«Кыайыы поеһын» биһирээтибит

Оскуолабытын 1976 сыллаахха бүтэрбит выпускниктары кытта биһиги бастакы кылаастан шефтэһэбит.

Соторутааҕыта Аллараа Бэстээххэ баран «Кыайыы поеһын» көрөн, күүлэйдээн кэлбиттэр.

Балаҕан ыйын 30 күнүгэр оскуола боруогун атыллаан үөрэнэ киирбиттэрэ 55 сылынан үөрэммит оскуолаларыгар кэлэн ыалдьыттаатылар уонна улахан бэлэх оҥордулар. Оскуолабыт библиотекатыгар элбэх араас интэриэһинэй кинигэни, энциклопедиялары, хартыыналары бэлэх туттардылар. Алын кылаастарга өйү сайыннарар оонньуулары уонна күөх муннукка сибэккилэри биэрдилэр.

Бу иллээх выпуск оҕолоро биһиэхэ куруутун өйөбүл, субэ-ама буолаллар, элбэххэ үөрэтэллэр. Маннык бэлиэ күҥҥэ биһиги кылааска минньигэс торт уонна 5000 сууммалаах икки стипендия анаатылар. Бу стипендияны сыл түмүгүнэн бастыҥ үөрэхтээххэ уонна бастыҥ спортсменҥа анаатылар.

Олус диэн үөрдүбүт уонна соһуйдубут. Сыл түмүгүнэн бу стипендиялары ким ылан дьоллоноро буолуой?!

Олус интэриэһинэй, кытаатан кыһаллан үөрэниэхпит. Шефтээх выпуспутугар, аҕам саастаах доҕотторбутугар оскуолабыт коллективын аатыттан уонна чуолаан 6 кылаас оҕолоруттан улахан махталбытын тиэрдэбит!

Айаана Семенова, Уолба орто оскуолата.

Читайте дальше