Биһиги дойдубутугар оҕо литературата искусство быстыспат сорҕотунан буолар. Оҕолорго анаан суруллубут айымньылар оҕо иитиитигэр, киһи буола сайдыытыгар бэрт улахан суолталаах: кинигэттэн оҕолор элбэҕи билэллэр, өй-санаа өттүнэн сайдаллар, ону таһынан уус-уран айымньылар оҕо эстетическэй сайдыытыгар, майгы-сигили өттүнэн иитиллэн тахсалларыгар, төрөөбүт дойдуларын чугас, дьонун, төрөөбүт тылын, норуотун култууратын таптыырыгар көмөлөһөр.
Аныгы оҕо кинигэни олох аахпат буолла. Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн остуоруйаны кэпсээн, кинигэни көрдөрөн интэриэһиргэтэн, ааҕарга улахан болҕомто ууруллуохтаах.
Остуоруйалар улахан иитэр суолталаахтар: оҕону дьоҥҥо, дьиэ сүөһүлэригэр, кыылларга эйэҕэстик, кыһамньылаахтык сыһыаннаһарга үөрэтэллэр. Остуоруйаҕа үлэни таптааччыга сүрэҕэ суох, хорсун киһиэхэ куттамсах быһыы, үтүө дьоруойга куһаҕан санаалаах утарыта туруоруллар.
Оҕолор уус-уран айымньыны ааҕардааҕар улахан киһи кэпсиирин ордук биһирээн истэллэр, өйдүүллэр. Оҕо саадыгар хас биирдии иитэччи уустаан-ураннаан кэпсиири сатыахтаах. Остуоруйаны ааһан өссө өс хоһооннорун кыбытан, күннээҕи олоххо хомо-ҕойдук туһаннахха, иитиллээччилэр остуоруйаҕа оонньоон көрдөрдөхтөрүнэ, оҕолор айымньы суолтатын кэбэҕэстик өйдүүллэр, чугастык ылыналлар, онтон олус астыналлар, дуоһуйаллар.
«Ханнык баҕарар омук ыччатын, дьонун иитэр биир сүрүн күүһүнэн — кини тыла буолар. Ол туһугар араас тыл-өс, айымньылар үөскээбиттэр. Оннуктарынан биһик ырыаларын, остуоруйалары, өс хоһооннорун, олоҥхолору, оһуохайдары, норуот ырыаларын онтон да атыттары ааттыахха сөп», — диэн К.С. Чиряев «Олох педагогиката» диэн кинигэтигэр суруйбута.
Оҕо өйүн-санаатын кыратыттан остуоруйа эйгэтигэр ииттэххэ уонна сайыннардахха, кэнэҕэски кэлэр ыччакка туһалаах буолуо этэ. Остуоруйаттан сиэттэрэн, оҕо кинигэ да ааҕыа, киһи да быҺыытынан сайдыа этэ. Оҕолорго сахалыы остуоруйаны аахтарарга сүбэлээн туран, төрөппүттэр оҕолоргутугар кыра саастарыттан остуоруйаны кэпсии үөрэтиҥ.
Остуоруйа киһини кэрэҕэ, сырдыкка эрэ угуйуо. Остуоруйаны ааҕыы – билиигэ бастакы хардыытынан буолар.
Вера БЕЛОЛЮБСКАЯ, И.М. Хатылаев аатынан Баайаҕа орто оскуолатын иитээччитэ.
Көмүс сүрэх
(Оҕолорго аналлаах остуоруйа)
Былыыр — былыр биир хойуу тиит мастардаах халыҥ сис тыаҕа куобахтар дьиэ кэргэттэрэ олорбуттара эбитэ үһү. Ийэлэрэ Көмүс сүрэх, аҕалара Хорсун сүрэх, онтон кыыстара Тииҥ мэйии диэн ааттаахтар эбит.
Аҕалара Хорсун сүрэх үлэһит бэрдэ, күн аайы кыстыгы туоруур аһын була-тала хара тыаны кэрийэ барар. Ийэлэрэ дьиэтин-уотун көрөр, ас астыыр, иистэнэр. Кини олус аһыныгас сүрэхтээх, кыылларга төһө кыайарынан көмөлөҺө сатыыр эбит.
Арай биирдэ чугас эргин кыһыҥҥыга хаһаанарга тэлэйдии баран иһэн, ийэ мэкчиргэни көрсө түспүт. Кини олус санаарҕаабыт көрүҥнээх эбит.
— Хайа, Мэкчиргэ, тоҕо санаарҕаатыҥ? – диэн Көмүс сүрэх ыйыппыт.
— Кырыа кыһыммыт чугаһаата, мин кырачаан оҕолорум таҥнар таҥастара суох, таҥаспытын албын саһыл былдьаан ылбыта, хантан таҥас булан кыһыны туоруурбут буолла – диэн ийэ мэкчиргэ ытамньыйбыт.
Көмүс сүрэх ийэ мэкчиргэни олус аһыммыт, хайдах эмэ мэкчиргэ оҕолоругар көмөлөһүөх санаата киирбит. Бу санааттан дьиэтигэр тиийэн, кыыһын Тииҥ мэйиини көмөлөһүннэрэн, саҥа соннору тигэн биэрбиттэр. Ийэ мэкчиргэ оҕолорунаан олус үөрбүттэр-көппүттэр. Көмүс сүрэххэ уонна Тииҥ мэйиигэ хайдах махтаныахтарын булбатахтар.
Биир үтүө күн Тииҥ мэйии кыысчаан дьиэтин таһыгар оонньуу сылдьан ким эрэ ытыырын истибит. Арай көрбүтэ, кып-кыра кутуйах оҕото ытыы олорор эбит.
— Ыый-ыый. Албын саһыл миигин сиэри эккирэппитигэр куотабын диэн мунан хааллым. Дьиэбин хайдах булан тиийэбин, ыый-ыый, – диэхтээбит кырачаан кутуйах ытыырын быыһыгар.
— Санаарҕаама. Кутуйахчаан, биһиги тугу эмэ толкуйдуохпут, – диэн Тииҥ мэйии кутуйахчааны уоскуппут уонна дьиэтигэр киллэрбит. Ийэлээх аҕатыгар кырачаан кутуйах туохха түбэспитин кэпсээбит. Хорсун сүрэх, Көмүс сүрэх, Тииҥ мэйии сүбэлэһэн баран, кутуйахчааны дьиэтигэр илдьэн биэрэргэ быҺаарыммыттар. Кутуйахчаан дьиэтигэр тиийбиттэригэр ийэлээх аҕата оҕолорун сүтэрэн ытыы олороллор эбит. Кутуйахчааннара тыыннаах кэлбититтэн бары олус үөрбүттэр.
— Үтүө санаалаах куобахчааннар, эһиги амарах санаалааххытын куруутун истэбит. Оҕобутугар тыыннаах кэлэригэр көмөлөспүккүт иһин сиртэн халлааҥҥа диэри махтанабыт. Аны да амарах санааҕыт уостубатын, – диэннэр махтаммыттар, күндү ыалдьыт буолалларыгар ыҥырбыттар.
Көмүс сүрэх үөрэн эппит: «Үтүө тыл баайдааҕар күндү. Үтүөнү оҥоруоҥ – үтүөҥ уон оччонон эргийиэ!»