Үөрэтиллибэтэх дьылҕа

Биллэрин курдук дойдубут истори­ятын норуоппут бэйэтэ айар, оҥорор. Онуоха биирдиилээн дьон эбэтэр лич­ностар кыттан араастаан сабыдыаллы­ыллар.

Кэлиҥҥи кэмнэргэ уларыта тутуу­нан ситимнээн дойдубут историятын саҥаттан көрүү, үөрэтии биллэрдик кэҥээтэ. Ол түмүгэр урут араас бири­чиинэнэн, сылтахтарынан умнуллубут, биллибэтэх түбэлтэлэр, итиэннэ урут үлэлээн ааспыт дьон олохторо, үлэлэрэ өрөспүүбүлүкэ таһымыгар киэҥник сырдатыллар буолла. Ити түмүгэр күөх экраҥҥа, араадьыйанан араас интэриэһинэй биэриилэр баар буоллу­лар, ыстатыйалар, кинигэлэр да элбэх­тик бэчээттэнэн тахсаллар.

Ол да буоллар, урут өрөспүүбүлүкэ тосту өҕүллүүлээх, дьалхааннаах кэ­мигэр олорбут уонна үлэлээбит сорох дьон олохторо, биографиялара билигин да толору, сиһилии үөрэтиллибэккэ, бар дьон билиитигэр тахсыбакка турар. Биир оннук умнуллан эрэр киһинэн уһуннук өрөспүүбүлүкэҕэ араас салай­ар дуоһунастарга үлэлээбит, Тааттаттан төрүттээх Кузьма Никифорович Слепцов (1908-1966 сс.) буолар.

Ол курдук Кузьма Никифорович Слеп­цов 1930-1960 сылларга Саха сиригэр сэ­биэскэй, партийнай уонна судаарысты­баннай уорганнарга уһуннук үлэлээбит өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үлэһит этэ.

Кини 1908 сыллаахха балаҕан ыйын 13 күнүгэр, Байаҕантай (билиҥҥитинэн Таатта) улууһун Уолба нэһилиэгэр олох­тоох бааһынай кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.

Төрөппүттэрэ саастарын, үйэлэрин тухары сүөһү иитиитинэн уонна сири таҥастаан (оҥорон) бурдугу үүннэрэн олорбуттара. Кузьма уон сааһыгар төрөппүт ийэтэ оҕолонобун диэн өлбүт. Итинтэн сиэттэрэн кинилэр дьиэ кэргэн хаһаайыстыбата улаханнык айгыраа­быта. Урут ийэлэрэ баарына уон тоҕус ынах сүөһү иитэр ыал, аны нэһиилэ биэс эрэ ынах сүөһүнү иитэр туруктаммыта. Бурдук ыһар сирдэрин хас да төгүл кыч­чатарга күһэллибиттэрэ.

Чороччу улаатан эрэр уол сайын аайы баайдарга кыра хамнаска хамначчытты­ыра. Үөрэххэ, сайдыыга олус баҕалаах, тардыһыылаах Кузьма Слепцов Уолба ситэтэ суох оскуолатыгар 1916 сылла­ахха үөрэнэ киирбитэ. Кузьма Слепцов Уолба бастакы комсомолецтарыттан биирдэстэрэ. 1921 сыллаахха учуутала С.М. Кочкин тэрийбит комсомол ячей­катын чилиэнэ. Үрүҥнэр С.М. Кочки­ны тутан баралларыгар, олорор дьиэ­титтэн комсомолецтар испииһэктэрин көрдөөн баран булбатахтара. Оскуо­ланы Кузьма Слепцов 1925 сыллаахха эрэ үөрэнэн бүтэрбитэ. Оҕолор үөрэнэр кыһалара эбэтэр оскуолалара икки сыл үлэлээбэккэ сабыллан турбута. Онно төрүөтүнэн, Саха сиригэр саҕаламмыт гражданскай сэрии буолбута. Уолбаны повстанчествоҕа кыттыбыт үрүҥ этэ­рээтэ хас да төгүл ыла сылдьыбыта. Со­ветскай былаас диэки санаалаах дьону эккирэтии, тутуу, хаайыы уонна ытан өлөрүү Уолбаны тумнан ааспатаҕа. Онон, Кузьма Слепцов оскуоланы үрүҥнэри букатын үүрбүттэрин кэннэ бүтэрэргэ күһэллибитэ. Кэлин кини бэйэтин ав­тобиографиятыгар, кини 1925 сылтан 1930 сылга дылы бэйэтин нэһилиэгэр ааҕар балаҕаҥҥа, нэһилиэк Сэбиэти­гэр сэкирэтээринэн үлэлээбитим диэн ахтыбыт. 1925 уонна 1927-1928 сыллар­га Уолбаҕа бойобуой дружина чилиэ­нинэн, кэлин кыһылларга тылбаасчы­тынан, байыаһынан сылдьыбыт. Онон, Кузьма Слепцов үрүҥнэри эһии көхтөөх кыттыылааҕа.

