Муус аннынан балыктааһын күрэхтэһии туох да астыктык, өрө күүрүүлээхтик, олус тэрээһиннээхтик ыытылынна. Күммүт да туран биэрэн, кыра да тыалы көрдөрбөккө, күнүн күөрэччи күндээрдэн, наһаа табылынна. Василий Бурмистров көҕүлээһининэн, 2015 сылтан тэриллэн, улуус таһымыгар, эдэр натуралистар станцияларын уонна экология инспекциятын сүнньүнэн тэриллэр, улууска муус аннынан балыктааһыҥҥа соҕотох күрэхпит.
Быйыл 7 хамаанда күөн көрүстэ: Уус Таатта, Дьохсоҕон, Алампа аатынан бастакы оскуола, СЮН, «Эрэл» киин уонна Тааттатааҕы лицей 2 хамаандата. Аллан эбэҕэ, Кучаайыга, Уус Таатта дьаһалтатын уонна оскуолатын кыһамньыларынан хаара анньыллан бэлэмнэммит сиргэ тиийээт, кыттааччылар тута олохторун оҥостон, күрэххэ ох курдук бэлэмнээх кэлбиттэрин көрдөрөллөр. Тыас-уус холбонон, 7 хамаанда сэлэлии хааман, күрэхтэһиибит саҕаланар. Көр-нар, оҕо-аймах күйгүөрэ, дьэ манна буолла!
Хамаанда 5 кыттааччытын барытын хабар эстафетаҕа бастакы оҕо буур туппутунан тоҥуу хаары тоҕута кэһэн, сүүрэн кэлэрин кытта иккис оҕо бууру эрийэн-буруйан Аллан эбэ мууһун дьөлүтэ түһэн, уу таһаарда. Уу өрүтэ ыстанарын кытта сэттэлээх биэдэрэни толорон, солууру туппутунан тэйиччи сүүрэн тиийэн, уот күөдьүтэн, төһө эмэ буһуунан-хатыынан кутаа уоҕун күүһүрдэн, уу оргуйарын ситистилэр. Манна Дьохсоҕоннор уулара бастакынан бидиличчи оргуйда. Ити кэнниттэн, сэниэ киллэрэн, бачча чэбдик салгыҥҥа, чээйдээтибит. Оҕолорбут астара туох да өрөһөлүү, остуолу хотойорунан. Аныгы кэм буолан, хамаанда аайы хомуллар остуоллаах, биирдии оҕо илдьэ сылдьарга бэрт табыгастаах олоппостоох.
Иккис күрэхтэһиибит сыал ытыыта буолла. Хамаанда кыттааччыта биирдии — биирдии сүүрэн кэлэн, 10 миэтэрэттэн быыкаайык мас кубигы ытыахтаах. Хаһан бу кубигы табан, охторуор диэри ыта-ыта турарынан, сорох хамаандалар үгүс мүнүүтэлэрин манна төһө эмэ сүүйтэрдилэр. Манна Тааттатааҕы лицей «Көмүс хатырык» хамаандата 3 мүн.47 сөкүүндэлээх бастыҥ буолла. Бу күрэхтэһиигэ сүүрэн кэлээт да, бастакы буулдьанан кубигы суулларбыт 5 бэргэнтэн уһулуччуларын талыы буолла. Биатлон быраабылатынан, 5 тэн элбэҕи ылбыт кыайыахтаах. Манна лицей оҕото Львов Ваня 4 очкону ылан, «Бэргэн ытааччы» аатын сүктэ уонна спорткомитет бирииһин, «Умные часы», бэлэх тутта.
Үһүс түһүмэххэ кыттааччылар икки кулгаахтаах эрбиини хардары-таары хачайдаан, балачча сыраларын — сылбаларын бараан, күүс -сэниэ эстиэр диэри мас эрбээтилэр. Манна 49 сөкүүндэлээх «Биир түмсүү» диэн «Эрэл» киин хамаандата бастаата. Өрө көрүү, күүрүү, сүүрүү — көтүү кэнниттэн, кыттааччыларбыт Аллан эбэ киэҥ нэлэмэн дуолугар тарҕаһан, олохтоохтук оҥостон олорон, балыктыыр түгэннэрэ уоскулаҥы, чуумпурууну, ис куттуун сынньалаҥы бэлэхтээтэ.
