн тугу сөпсүүрбүтүн ыйытта. Мин: “Бэстилиэттээх, саабылалаах кинигэни”- диэтим. Ону ааҕаары буолбатах, ойуутун көрөөрү. Арай саалаах, саабылалаах, буденовка бэргэһэлээх уол ойуу тастаах кинигэни аҕалан биэрдэ. Ис хоһоонуттан интириэһинэй өртүлэриттэн быһа тардан ааҕан биэрдэ уонна үчүгэйдик билиэххин баҕардаххына бэйэҥ аах диэтэ. Ааҕааччы буоллаҕым ол. Онтон ыла кинигэни наһаа сөпсөөн, таттаран туран ааҕар буолбутум. Ксения Александровна биир улахан өҥөтө итиннэ сытар.
Географияны үөрэтэр буолуохпутуттан ыла, бу предмети Ксения Александровна үөрэппитэ. Кини атын дойдулар тустарынан наһаа үчүгэйдик киһи истэ олоруон курдук кэпсиирэ. Саамай кылаабынайа, биһиги кэтэһэрбит, бу тема кэнниттэн саҕаланар. Арааһынай орой мэник дьоннор айахпытын атан, кулгаах иччитэ буолан, чуумпуран олорон наһаа сөпсөөн истэр этибит. Инньэ гынан география уруогун наһаа кэтэһэр этибит. Ол да иһин буолуо, биһиги, ол көлүөнэ оҕолор, туризмҥа оройуон үрдүнэн хаста да бастаан, республикаҕа тиийэ күрэхтэспиппит. Ол эмиэ Ксения Александровна биир улахан өҥөтө диибин. ”
Кыраайы үөрэтээччи
Евдокия Николаевна Кустурова
Олус кыһамньылаах, опыттаах учуутал Ксения Александровна бэйэтин үөрэтэр предметигэр учебнигынан эрэ муҥурдаммакка, айымньылаахтык сыһыаннаһара. Ол туоһутунан 1961 сыллаахха оскуолабытыгар кыраайы үөрэтэр муннук тэриллибитэ. Ксения Александровна оҕолору көҕүлээн, үгүс бириэмэтин, сыратын биэрэн элбэх экспонаттары хомуйтарбыта, үөрэппитэ.
Варвара Поликарповна Слепцова
6-с кылааска үөрэнэ сырыттахпытына учууталбыт кылааспытыгар музей тэрийэргэ көҕүлээбитэ. Биһиги үөрүүнэн сөбүлэһэн, сонно кылааспыт кэннигэр ыскаап туруоран бастаан кылааһынан, онтон оскуола үөрэнээччилэрэ бары мал хомуйан барбыттара, ыаллартан экспонат муспуппут. Ксения Александровна ол экспонаттар ааттарын этэн миэхэ суруйтарара.