1928 сыллаахха кини БКП(б) кэккэти­гэр кандидатынан, онтон 1930 сыл муус устар ыйыгар Тааттатааҕы партийнай тэрилтэ Кузьма Слепцовы партия чи­лиэнинэн ылбыт. Партияҕа киирэригэр кинини мэктиэлээбит эбэтэр рекомен­дация биэрбит коммунистартан биир­дэстэринэн, Саха сиригэр гражданскай сэрии дьоруойа, Кыһыл Знамя уордьан­наах Гавриил Егоров (1879-1942 сс.) этэ. Онон, уордьаннаах сэрии дьоруойа эдэр Слепцов Кузьмаҕа туох да саарбаҕа суох холобур буолар, тумус туттар киһитэ бу­олбута.

Сүдү кылааты киллэрсибит үлэһит

Партияҕа киириэн иннинэ 1930 сыл­лаахха кулун тутартан атырдьах ыйдары­гар дылы Кузьма Слепцов Таатта орой­уонугар комсомол кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн, онтон ити сыл сэтин­ньигэ диэри инструкторынан үлэлээбит.

К.Н.Слепцов 1934 с. ахсынньыга Уус Майаҕа райисполком председателинэн үлэлиир кэмигэр түспүт. Кини Дьокуускайга Бүтүн Саха сиринээҕи Советтар VIII съезтэригэр кыттыыны ылбыт.

1930 сыл бүтэһигэр Саха сиринээҕи партия обкомун уонна Саха АССР Со­внаркомун быһаарыытынан К.Н. Слеп­цов Уус Маайаҕа олохтоох Сэбиэттэри тэрийэн быыбардатар сыаллаах-сорук­таах командировкаҕа ыытыллыбыт. Он­туката, сотору соһуччу түмүктээх буолбу­та. Ол курдук быыбардар түмүктэринэн Кузьма Никифоровиһы аны бэйэтин саҥа тэриллибит Уус Майа оройуону­гар олохтоох райисполком председате­линэн соһуччу талбыттар. Саҥа оройуон 1931 сыл ыал ыйын 20 күнүгэр тэрил­лэн, күн бүгүнүгэр диэри бэйэтин кыла­атын өрөспүүбүлүкэ уонна дойду эконо­миката сайдарын, бөҕөргүүрүн туһугар киллэрэ олорор. Манна кыһыл көмүһү хостуур промышленность күүскэ сай­дыбыта. Райисполком председатели­нэн К.Н. Слепцов 1936 сыл бэс ыйыгар диэри алта сылтан ордук үлэлиир. 1936-1937 сылларга К.Н. Слепцов Москваҕа ВЦИК иһинэн Сэбиэскэй тутул Үрдүкү куурустарыгар тиийэн үөрэммит. Онно куурсугар партком сэкэрэтээринэн та­лыллыбыт.

1937-1938 сылларга Дьокуускай куо­ракка Саха Киин Ситэриилээх Кэмитиэ­тигэр (СКСК) инструктордаабыта.

