“Россельхозбаан” экспиэрэ харчыны хайдах барыстаахтык уурдарар туһунан кэпсээтэ

Арассыыйа Киин баана тутаах ыстаапканы номнуо хаста да үрдэтэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо үбү-харчыны уурдарар боппуруоһу сэҥээрэр буоллулар. “Россельхозбаан” Саха сиринээҕи салаатын Ытык куел нэьилиэгэр баар эбии офиһын салайааччыта Елена Кулаковскаяны кытта көрсөн, 2024 сыл саҕаланыытыгар “Россельхозбаан” биирдиилээн дьоҥҥо аналлаах, барыстаах этиилэрин кэпсэттибит.

         – Елена Николаевна, өскөтүн дьон ордук харчылаах буоллахтарына, билигин ханна, хайдах уурдараллара ордугуй?

– Биһиги бааммыт саҥа килийиэннэргэ анаан барыстаах анал этиилээх – сыл аҥаарыгар уурдарар буоллахтарына, 16 %-наах ыстаапкалаах “Доходный” уурунууну үлэлэтэр. Өскөтүн килийиэн үбүн-харчытын уһун кэмҥэ уурдарыан баҕарар буоллаҕына, 3 сылга 15 %-наах ыстаапканы сүбэлиибит. Маны таһынан “Россельхозбаан” араас кэмнээх тус-туһунан ирдэбиллээх атын этиилэрдээх.

– “Саҥа килийиэннэр” диэн түһүмэххэ кимнээх киирэллэрий?

– Саҥа килийиэннэринэн биһиги бааммытыгар кэнники 30 күҥҥэ аһаҕас уурунууну уонна накопительнай счёттара суох биирдиилээн дьону ааттыыбыт. Килийиэн “Россельхозбаан” каарталаах, үлэлии турар атын счёттаах буолуон сөп.

– Накопительный счёт диэн тугуй уонна уурунууттан туох уратылааҕый?

– Уурунууга дуогабар түһэрсибит кэмҥит устатыгар бырыһыан ыстаапката уларыйбат, нууччалыы эттэххэ, фиксированнай буолар. Оттон накопительнай счёкка Киин баан ыстаапкатыттан тутулуктанан, бырыьыана уларыйар. Маны таһынан уурунуу араас тарыыптаах, холобур, харчыны эбии угуохха сөп эбэтэр угуллубат, устуохха сөп эбэтэр устар көҥүллэммэт о.д.а. Накопительнай счёкка харчыны эбии угар да, устар да кыахтааххыт. Сыл бүтэрин саҕана хаалбыт харчыга бырыһыан төлөбүрэ эбии ааҕыллар, бырыһыантан киирбит дохуот накопительнай счёкка бэйэтигэр эбиллэр. Ол курдук кэлэр ыйга бу уопсай суумаҕа баар харчыга бырыһыан эбиллэр. Капитализация ньыматынан харчы мунньулла турар.

– Эһиги килийиэннэргит үптэрин-харчыларын хайдах уурдаралларын ордороллоруй: уурунууга эбэтэр накопительнай счёкка?

– Араас. Килийиэн харчытын хаһан наадыйарыттан тутулуктаах. Холобур, өскөтүн килийиэн укпут харчытын хаһан наадыйарын чуолкай билбэт буоллаҕына, накопительнай счёкка угара ордук. Оннук түгэҥҥэ аҕыйах ый буолан баран устуохха сөп, бу кэмҥэ харчы кээмэйэ номнуо эбиллибит буолар. Билигин бу ордук барыыстаах, тоҕо диэтэххэ, “Россельхозбаан” “Моя копилка” накопительнай счётугар сыллааҕыта 10,5 % ыстаапкаҕа аахсыйа үлэлиир: маҕаһыыннарга “СВОЯ” биһиги кирэдьиит каартабытынан төлөстөххүтүнэ, ыстаапка 15,5 %-ҥа диэри үрдүүр. Атыылаһаргытыгар каартаны төһөнөн элбэхтик туттаҕыт, оччонон кэшбек улаатар. Онтон килийиэн өр кэмҥэ харчыны устарга былааннаммат буоллаҕына, уурунууга угара ордук. Харчыны араас валюта5а уурдарыан сөп, оччоҕо бырыһыаны таһынан харчы кууруһа үрдээтэҕинэ, эбии барыыһырар кыахтанар.

– Килийиэн харчыны хайдах сөпкө уурдарары, улахан барыһы ылары, укпут харчытын хаһан устарын чуолкай билбэт түгэнигэр тугу сүбэлиэ этигиний?

– Килийиэн уурдарыы ханнык ньыматын таларын уустугурдар, саарбаҕалыыр түгэнэ баар буолар. Оччоҕо биһиги “портфельнай уурдарыы” (портфельное размещение) диэни сүбэлиибит. Маннык түгэҥҥэ килийиэн сыл аҥаарынан устар харчытын уурунууга, онтон сотору кэминэн туһаныам диир харчытын накопительнай счёкка угар. Холобур, килийиэн 1 мөлүйүөн солкуобайдаах, сайын дьиэтин өрөмүөннүүргэ былааннанар. 200 тыһ. солк. накопительнай счёкка уктарыан сөп. Тоҕо диэтэххэ, сотору кэминэн миэбэлгэ, бытовай тиэхиньикэҕэ чэпчэтии буолара биллэр, чэпчэтии кэмигэр атыылаһар баҕалаах. Харчытын уктаран баран улааппыт сууманы устар кыахтанар. Хаалбыт 800 тыһ. солк. сыл аҥаарыгар уурдарар, оччоҕо өссө ордук барыыһырар.

“Россельхозбаан” аахсыйаларын уонна бородуукталарын усулуобуйаларын кытта сиһилии баан Ытык Күөл нэһилиэгэр баар офиһыттан билиэххитин сөп. Аадырыһа: Ытык Күөл, Кулаковскай уул., 25. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэ 15 оройуонугар баар баан эбии офистарыттан ыйыталаһаргытыгар сүбэлиибит.

Толору иһитиннэриини www.rshb.ru билсиэххитин сөп.

Билсэр төл.: 8 (800) 100-0-100, 8 (4112) 402-125.

Читайте дальше