Саҕастыыр  сээркээн  сэһэнньитэ – Сэмэн  Тумат

Саха норуодунай суруйааччыта Семен Андреевич Попов – Сэмэн Тумат туһунан литэрэтиирэни таптааччылар аҕыйах ыстатыйалары  суруйбуттарыттан  ураты М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу – Илиҥҥи федеральнай университет  магистрана Мария Андреевна Винокурова  “Образ Арктики в произведениях Семена  Андреевича Попова — Тумата” диэн магистр диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.

Ол иһин ааптар Сэмэн Тумат киэҥ эйгэлээх айар үлэтиттэн анаан-минээн, хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин кэрээбэт кэпсээниттэн саҕалаан, мутугунан быраҕар олоҕун суолун олдьот оҕо сааһыттан, хайдах-туох үстэ саадаҕын курданан, кустук курдук куоһанан, киһи-хара буолар кэскиллээх аартыкка арҕаран киирбитин кэпсиир суруйааччы үс туомнаах олоҕун уонна айар үлэтин туһунан монографиятын маҥнайгы чааһын суруйар  барҕа баҕалаах айар, чинчийэр үлэбин саҕалыыбын.

Маҥнайгытынан, суруйааччы дьиҥнээх хотугу сир оҕото, күн сирин көрөн, киһи-хара буолан, муора арыытыгар силлиэни-буурҕаны кытары сиэттиһэн, тулалыыр айылҕа өмүрэх эмээхсин курдук хамсыы-уларыйа турар, хайдах-туох санаа көтөн түһэр түбүгүрэр түбүгэр сөп түбэһэн, дьүкээбил үҥкүүлүүр хаҕыс халлаанын анныгар олдьот оҕотуттан борбуйун көтөҕөн барбытын кэтии-маныы, сылыктыы-сыаналыы көрөбүн. Ол да иһин кини дойду оччотооҕу эт саастыы оҕотунааҕар күннээҕи олоххо, дьиэҕэ-уокка, тулалыыр тайылҕан айылҕаҕа сыһыана, өйдөбүлэ букатын атын. Онтон былыргы оҕо эрдэ өйдөнөр диэн итини этэн эрдэхтэрэ.

Иккиһинэн, оҕо эрдэҕиттэн мунаарбытын билэ-көрө улаатар барҕа баҕата олоҕу дириҥник, чинчийэ, үөрэтэ сатыыра тэҥҥэ улаатан, кинини чинчийэр бөлүһүөктүү санааларга тиэрдибитин бэлиэтии саныыбын.

Үсүһүнэн, ыт — киһи доҕоро диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ол курдук хоһуун бэрдэ дьолун булар хотугу сиргэ-уокка ыт көлө быһыытынан ураты суолталааҕын кэрэһэлээн кэпсиир.

Төрдүһүнэн, аҕа курдук аҕаттан айыллан, ийэ курдук ийэҕэ иитиллэн, хотугу сир хоһууна буолан, үүнэн-сайдан испитэ суруйааччы оҕолорго анаабыт айымньыларыгар бу оҕо-аймахха эрэ буолбакка, төрөппүттэргэ остуол кинигэтэ буолуох суолталаах, иитэр-  үөрэтэр сүбэ-саргы буолар түгэннэрэ бэрт элбэхтэр.

Бэсиһинэн, Сэмэн Тумат хотугу норуоттар былыргы устуоруйаларын, үйэттэн  үйэҕэ, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ сүппэккэ-оспокко, умнуллан хаалбакка, өйгө-санааҕа дириҥник иҥмит үйэлээх үөрэхтэрин салҕааччы, сурукка-бичиккэ тиһээччи быһыытынан умнуллубат айылгылаах, бөлүһүөктүүр санаанан ситимнээччи, сылыктыы ырытар киэҥ эйгэлээх чинчийээччи, ол да иһин айар-чинчийэр үлэлэригэр айымньылаахтык, дириҥ хорутуулаахтык, научнай төрүккэ олоҕуран, дьиҥнээх учуонайдыы ырааҕы көрөн, үйэлээҕи үйэтитэн үлэлиирэ буолар.

Алтыһынан, суруйааччы Саҕастыыр былыргы устуоруйатын, олохторун илгэтин ойуулаан, удьуор-харалы аймах-билэ дьоннорун кэпсээбитэ ааҕааччыларга, кыраайы үөрэтээччилэргэ тугунан даҕаны кыайан кэмнэммэт кыһыл көмүскэ тэҥнээх барҕа баай. Онон бу үлэ историческай суолтата олус улахан.