Уустук кэмҥэ үлэлээбитэ

Биллэрин курдук, 1935-1939 сыл­ларга Сойуус үрдүнэн хааннаах репрес­сиялар күүскэ ыытыллан барбыттара. Онно сылтаҕынан, төрүөтүнэн Смоль­найга (Ленинградка) С.М. Кировы өлөрүү буолбута. Дойду үрдүнэн хаарыйбыт репрессия холоруга НКВД уорганна­ра лаппа күүһүрүүлэригэр тиэрдибитэ. Түмүгэр НКВД уорганнара партийнай хонтуруолтан тахсыбыттара. Тахсы­быт балаһыанньа партийнай үлэһиттэр ханнык да көмүскэлэ суох хаалыылары­гар тириэрдибитэ. Оннооҕор Политбюро чилиэннэрин, партия Киин Кэмитиэтин сэкэрэтээрдэрин, обком, райком сэкэрэ­тээрдэрин хаһан баҕарар хаайыллыах­тарын сөптөөх усулуобуйа баар буолбу­та. Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэни араас сылларга салайа олорбут саха чулуу уо­латтара М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, И.Н. Барахов, С.Н. Донской-II, А.Г. Га­бышев, Н.Н. Окоемов уонна да атыттар репрессияҕа түбэһэн суорума суоллам­мыттара. Элбэх киһи ытыллыбыта.

Маннык уустук балаһыанньаҕа пар­тиялаахтар да көннөрү, боростуой дьон үлэлииллэрэ-хамсыыллара уустугур­бута. Бары кэтэбилгэ-манабылга, ити­эннэ уорбалааһыҥҥа сылдьыбыттара. Онтон, дуоһунастаах үлэһиттэр икки уот икки ардыгар сылдьан үлэлииргэ күһэллибиттэрэ.

К.Н. Слепцов биир дойдулаахтарын кытта бииргэ түспүт. Кини бастакы эрээккэ хаҥастан үҺүс олорор. Иккис эрээккэ ханастан үҺүс Анна Григорьевна Андросова (Колесова, Уолба), ити эрээккэ хаҥастан бэҺис Власий Тимофеевич Слепцов (Уолба) олороллор.

1938-1943 сылларга К.Н. Слепцов Тааттаҕа партия оройуоннааҕы кэми­тиэтин бастакы сэкэрэтээринэн талыл­лыбыта. Саха национальнай архыы­быгар, кини ити сылларга үлэлээбит докумуоннарын булан биэрбэти­лэр, онон билсибэтим. Ол да буол­лар, кини Тааттаҕа үлэлиир кэмигэр өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытыллар араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыт­тара.

Ол курдук, 1942 сыллаахха балаҕан ыйын 6 күнүгэр Дьокуускайга драм­театр дьиэтигэр саха норуота фашиз­мы утары миитинэ тэриллибитэ. Онно норуот чулуу представителлэрэ мустан өстөөҕү утары бэйэлэрин уордайыыла­рын, сыһыаннарын аһаҕастык биллэр­биттэрэ. Миитиҥҥэ Саха АССР үтүөлээх артыыската Д.Д. Слепцова, поэт В.М. Но­виков — Күннүк Уурастыырап, Саха АССР Президиумун председателэ С.П. Сидо­рова, обком сэкэрэтээрэ С.А. Бордон­скай уонна да атыттар фашистскай иде­ология уонна кинини батыһааччылар, өйөөччүлэр сир үрдүттэн симэлийиэх­тээхтэрин, урусхалланыахтаахтарын туһунан тыл эппиттэр. Миитин кытты­ылаахтара дойду салайааччытытыгар И.В. Сталин аатыгар сурук ыыппыттар. Онно 40-тан тахса миитин кыттыылааҕа илии баттаабыттара. Онно саха омук 45 чулуу представителлэрэ илии баттаа­быттар. Кинилэр ортолоругар Тааттат­тан төрүттээх Д.Д. Слепцова уонна К.Н. Слепцов эмиэ бааллара.

