Уус Алдан улууһун Чараҥ бөһүөлэгиттэн үлэ бэтэрээнэ Альбина Семеновна Бурцева суруйабын. Мин 2004 сыллаахха зоб диэн ыарыынан ыалдьан олус эрэйдэм- митим. Зобум эмискэ олус улааппыта. Олох сэниэтэ суох буолбутум, улаханнык ырбытым. Улууспар эмтэммитим. Онтон сыл бүтүүтэ куоракка эпэрээссийэҕэ ыыппытта- ра. Медцентрга киирэн ыйы быһа көрдөрбүтүм. Барым- барыта куһаҕан аатыран испитэ. Анаалыс бөҕөнү биэр- битим. Онтон биир күн билэр дьоммун көрсүбүтүм: «Оо, олох эпэрээссийэлэнимэ», — диэбиттэрэ. «Тааттаҕа бар, онно Михаил Фомич Чашкин диэн эмчит баар, киниэ- хэ баран эмтэн», —  диэн сүбэлээбиттэрэ. «Илдьэ барарыҥ диэн киргил көтөр», —  диэбиттэрэ. Ону истэммин дойду- бар төннөн кэлэн, ол көтөрү көрдөппүтүм. Саас суол олох алдьанан турдаҕына булан барбытым. Төлөпүөнүнэн билсэн баран, Михаил Фомич: «Ол көтөрү илдьэ кэл», — диэбитэ. Тиийбиппэр олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Олох уруккуттан билэр дьоммор тиийбит курдук са- наммытым. Эмтээбитэ. От, эмэгэт биэрбитэ. «Зобун олус улахан эбит», — диэбитэ. Эппитин барытын толорбу- тум. Атын дэриэбинэҕэ олорор киһи өлөрбүт көтөрүн ыламмын күһүн эмиэ эмтэнэ барбытым. Билигин онон мэһэйдэппэппин. Михаил Фомичка олох махталым муҥура суох улахан.

Этэҥҥэ доруобай сырыт, күндү киһибит. Дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну. Оҕолоруҥ, сиэннэриҥ бука бары этэҥҥэ буоллуннар!

А.С. БУРЦЕВА, Уус Алдан.

Читайте дальше