Сэттиһинэн, суруйааччы айымньыларыгар Сээркээн Сэһэн курдук олох муудараһын, үс саха үйэлээх үөрэҕин ылыннарыылаахтык сэһэргиир. Кини хоту сир олохтоохторун адьас айылҕа оҕолорун курдук ылынабын: «Көнөлөрүн, кырдьыксыттарын, албына-көлдьүнэ суохтарын, доҕордоһууга муҥура суох бэриниилээхтэрин биирдэ эрэ билбит буолбатахпын», — дииригэр  толору  сөбүлэһэбин.

 Бэһис олук: «Атас иннигэр  атах тостор, доҕор  туһугар  доҕолоҥ буолуллар»

Философия билимин дуоктара, профессор, академик   суруйбута: «Доҕор… Ама, дьэ, үтүө киһи буоллаҕа доҕор барахсан. Кини эйиэхэ үчүгэй эрэ кэмҥэр буолбатах, ордук ыарахан күннэргэр дууһатынан, санаатынан чугас. Эн  олоххор күн эрэ көрөр кэмигэр чугас буолар дьон дьиҥнээх табаарыс, дьиҥнээх доҕор   үрдүк аатын сүгэр бырааптара суох. Киһиэхэ доҕор буолуу олус бочуоттаах уонна соччонон эппиэттээх. Эн доҕорум диэн ааттыыр киһиҥ олоххо бүдүрүйүөн даҕаны сөп. Араас сыыһаны-халтыны оҥоруон, доруобуйатын даҕаны сүтэриэн сөп. Онуоха барытыгар сүбэ-ама, санаа күүстээх кынатын тиирэ тардан биэрээччи, халбаҥнаабат  тирэх — эн, доҕор буолаҕын. Доҕору аатын- суолун түһэн биэрбэт, кинини тоҕоостоох кэмигэр харыстааччы эмиэ эн —  доҕор, буолаҕын», [1,c.18].

Cаха литэрэтиирэтигэр урут доҕордоһуу тиэмэтин Амма Аччыгыйа  «Сааскы кэм» арамааныгар, «Сынньалаҥҥа» кэпсээнигэр, «Доҕоттор» уонна «Алдьархай» диэн сэһэннэригэр иҥэн-тоҥон, илдьиритэн, ситиһиилээхтик сэһэргээбитэ. Ол буолар этэ: олоҥхо уонна остуоруйа бэрсэнээстэрин хорсун, дохсун сырыылара, үтүө-мөкү алтыһыылара, киһи уонна тулалыыр айгырастаах айылҕа хардарыта өйдөһөр, ситэрсэр, анаарар  алыптаах, толкуйдатар торумнуур тыллара-өстөрө, саргы санаалара. «Сааскы  кэм» арамааны арыйан ааҕабыт: «Микиитэ бастыҥ доҕоро Даарыйа эмээхсин хаҥас диэки хараҥа оронун түгэҕиттэн аҕыйахтык тахсара… Ол олорон кини ыраас, наҕыл куолаһынан  арааһы кэпсээн эҥээрийэрэ… Даарыйа эмээхсин ити курдук көтөр кынаттаах, сүүрэр атахтаах, үөн-көйүүр, киһи-сүөһү, хамсыыр-харамай, сир-халлаан тустарынан хаһан даҕаны бараммат, салгыппат кэрэ, дэлэгэй кэпсээннэрдээх. Кини остуоруйаларыгар бэрт эрэйи көрөн, муҥу туораан, уһугар тиийэн дьадаҥы байар, мөлтөх күүһүрэр, дьүдьэх киэркэйэр. Онон итинник остуоруйалар олоххо эрэли үөскэтэллэринэн, сырдыкка, үрдүккэ, кэрэҕэ дьулууру күөртүүллэринэн оҕоҕо дьайар күүстэрэ улахан. Оҕо быһыы-майгы өттүнэн тупсарыгар тириэрдэр, бэйэтин быһыытын-таһаатын, тутта-хапта сылдьыытын туһунан толкуйданарыгар сөптөөх остуоруйалар элбэхтэр. «Аан дойдуга туохтан да үчүгэй — эйэ, туохтан да куһаҕан иҥсэ баар»,- диир  Даарыйа  эмээхсин» [2,c.26].

