Таатта улууһун духуобунас киининэн ааттыыллар. Олох эргиирин сиэринэн төрөөн, олорон ааспыт чулуу биир дойдулаахтарбытын көлүөнэ солбуйар, онтон араас эйгэҕэ таһаарыылаах саҥа үлэһит киһи аата көмүс буукубанан суруллар.
Ахсынньы аан даам тымныытынан оргуйан олорор күнүгэр Таатта улууһун дьаһалтатын планерката долгутуулаах тэрээһинтэн саҕаланна. Олоҕун устата төрөөбүт улууһа барҕара сайдарыгар төһүү кылаатын киллэрбит, Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, улууспут бочуоттаах гражданина Николай Ефимович Попов салайар үлэттэн тохтуур күнүгэр саҥа көлүөнэ улуус салайааччылара кэлэн ытыктыыр аҕа табаарыстарыгар сылаас ис хоһоонноох эҕэрдэлэрин, баҕа санааларын эттилэр. Бу бэлиэ күҥҥэ Дьокуускай куораттан Е.Ярославскай аатынан “Саха музейа” бас тэрилтэбит салайааччыта Николай Бугаев, кини солбуйааччыта Александр Ховров кыттыыны ыллылар.
Улууспут баһылыга Айаал Бурцев үгүс үтүө, сылаас тыллары этэн туран Николай Ефимовичка “Үйэтитээччи” муниципальнай бэлиэни ытыс тыаһын ортотугар туттарда. Николай Ефимович үгүс үйэлээх үлэтэ, тутуута барыта сыа-сым курдук наарданан, хас биирдии салайааччы кинини кытта алтыспыт кэмин санаан, ахтан ааста.
Николай Ефимович мындыр психолог буолар. Кини таба тайанан, санаатын уурда даҕаны саҕалаабыт дьыала тиһэҕэр тиийэр үтүө өрүттээх. Ол курдук, Ил Дархан А.С.Николаев дьиэ кэргэнэ “Үктэл миэлиҥсэни” саҥардан оҥоруута барыларыгар холобур буолан ааны аһан объектары чөлүгэр түһэрэр үлэлэр ыытыллаллар. Былатыан Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар Ил Түмэн депутата Виктор Лебедев хайдахтаах курдук күнтэн иитиллэн холбонор уоттаах тимир муостаны туттарда! Бу элбэхтэн аҕыйах холобур буоллаҕа эбээт.
Николай Ефимовичка кэмигэр сөптөөх да наҕараада иҥэриллибит эбит диэн сыаналыыгын. Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ диэн! Кини үлэтин саҕалыыр кэмэ, оччотооҕу көлүөнэ дьоно Николай Островскай “Ыстаал хайдах хатарыллыбытай” диэн роман геройа Павел Корчагин курдук биир идеяҕа, үлэлээн-хамсаан тиҥийбиттэрэ. Бастыҥ комсомол, партия тутаах үлэһитэ, Улуу Суорун Омоллоон уҥа илиитэ, аһаҕас халлаан анныгар турар Чөркөөх музейын сүһүөҕэр туруорууга. Бу туһунан үөлээннээҕэ, эмиэ үтүмэн үлэ бурҕалдьытын кэппит РФ, СӨ культураларын үтүөлээх үлэһитэ, “Саха музейын” 1976 – 1991, 2004 – 2019 сылларга салайбыт Егор Шишигин бу курдук ахтыбыт: “1975 с. комсомол Дьокуускайдааҕы комитетын II секретарынан үлэлии сылдьан аан маҥнай Николай Ефимович Поповы көрбүтүм, уобаластааҕы комсомол конференциятыгар аатырар П.Алексеев аатынан совхоз комсомольскай тэрилтэтин секретара, соторутааҕыта «Бочуот Знага» орденынан наҕараадаламмыт кыра уҥуохтаах уол тыл эппитэ, ыччаты үлэҕэ ыҥырбыта… Кэлин Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон Чөркөөх музейын саҕалыыр кэмигэр дойдутугар Тааттаҕа культура отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьара. Онон бу аатырбыт музейы тэрийсибит, Дмитрий Кононович үгүс көрдөһүүлэрин, сорудахтарын быһаччы толорбут, сүүрбүт-көппүт, дьону тэрийбит, салайбыт киһи буолар. Суорун Омоллоон таптаан «Таатта культуратын миниистирэ» диэн ааттыыра. Николай Ефимович тэрийэр дьоҕурдаах, дьону түмэр эдэр салайааччы Чөркөөх музейын тэрийсэр кэмигэр, оройуонугар сэрии ветерана, памятниктары харыстыыр, көрөр-истэр Общество председателэ И.А.Уваров кырдьаҕаһы кытта үгүс үлэни ыыппыттара, республикаҕа биир бастыҥ үлэлээх тэрилтэ буолбуттара. Таатта дьоно-сэргэтэ нэһилиэк аайы история, культура памятниктарын чөлүгэр түһэрэн, анал бэлиэлэри туруортаан, музейдары тэрийэн оройуону барытын улаханнык хамсаппыттара, бу үлэ күн бүгүҥҥэ дылы салҕанан барарыгар Николай Ефимович улахан үтүөлээх. Кэлин Чөркөөх музейыгар өр сылларга сэбиэдиссэйдээн бу музей атаҕар турарыгар, сайдарыгар элбэҕи оҥорбута, урукку үгэстэри тутуһан, олохтоохтору түмэн музей сыаналаах тутууларын реставрациялаан, саҥардан, күрүөлээн-хаһаалаан кэллэ. Николай Ефимович салайааччы быһыытынан коллективы, олохтоохтору түмэн, салайан араас субботниктары тэрийэн, онно бэйэтэ наар инники сылдьан, үп-харчы суох, тиийбэт кэмнэригэр бу бэрт улахан суолталаах музейы үчүгэйдик тутан, көрөн-истэн кэллэ, кырдьаҕаспыт Суорун Омоллоон былааннарын салҕаан, кини кэриэстэрин олоххо киллэрбит үтүөлээх. Николай Ефимович салайааччы быһыытынан биир күүстээх өрүтүнэн республика үрдүкү салалтатыгар ханнык баҕарар музей улахан да, кыра да боппуруостарын сөпкө туруорсара, быһаартарара буолар. Кини Бастакы Президеммитин М.