Любовь Васильевна Андросова
Ксения Александровна кылаас таһынааҕы үлэни кэрэхсэбиллээхтик тэрийэрэ. Ол курдук оскуолабытыгар аан бастаан кыраайы үөрэтэр музейы кини тэрийбитэ. Оҕо барыта былыргы малы-салы хомуйар түбүккэ түспүтэ. Дьиэ-дьиэ аайы ботур-ботур кэпсэтии, ардыгар мөккүөр да тахсыбыт буолуохтаах. Ксения Александровна салайар кылааһа биһигиттэн биир сыл аҕа оҕолор этэ. Ол кылаас сүрдээх түмсүүлээх, эйэлээх, инициативалаах, оскуола үлэтин барытын сүрүннүүр биир төһүү күүс этэ. Ардыгар кинилэр классоводтарын биһиги ылларбыт диэн курдук саныырбыт
Парасковья Михайловна Потапова
Учууталбыт, кылааспыт салайааччыта Ксения Александровна Андросова оскуолаҕа музей тэриллэрин туһунан кэпсээбитин бэркэ сэҥээрэн, сонурҕаан истибиппит. Кини музей биһиги олохпутугар туох суолталаах буолуохтааҕын, туохха наадатын сиһилии быһаарбыта. Оҕолор дьоннорун тылларыгар киллэрэн, араас кэриэс малларын аҕалан биэрбиттэрэ. Булт тэриллэрэ: мас чаархаан,айа, үрүҥ көмүс киэргэллэр:саха ууһа оҥорбут араас ытарҕалара, сирэйдээх биһилэхтэр,кириэс, саха курдара, ыҥыыр,мас, туос иһиттэр курдук араас былыргы маллар бааллара. Чахова Дора ийэтин дуу, эбэтин дуу сахалыы чараас сонун аҕалбытын өйдүүбүн. Кылааспытыгар долбуур –стеллаж оҥоттороннор, хомуллубут малы сууйан-сотон, ыраастаан кэчигирэччи уурталаан кэбиспиппит. Көрөргө туох да аһара сонун, үчүгэй этэ. Малы-салы олус кыһаллан-мүһэллэн көрөрбүт, сууйарбыт-соторбут. Аһара сууйаммыт сахалыы үрүҥ көмүс киэргэллээх куру буорту гына сыспыппыт. Нөҥүө сылыгар математика учуутала Иванов Дмитрий Дмитриевич салалтатынан эргэ маҕаһыын дьиэтин музейга анаабыттарын штукатуркалаабыппыт. Наһаа үрдүк дьиэ буолан, остуол үөһэ тумба ууран, салҕанан сыбаабыппыт. Музейбыт салаата элбээбитэ, кэҥээбитэ. Бэйэбит дойдубут көрдөрөр салааҕа араас кыыл-сүөл чуучулатын туруорбуттара. Эһэ, улар, кулгаахтаах чуучулаларын биология учуутала Александр Александрович салалтатынан оҥорсубуппут. Оһох оттооччу Христофоров Христофор Степанович үлэтигэр кэлэн баран сүбэлээн, ыйан-кэрдэн биэрбитин өйдүүбүн. Онон музей нэһилиэк дьонун барыларын көмөлөрүнэн тэриллибитэ.
Наставник
Июлия Николаевна Скрябина
“Бииргэ үлэлиир кэммитигэр коллективка олус ытыктанар учуутал, Ксения Александровна, мэлдьи сөптөөх сүбэни, хайысханы оскуолаҕа биэрэрин элбэх үлэһит өйдүүрэ буолуо. Ксения Александроваҕа биир үтүө өрүтү бэлиэтии көрөбүн: кини оҕону дьиҥнээхтик таптыыр, кинилэр тустарыгар ыалдьар, кыһанар, сыаналыыр, сөптөөх ирдэбиллээх буолара. Ханнык да үлэҕэ кичэллээхтик, чиэһинэйдик туттарын холобур оҥосторбут. Оҕолор кини кэпсээнин олус болҕойон, тартаран истэллэрин мэлдьи ымсыыра көрөрбүт. Ксения Александровна мин кылааспар уһатыллыбыт группаҕа үлэлээһинэ, миэхэ олус көмө, тирэх буолбута. Уруоктарбар сылдьан сүбэлэри биэрэрэ, инникигэ эрэли үөскэтэрэ.
Биирдэ Ксения Александровна миигин педсовекка оҕолорун туһугар кыһанар, ханна сылдьалларын билэр, хонтуруоллуур диэбиттээҕэ, онтон ыла санаабар өссө оҕолорбор кыһанар буолбутум быһыылааҕа. Ксения Александровнаны кытта ирэ-хоро кэпсэттэххэ, элбэххэ үөрэнэҕин, үгүһү билэҕин. Кини мэлдьи дьон үтүөтүн, көрүдьүөһүн, көҕүн кэпсээччи”.