Оскуолатааҕы доҕордоһууну Амма Аччыгыйа «Доҕоттор» диэн сэһэнигэр оччотооҕу кэмҥэ доҕордоһуу уратытын арыйан бэлиэтиир: «Үөрэнэ сылдьан киһи оччо ордук уһулуччу биһириир доҕордооҕун билбэт. Төттөрү-таары ааллаһан, кылааска сулукуччуһан киирэн, паартаны эргийэ көтүүгэ кылаастан нэлэкэччиһэн тахсан көрүдүөргэ тарҕаһа сүүрүүгэ киһи соччо наада оҥостон сыаналыы сылдьыбат» [3,c.104 ].

Ону кини олох ханнык эмэ түгэнигэр бииргэ алтыспыт, бодоруспут, ордук барыларыттан даҕаны ордороргун өйдөөн-санаан кэлэҕин. Оччоҕо ол доҕордоһуу саҥалыы уһуктан, кэҥээн, ырааһыран кэлэр, уруккутунааҕар бөҕөргүүр.

Биирдэ санаан көрдөххө, бииргэ төрөөбүттэр – ини-биилэр, балыстыылар бары биир интэриэстээх, биир өйдөөх-санаалаах буолуохтарын сөп курдук. Өссө, олоххо баарын курдук кинилэр биир аҕаттан, ийэттэн төрөөбүттэр. Ол эрээри хааннара төһө даҕаны биирин иһин, тус-туһунан социальнай эйгэҕэ үөрэммит, үлэлээбит буоланнар олоҕу көрүүлэрэ, сыаналыыллара, култууралара, өйдөрө-санаалара тус-туһунан, тэҥэ суох буоланнар, кыайан өйдөспөттөр, онон доҕордоһор даҕаны кыахтара суох буолар.

Биһиги көлүөнэ эрдэҕэс эрдэхпитинэ, сайын сайылыкка, кыһын оҕолорун үөрэттэрээри, оскуола таһыгар олороллорун саҕана, ыаллар үксүгэр дьукаахтаһан, ыаллаһан, бары биир курдук буолаллара. Улахаттар даҕаны, оҕолор даҕаны олус эйэлээх этилэр. Эн-мин дэһэн, кытыйанан-хамыйаҕынан кырбаһан, үөрүүлэрин, хомолтолорун тэҥҥэ үллэстэн, үөрэн-көтөн, толору дьоллоох курдук сананаллара.

Онтон билигин дьукаах-таһыы суох буолла. Ол оннугар ыаллыы олоруу олохсуйда. Онон истиҥ, иһирэх сыһыаннаһыы, доҕордоһуу суох буолан, симэлийэн иһэр. Олох көнөн, тупсан, ыаллар уонунан, сүүһүнэн квартиралаах таас дьиэлэргэ көстүлэр. Ол түмүгэр саха ыалларыгар куорат тоҥкуруун култуурата өтөн киирдэ. Ыаллыылар тэйсэн, аны аттыларыгар хайа ыал олорорун даҕаны билбэт буоллулар, кинилэргэ наадыйыы, туох даҕаны интэриэс суох буолла.

Ол оннугар бииргэ үөрэнэр, бииргэ аармыйаҕа сулууспалыыр уолаттарга, кыргыттарга кини суолтата атын өттүнэн салгыы сайдан, патриотическай уонна  интернациональнай доҕордоһуу ис хоһооно олус киэҥ буолла.

Уоттаах сэрии ортотугар, өлүү-сүтүү халбас харатын миинэн олорон, өлөр-тиллэр мөҥүрүүр мөккүөрүгэр доҕор, атас суолтата сиэрэ суох үүнэн, үрдээн көһүннэ. Хаһан эрэ, саха биллиилээх бэйиэтэ Баал Хабырыыс «Доҕордуулар тустарынан номох» балладатыгар украинец уонна саха саллааттарын доҕордоһууларын хоһуйбуттаах:

Бу суостаах сэриигэ баара

Икки истиҥ доҕордоһуу:

Биир Украина оҕото,

Биир Сайсары сахата.