Муус аннынан балыктыырга бэриллибит икки чааска ким бастакы балыгы хаптарбыт, ким саамай улаханы, кыраны бултуйбут анал номинацияларга тигистилэр. Холобура, күрэх бастакы балыгын лицей оҕото Артем Вырдылин хаптарда уонна Харбалаах дьаһалтата анаабыт 2000 солкуобайдаах сертификатын тутта. Наһаа ис иһиттэн астынан балыктыы олорор оҕолору көрөр үчүгэйэ сүрдээх. Ханна да ыксаабакка, бэлиэр сылытар буолбут күн анныгар, оҕолор балык өрө баһан таһаарартан дьоллонор бэйэлэрин, кэтии — маныы олорор дьоһумсуйбут кырачаан балыксыттары, өссө ким эрэ кинигэлээх олорорун көрөн, бу көрүҥ төрүт чуҥкук буолбатаҕын илэ харахпытынан көрөн итэҕэйдибит. Оҕолор балыктыыр кэмнэригэр 7 хамаанда салайааччыларын икки ардыларыгар абсолютнай күрэх ыыттыбыт. «Чээ!» диэн хаһыы дуораһыйарын кытта мууһуу буурдуур абытай хамсаныылар буоллулар. 26 сөкүүндэнэн уу таһааран, Дьохсоҕон хамаандатын салайааччыта Влас Бабанов үөрэх үлэһиттэрин профсоюһун бирииһин, 5000 солк. мэктиэлиир сертификаты ылла. Күрэх түмүгүнэн, «Тоҥуу хаар Тойоно», «Буур Боотур», «Эдэр балыксыт», «Балыксыт Куо», «Улахан балык», «Кыра балык» номинациялар хаһаайыттарын ааттаан, күрэх элбэх спонсорын бэлэхтэрин туттардыбыт. 3 миэстэни «Эрэл» киин хамаандата таҕыста уонна Василий Бурмистров доҕоро, Уус Таатта баһылыга Егор Постников анаабыт 5000 солк., бииргэ бултуур доҕотторо Александр Павлов, Михаил Варламов «Учуртан» 5000 сертификаттарын тутта. Оттон бу хамаанда салайааччыта Афанасий Варфоломеев Василий университекка бииргэ үөрэммит доҕоро Вячеслав Толстоухов анаабыт 3000 солк. бэлиэтэннэ. Иккис миэстэлээх Тааттатааҕы лицей «Көмүс хатырык» хамаандата Тарасовтар аймах уонна естественник учууталлар хомуйбут 10 тыһ. солкуобайы уонна экология инспекциятыттан 1.5-лыы тыһыынчалаах 5 сертификаты тутан, үөрдүлэр. Салайааччы Константин Ширяевка Жанна убайдаах, саҥаһа Алена, Григорий Григорьевтартан 4000 солк . туттардылар. Бастаабыт Дьохсоҕон оҕолоро Василий бииргэ үөрэммит кылааһын оҕолорун бирииһин 15тыһыынчаны уонна Василий 10-тан тахса сыл Тааттатааҕы техническэй лицейгэ бииргэ үлэлээбит коллегаларыттан 2-лии тыһыынчалаах 5 сертификаты тутан, үөрүүлэрэ балысхан буолла. Салайааччы Влас Бабанов Василий убайа, саҥаһа Владимир, Прасковья Бурмистровтар бириистэрин 5000 солк. тутта.
Маны тэҥэ Жанна, Амир Бурмистровтар анаабыт «Айылҕа оҕото» диэн номинацияны — 3000 солк. Максим Бояров тутта. Күрэхтэһии ыытылларын тухары, хамаанда хомуйан, ситиһиилээхтик кыттар уонна ыытыыга, тэрийсиигэ сүҥкэн көмөлөөх Алитет Кочневка Василий доҕотторо Лариса, Назар Турниннар анал бириистэрин — инструмент наборун үөрэ-махтана туттардыбыт. Күрэхтэһии биир тыынынан, үөрүү көтүү аргыстаах, өрө көтөҕүллүү долгунугар ааста. Таптыыр, суохтуур аҕабыт Василий Бурмистров сырдык аатын үйэтитэр бу күрэхтэһии санаа хоту ааста. Бары көмөлөспүт, өйөөбүт, тэрийбит, сүүрбүт — көппүт дьоммутугар сиртэн халлааҥҥа тиийэ махтанабыт.
Жанна, Амир Бурмистровтар.