Семен Прокопьевич Винокуров
Кэнники сылларга Ксения Александровна продленкаҕа үлэлиир. Үлэтэ эбиэттэн киэһэ да, күнүһүн куруук баар буолар. Бэҕэһээ оҕолор уруок толоруутугар тугу ыарырҕаппыттарын, бүгүн туох сорудах бэриллиэхтээҕин, ким бэҕэһээ тоҕо кэлбэтэҕин ыйыталаһар эбэтэр учууталга ылыннарыылаах тылларынан сүбэлиир-амалыыр. Сыыһаны, итэҕэһи кырдьыгынан, баары баарынан сирэйгэ этэр. Ол эрээри киһи киниэхэ хомойбот, кыыһыра , тымта санаабат. Кырдьыга бэрт буоллаҕа дии!. Сороҕор хайҕаан үөрдэр-көтүтэр. Биирдэ учителбьскайга, элбэх киһи истэригэр: “Бу Семен Прокопьевич оҕолоро сүрдээх самостоятельнайдар. Бэйэлэрэ үлэлэһэ, сордоһо сатыыллар”,- диэн хайҕаабыттаах. Ону өйдөөтөхпүнэ билигин да үөрэ түһэбин.
Розалина Ивановна Потапова
Маамам миэхэ өрүү холобур буолара. Элбэхтэн биир холобур: манна үлэлии кэлэн баран иккиэн сарсыҥҥы уроукпутугар бэлэмнэнэбит. Маамам биир уруокка бэлэмнэнэн бүтүөн иннинэ мин 3 уруокпар бэлэмнэнэн бүттүм уонна толкуйдуубун, үйэтин тухары үлэлээбит киһи итиччэ уһуннук бэлэмнэнэ олордоҕуна мин бүтэ охсорум сыыһа диэн. Уруоктарбын барытын саҥаттан көрдүм. Маны өйдөөбөтөхтөрүнэ атыннык хайдах быһаарыахха сөбүй, хайа оҕо ханнык сорудахха ыарырҕатыай, кимиэхэ эбии туох сорудаҕы биэриэххэ сөбүй диэн.
Мин олоххо тугу эмит ситиспит да буоллахпына ол бастатан туран маамам Ксения Александровна, эдьиийим Марина Александровна, күтүөтүм Семен Константинович үтүөлэрэ.
Ксения Александровна оҕо киһи быһыытынан иитиллэн тахсарыгар кыраайы үөрэтии, төрөөбүт төрүт түөлбэ историятын билии уһулуччу суолталааҕын, инники кэскиллээҕин таба өйдөөн, кыраайы үөрэтэр музей тэрийбитэ күн бүгүн үлэлии, оҕо интэриэһин тарда турара кэрэхсэбиллээх. Музейы кэлин салайан үлэлэппит, эмиэ Андросовтар учуутал династия биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ Т.И.Андросова, сүдү историческай суолталаах Байаҕантай улууһун быраабатын дьиэтигэр, баар экспонаты барытын мунньан, ис бараанын оскуола коллектива, нэһилиэк дьоно көмөлөөн оҥорон, оскуола кыраайы үөрэтэр музейа буолбута.
Музейга 2019 сыллаахха үүнэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ өр сыллаах айымньылаах үлэлэрин, үөрэхтээһиҥҥэ киллэрбит кылааттарын сыаналаан, үйэтитэн Андросовтар учуутал династияларын аата иҥэриллибитэ. 2006 сыллаахтан К.А.Андросова аатынан “Бастыҥ остуоруйаһыт” диэн алын кылаас үөрэнээччилэригэр остуоруйаһыттар куонкурустара тэриллэн, оҕо-аймахха таптыыр сүрэҕин сылааһын анаабыт, дьоһун олоҕунан холобур буолбут тапталлаах Учууталбыт үүнэр көлүөнэни иитэргэ, үөрэтэргэ тирэх буолар, эдэр көлүөнэнэн үйэтитиллэр. Үтүө киһи аата умнуллубат Аналлаах.
Бэлэмнээтилэр: Галина Неустроева, Александра Кустурова.