Биирдэрэ Днепри ыллыыра,

Дьэрэлийэр Днеприн,

Украинатын таптыырын,

Оҕо сааһын кэрэтин…

Оттон биирэ дуо? Туойара

Үчүгэй Өлүөнэтин,

Сайдар Сайсары туонатын,

Саха биис көлүөнэтин…

Түмүктээн эттэххэ, дьиҥнээх доҕордоһуу киһиэхэ кэрэни, үтүөнү баҕарыы, мэлдьи куруук үчүгэйи, үйэлээҕи оҥоруу, үйэлээҕи өйдөтөр олох оскуолата.

Киһи буолуу сэттэ ситимин алтыс олугар: «Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын?»

Сэмэн Тумат былыргы түгэх төрүттэрин — Туматтар тустарынан, кинилэр баай ис хоһоонноох устуоруйаларын аҥардас суруйааччы эрэ быһыытынан буолбакка, дириҥник иҥэн-тоҥон чинчийээччи, бөлүһүөктүү санааларын сайыннаран, учуонайдар курдук ырытан, сыаналаан, өтө көрөн, санаатын уурбут тиэмэтин түөрэ түгэҕиттэн түөһэн, кырдьыгын арыйар уратылаах. Кини арҕарар айар, айымньылаах үлэтигэр ол да иһин бытархай быһаарыллыбатах боппуруос диэн суох.

Суруйааччы бэйэтэ эппитинии, бүгүҥҥү сахалар төрүччүнү оҥорууга, ити ытык өйдөбүлү тэнитээри олохтоохтук ылыстылар, онон бу хайысхаҕа үлэ, түмсүү хаһааҥҥытааҕар даҕаны күүһүрдэ. Ол аата түгэх төрүттэрин өйдүүр-саныыр, өрө тутар, убаастыыр, кинилэр хаалларбыт үтүөлэрин-өҥөлөрүн үйэлэргэ үйэтитэр, салгыы сайыннарар  ыллыктаах ыырыгар ыпсарар дьоһун дьоҕур, талба талаан дьон-сэргэ ортотугар толору баар эбит диэн дорҕоонноохтук, дуораччы этиэхпитин сөп.

Сэмэн Тумат ол ымыы ыратын, саргы санаатын ситэрэн-хоторон, Саҕастыыр үүнэр кэнчээри ыччатыгар төрөөбүт-үөскээбит сирин-уотун былыргыттан саҕалаан аныгы кэмҥэ  тиийэ ситимнээбитин кэрэхсии, сүгүрүйэ көрөбүн. Онон норуот суруйааччытын өссө биир  арылла илик талаана, чинчийэр, кыраайы үөрэтэр үлэҕэ көһөҥө көмүскэ тэҥнээх, сир-уот кистэлэҥэ дьон-сэргэ билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарбытын үрдүктэн үрдүктүк сыаналыах тустаахпыт. Бу ыллыктаах санааны сэттис олук ситэрэн биэрэр дии саныыбын.

Киһи буолуу сэттэ ситимин сэттис олугар: «Уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук» диэн этии баарын киллэрэбин. Суруйааччы: «Хайа баҕарар норуот тэнийдэҕинэ, уруута-оҕото ыраатан тэлэһийдэҕинэ, омуктар ортолоругар аптарытыата, биллиини ыллаҕына эрэ кэскиллэнэр», — диэн киһитийии сокуонун сэттэ ситиминэн — сэттэ олугунан соргулаахтык силбэспит үс саха ыччата үүнүө, сайдыа диир дьоһун санаанан түмүктүүбүн.

Туомтуу тардыы

Саҕастыыр Сээркээн Сэһэнньитэ, саха норуодунай суруйааччыта Семен Андреевич Попов — Сэмэн Тумат эргиччи талааннаах, дэгиттэр киэҥ эйгэлээх, таһынан  таһымныыр, муҥурун булларбатах, бөлүһүөктүү толкуйдаах айымньылаах айар үлэтин хайысхаларынан, бука барыта бииртэн-биир ситимнээх боччумнаах ырытыылары, айар лабораториятын дириҥник түөһэн, киэҥ эйгэҕэ, ааҕааччы аймахха таһаарар мүччүрүйбэт соруктар тураллар.

Ол курдук литэрэтиирэҕэ научнай чинчийиилэрэ, тылбаастара, публицистиката, философия классиктарыттан тылбаастара, устуоруйа номохторо, норуот үһүйээннэрэ, биир идэлээхтэрин тустарынан кынаттаах этиилэрэ, айбыт барҕа баайа саҥа көрүүлээх чинчийээччилэри күүтэр.

Егор Гаврильевич ВИНОКУРОВ.

Читайте дальше