Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга иитэргэ туһуламмыт, Тааттабыт ыччатын билиитин-көрүүтүн тус олоххо иҥэрэр сыаллаах таһаарыылаахтык үлэлиир үөрэх үлэһиттэригэр, күүс-көмө, өйөбүл буолар тэрилтэ салайааччыларыгар, улуус уопсастыбаннаһыгар аналлаах «Биир кэлим үөрэх эйгэтэ: саҥа үөрэх сылыгар сүрүн соруктар» балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньах буолан ааста.
Саҥа үөрэх дьылыгар эрэллээхтик үктэммиттэрин мэктиэлээн, үрдүк сыанаҕа дойдубут былаахтарын ыччат дьоммут күөрэччи тутан, мустубут дьон Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Таатта гимнэрин ыллаатылар. Тэрээһин кыттыылаахтара РФ үөрэҕириигэ уонна наукаҕа миниистирэ С.С. Кравцов эҕэрдэтин куйаар ситиминэн иһиттилэр.
Аан тылы «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон баһылыга Айаал Семенович Бурцев, СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Нюргуна Афанасьевна Соколова оҕо биридимиэти сөпкө талыахтааҕыттан, төрөппүтү кытта үлэни күүһүрдүүттэн киирии тылы саҕалаата. Таатта улууһа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн орто көрдөрүүлээҕэ, улууска уон алта оскуолаттан алта агро хайысхалаах оскуола баара бэлиэтэннэ. Быйылгы үөрэх дьылыгар үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэргэ туһаайыллыбыт саҥа соруктар туруорулуннулар. Улуустааҕы үөрэҕирии салаатын салайааччы И. И. Дягилев үс сыллааҕы судаарыстыбаннай эксээмэннэри туттарыы түмүгүн сиһилии билиһиннэрдэ. Сүрүн болҕомто биир кэлим эксээмэннэргэ уурулларын, икки саҥа «Основа безопасности и защиты Родины» уонна «Труд» биридимиэт, ону таһынан «Төрөөбүт дойду историятын» үөрэтии сонун хайысхата киирбитин кэпсээтэ. Уопсайа 1407 үлэһит баарыттан, онтон педагог баарын уонна үөрэхтэрин саҥа бүтэрбит 8 учуутал ананан үлэлии кэлбитин иһитиннэрдэ. Уһуйаан, оскуола бастыҥ үлэһиттэрэ сыралаах үлэлэрэ сыаналанан, үрдүк сыанаҕа наҕараадалары туттулар.
Саха сиригэр «Оҕо саас сирдьиттэрэ» эрэгийиэннээҕи тирэх киин салайааччыта «Өксөкү сиэннэрэ» бырайыак сүрүннээччитэ Н.В. Макарова, Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимов күн күбэй ийэтэ В.Н. Максимова, Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Рива Реасовна Кулаковская Президиум күндү ыалдьыттарынан буоллан үтүө тыллары эттилэр. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаччы ыйааҕынан Родимир Максимовка анаммыт үрдүкү наҕараадатынан, байыас хорсун быһыытын чиэстээн, Таатта улууһа киэн тутта ааттыыр Дьоруойун, Дьүлэй нэһилиэгин ыччатын алын кылааска үөрэппит бастакы учууталыгар О.Е. Сыромятниковаҕа, кылааһын салайааччытыгар М.Н. Туласыноваҕа уонна күн күбэй ийэтигэр сибэкки дьөрбөтүн туттардылар. Бүтүн Арассыыйатааҕы «Арассыыйа Хотойчоонноро» бырагыраама иитинэн «Өксөкү сиэннэрэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманы олоххо киллэриини саха литературатын төрүттээччи, поэт, наука араас көрүҥнэригэр маҥнайгы оҥкулу оҥорбут чинчийээччи, бөлүһүөк А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт сириттэн – Таатта улууһуттан саҕаланна. «Арассыыйа Хотойчооннорун», «Өксөкү сиэннэрин» кэккэлэригэр киирбит А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй 2 кылааһын үөрэнээччилэригэр хаалтыстары, «Өксөкү сиэннэрэ» анал бэлиэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга «Оҕо саас сирдьиттэрэ» Бэдэрээлинэй бырагыраама улуустааҕы куратора Т.Ю. Егорова, Чиряевтар ааттарын сүгэр Саха национальнай гимназиятын алын сүһүөх кафедратын учууталларын кытта биир дойдулаахпыт Е.Ж. Алексеева, «Юные якутяне» методиһа Н.М. Герасимова, Дьокуускай куорат 31№-дээх орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһитэ Е.А. Таманнырова уонна Президиум кыттыылаахтара туттардылар. Ыалдьыттар киириигэ турар сайыҥҥы лааҕырдар быыстапкаларын көрдүлэр, Таатта лиссиэйин үөрэнээччилэрин ырыаларын, кэпсээннэрин сэҥээрдилэр.
Бу үүммүт үөрэх дьылыгар бары бииргэ түмсүүлээхтик үөрэх саҥа ылыныллыбыт соруктарын толорон, үүнэр ыччакка киэҥ билиини, бастыҥ иитиини иҥэриэҕиҥ.
Сандаара.