Е. Николаевы, Е.А.Борисовы комсомол саҕаттан сирэй билэттиирэ улахан оруоллаах этэ. Ил Дархаммыт А.С.Николаев «Уктэл миэлиҥсэни» бэйэтин үбүгэр саҥардан, реставрациялаан биэрбитэ да туоһулуур. Николай Ефимович активнай общественнай позициялаах киһи. Сэбиэскэй кэм киһитэ комсомол, партия ииппит, сайыннарбыт салайааччыта аныгы да кэмҥэ үчүгэйдик үлэлээн, музейын салайан кэллэ, норуот кинини билинэр, ытыктыыр”, — диэн.
“Саха музейын” салайаччыта, Ил Түмэн депутата Николай Бугаев бэйэтин этиитигэр: “С 2006 года Николай Ефимович работал в качестве заведующего Черкехским историко-мемориальным музеем «Якутская политическая ссылка». Николай Ефимович – высококвалифицированный, опытный, творчески работающий музейный специалист, знающий технологию управленческой деятельности. Обладает активной гражданской позицией, правовой грамотностью, необходимыми знаниями по истории, культуре, краеведению, широко их применяет в повседневной деятельности.
Как заведующий Черкехским музеем он видел перспективные развития музея, четко и верно определял стратегию, цели и задачи, стоящие перед коллективом. Основной своей задачей ставил сохранение и развитие системы культурных ценностей, накопленных поколениями, современную, экспозиционную политику музея, внедрение новых форм работы с целью нравственного и эстетического воспитания подрастающего поколения.
Благодаря высокому профессионализму Николая Ефимовича Попова музей является одним из наиболее динамично развивающихся учреждений культуры и одним из центров духовного и культурно-исторического развития республики. Большую работу Попов Н.Е. ведет с жителями республики, улуса, его авторитет и уважение среди населения позволили собрать уникальную коллекцию экспонатов музея, сохранить и отреставрировать объекты культурного наследия. Активно проводит экскурсии, лекции, беседы, тематические уроки, выставки по историческому, военному, патриотическому, этнографическому, краеведческому и другим направлениям.
Выражаем глубокую признательность и искреннюю благодарность Николаю Ефимовичу за труд и неоценимый вклад в дело сохранения и развития Черкехского музея, сохранение и приумножение исторических и культурных ценностей и памятников нашего времени, — диэн бэлиэтээтэ.
Музей сайдыытын кытта тэҥҥэ үлэспит, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Изабелла Жерготова: “Дмитрий Кононович үйэлээҕи оҥороругар Николай Ефимович көмөлөспүтүгэр улаханнык махтанар этэ, араас боппуруостары быһаартараары кинини Москваҕа тиийэ элбэхтик илдьэ сылдьыбыта.
2006 сыллаахха Чөркөөх музейын сэбиэдиссэйинэн ананан музей объектарын чөлүгэр түһэриигэ үлэ саҥа көрүҥнэрин ыыппыта. Бу 2019 сыллаахтан тэнийбит «Сохраним памятники» Акция ыытылларыгар олук уурбута. Элбэх история уонна архитектура паамытынньыктарын быыhаабыт музей сайдыытын дьинӊээх энтузиаст үлэhитэ киhи буолар диэн µрдµктµк сыаналыыбын”, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Күндү салайааччыбытыгар, аҕа табаарыспытыгар, аҕалыы үтүө сүбэһиппитигэр Николай Ефимовичка Суорун Омоллоон эппитинии: “Үйэбин туох уһатта? Наар үчүгэйгэ тардыһарым. Үөрэниэхпин, сайдыахпын, элбэҕи билиэхпин-көрүөхпүн олус баҕарарым, билигин да баҕарабын”, — диэбитинии өссө да айымньылаахтык, үтүөнү үксэтэн олороргор, таптыыр дьыалаҕар музей үлэтигэр суолгун-иискин хаалларан көмө, ньыма буола, олох эргиирин үйэтитэ сылдьаргар!
Бэлэмнээтэ С.ХАЛГАЕВА.
Хаартыскаҕа түһэрдэ С.АВВАКУМОВА.