К.Н. Слепцов 1943-1946 сыллар­га Саха АССР Совнаркомун бэрэссэ­дээтэлин солбуйааччынан үлэлээбит. 1938-1956 сс. партия обкомун чилиэ­нинэн быыстала суох талыллыбыта. Ити сылларга партия обкомун араас сорудаҕын элбэхтик толорбут. 1946-1955 сылларга ССРС Судаарыстыбан­най хонтуруолун министиэристибэ­тэ Саха АССР-га тэрийбит группатыгар үлэҕэ анаммыта. Бу олус эппиэтинэстэ­эх, кытаанах ирдэбиллээх тэрилтэҕэ, кини маҥнай 1946 сыл ахсынньытыт­тан старшай контролерунан үлэлээбитэ. Маҥнай киниэхэ өрөспүүбүлүкэҕэ бур­дуктан оҥоһуллар бородууксуйа төһө көдьүүстээхтик харайылларын уонна ороскуоттанарын хонтуруоллуур эбээһинэс сүктэриллибитэ. Онтон кини үрдээн, контролердар бөлөхтөрүн салай­ааччытынан анаммыта. Кэлин К.Н. Слеп­цову Саха АССР кылаабынай Судаары­стыбаннай контролерунан анаабыттара, онно кини кандидатуратын партия Киин Кэмитиэтэ бигэргэппитэ.

Эрэли ылбыт салайааччы

К.Н. Слепцов ССРС Госконтролун ми­нистиэристибэтигэр үлэҕэ киирэригэр салайааччынан аатырбыт Л.З. Мехлис (1889-1953 сс.) миниистиринэн ананан олороро. Онон үлэҕэ кини ылбыта. Бу сүрдээх ирдэбиллээх уонна партия ин­нигэр улахан эппиэтинэстээх үлэһит этэ. Л.З. Мехлистэн элбэх киһи, ол иһигэр дойду улахан салайааччылара, байыан­найдар уонна да атын биллэр дьон сэрэ­нэллэрэ, дьаахханаллара. Дойду салай­ааччыта И.В. Сталин кинини үчүгэйдик билэрэ уонна итэҕэйэрэ. Л.З. Мехлис 1920 сылларга И.В. Сталиҥҥа тус сэкэрэ­тээринэн, 1937 сылтан сэрии саҕаланыар диэри Кыһыл Армия политуправле­ниетын начальнигынан уонна да атын эппиэттээх үлэҕэ сылдьыбыт партия уонна сэбиэскэй судаарыстыба биллэр деятелэ этэ. 1953 сыллаахха олунньу­га кини өлбүтэ. Крема­цияламмыт уҥуоҕун күлэ Кыһыл болуоссак­ка Кремль истиэнэти­гэр кистэммитэ.

Онтон кини кэн­ниттэн, И.В. Сталин өлбүтүн кэннэ, үлэлии кэлбит миниистири, Армия генерала В.Н. Меркуловы Л.П. Берия дьыалатынан буруй­даан, 1953 сыллаахха сууттаабыттара уонна ытарга уураахтаабыт­тара. Бүтэһик минии­стиринэн В.М. Моло­тов үлэлээбитэ. Мантан көстөрүнэн Кузьма Никифорович үлэлиир сылларыгар, дойду салалтата уларыйар кэмигэр, кини үлэлээбит ми­нистиэристибэтин иһигэр балаһыанньа олус кытаата уонна уустугура сылдьы­быт.

Бу дуоһунаска кини 1955 сыл балаҕан ыйын 16 күнүгэр диэри, Саха сиринээҕи бөлөх үлэтин хаһан тохтотуохтарыгар диэри ситиһиилээхтик үлэлээбит. Ми­нистиэристибэ биэрбит характеристика­тыттан көрдөххө, К.Н. Слепцов бэйэтин үтүө суобастаах үлэһит, үлэтин үчүгэйдик билэр, принципиальнай салайааччы буоларын көрдөрбүт. Госконтроль ми­нистиэристибэтин сорудахтарын то­лортообутун иһин бириэмийэлэмми­тэ ахтыллыбыт. Политическай өттүнэн сайдыбыт, уопсастыбаннай уонна пар­тийнай үлэҕэ көхтөөх буолан, Саха сирин обкомугар пленум чилиэнэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Салгыыта тахсыаҕа.

  Виталий Слепцов.

Читайте дальше