Омук чулууларын кытта туруулаһар

Бу күннэргэ куйаар ситиминэн Тааттаттан төрүттээх, Баайаҕаттан силистээх Данил Андросов Москва куорат спортивнай түһүлгэтигэр уһуну ыстаныыга 7 м 20 см түһэн, II-с миэстэни ылбытын туһунан Саха сирин хас биирдии ыалыгар үөрүүлээх сурах тиийдэ. Саха уола омук бэртэриниин тэҥҥэ хатыһар, омук туйгуннарын кытта туруулаһар буолбутуттан үөрдүбүт, астынныбыт. Холун этэ хойуннаҕына, сиһин этэ ситтэҕинэ, Данил уһуну ыстаныыга инники күөҥҥэ тахсыаҕа турдаҕа.


Данил Андросов Москватааҕы олимпийскай резервэ оскуолатыгар үөрэнэр, дьарыктанар. Спортка, күрэхтэһиигэ эбэтэ Маргарита Афанасьевна Андросова сиэнин куруук өйүүрэ, көҕүлүүрэ. Данил онус кылааска үөрэнэ сылдьан, сахалыы атах оонньууларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастарын нуорматын толорбута. Уһуну ыстаныыга маастарга хандьыдаат нуорматын толорон, тренерин, төрөппүттэрин эрэлин толорбута.

Бу өрөгөйдөөх күннэргэ: «Мин хас биирдии кыайыым – эн кыайыыҥ, хас биирдии ситиһиим – эн ситиһииҥ, мин саамай бэриниилээх ыалдьааччым уонна саамай тапталлаах эбэм!» — диэн Данил суруйбут тыллара иһиллэргэ дылылар. Данил Андросов бочуоттаах үктэлгэ туран, дойдутун, эбэтин, төрөппүттэрин санаабыт буолуохтаах.
Данил Андросовка спорт эйгэтигэр ситиһиилэри, кыайыылары баҕарабыт.

Маргарита Егорова.

Читайте дальше