Тааттатааҕы үп управлениетын начальнига Роман Иванович Аргунов «Даайа-Амма» МТ баһылыга Тарас Степанович Собакин уонна салайааччынан, сирдьитинэн анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа Степан Дмитриевич Петров буолан, бэйэбит баҕа санаабытынан уонна «Таатта улууһа» МО баһылыгын 2023 сыл сэтинньи 14 күнүнээҕи, 1963-р №-х дьаһалыгар олоҕуран, улуус аатыттан ДНР, ЛНР, Запорожскай, Херсонскай, Ростовскай уобаластарга дэлэгээссийэнэн командировкаҕа айаннаабыппыт. Биһигини кытта Николай Николаевич Мочкин икки улахан массыынанан өрөспүүбүлүкэ гуманитарнай көмөтүн, «Сокол» вездеходтары, биһиги сорох малбытын-салбытын, посылкаларбытын тиэйэн айаннаабыта. Биһиги кинини кытта тиийиэхтээх сирбитигэр көрсүөхтээхпит.
Саха сирин бары улуустарыгар анал байыаннай эпэрээссийэни өйүүр суһал ыстааптар үлэлииллэр. Тааттатааҕы ыстаап үлэтин Агафья Петровна Ионова уонна Яна Ивановна Винокурова салайан үлэлэтэллэр. Биһиги командировкабыт сүрүн сыалынан кинилэр салалталарынан хомуллубут аадырыстаах посылкалары уонна нэһилиэктэртэн хомуллубут гуманитарнай көмөнү тиэрдэр соруктаахпыт.
СЭТИННЬИ 26 КҮНЭ
Таатта улууһа хомуйбут гуманитарнай көмөтүн уонна 15 ааттаах-суоллаах посылкалары массыынаҕа тиэнэн, уһун айаҥҥа туруммуппут. Суһал ыстаап үлэһиттэрэ аара суолга уот оттон, арыылаах алаадьынан күндүлээн, биһиги этэҥҥэ сылдьан, биир дойдулаах уолаттарбытын көрсөн кэлэрбитин алҕаан атаарбыттара.
Куоракка биир хонон баран, посылкаларбытын көтөр аалга уган, дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка көппүппүт. Тиийээппитин кытта, Кириһээн уолун Василий Кашкины көрсөн, постпредстволары кытта кэпсэтэн, түргэнник такси булан, Фуд Сити диэн ыскылаакка илдьэн уурдарбыппыт. Василий Кашкин малбытын 3-4 хонугунан Кировск куоракка барарыгар илдьиэх буолбута. Гостиница булан, хонон баран ,сарсыҥҥы күнүгэр Саха сирин бары улууһун көрөр-истэр аналлаах постпредствотыгар тиийэн, биир дойдулаахпыт Василий Даниловтан инструктаж ылбыппыт. Дьэ, ол кэнниттэн, бу күнтэн саҕалаан, сакаас быһыытынан уолаттарбытыгар мал-сал ылыытынан дьарыктаммыппыт. Үһүс хонукпутугар атыыласпыт малбытын-салбытын, аҕалбыт малларбытын кытта холбоон, Василий Кашкиҥҥа туттарбыппыт. Уонна ол күн поеһынан 20-н тахса чаас айаннаан, Ростов-на-Дону куораты булбуппут. Бу куоракка тохтоон, Николай Николаевич Мочкин кэлэн ааһарын кэтэспиппит. Ордубут харчыбытынан сакааһынан мөһөөччүк, саппыкы, төһө кыалларынан наадалаах маллары ылбыппыт.
Онно Өлөөн улууһун Ээйик дэриэбинэтиттэн сылдьар «Коломбо» диэн позывнойдаах, бэйэтэ туһунан «легенда» уолу көрсөн билистибит. Айылҕа хоһуун оҕото буолан, үөһээ айыылар харыстаатахтара. Ол кэннэ аны Уус Алдан Кэптэнититтэн төрүттээх «Француз» позывнойдаах уолу кытта билсибиппит. Эрдэ кини «Боотурдарга» сылдьыбыт, билигин Москваҕа олорон, барар-кэлэр уолаттары атаартыыр, көрсөр. Уонна биир сүрүн үлэтинэн, атын эрэгийиэн уолаттарын кэпсэтэн, Саха сирин аатыттан бэйэтин баҕатын быһыытынан анал байыаннай эпэрээссийэҕэ ыытар соруктаах. Холобура, мин биир дойдулаахпын, Дэбдиргэттэн сылдьар анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын, Москваттан бэйэтин массыынатынан аҕалан, чааһыгар атаарбыт.
АХСЫННЬЫ 5 КҮНЭ
Кыра массыынанан икки чааһынан Украина кыраныыссатын туораан, Николай Мочкины көрсөн, Саха сирин тирэх пууна баар сиригэр Новоазовск куоракка тиийбиппит. Саха сириттэн кэлэр гуманитарнай көмө барыта бу тирэх пуун нөҥүө тыырыллан ааһар. Пууну улуус араас муннугуттан сылдьар уонча үлэһиттээх Олег Юрьевич Саранцев салайар. Николай Николаевич Мочкин икки улахан массыынанан, өрөспүүбүлүкэттэн, ол быыһыгар Таатта улууһуттан кэлбит гуманитарнай көмөнү уонтан тахса хонук айаннаан аҕалбыта. Ыскылаакка тиийэн посылкаларбытын хайа хайысхаҕа барар сирдэринэн наардаан уурбуппут.
ЗАПОРОЖСКАЙ УОБАЛАС. БАСТАКЫ КҮН.
Салгыы икки массыынанан Запорожскай уобаласка Пологи куоратыгар айаннаабыппыт. Новоазовскайтан Пологи 230 км. тэйиччи сытар, онно уонча уолбутугар посылка тиксэриэхтээхпит. Кытаанах хартыыналаах, урусхалламмыт дьиэлээх-уоттаах Мариуполь куораты, ыстаал курдук Азов сирдэрин ааспыппыт. Хата, ааспыт сайын суолларын түргэнник аспаалынан бүрүйэн, суол остуол ньуурун курдук көнө буолан биэрдэ. Куоракка киириигэ-тахсыыга блок постарга докумуон бэрэбиэркэлиир күүстээх хонтуруолун ааспыппыт. Пологи куоракка баран иһэн, Каменка диэн дэриэбинэҕэ тиийэн, Мэҥэ Хаҥаластан сылдьар «Физрук» позывнойдаах эр хоһууну көрсөн, Таатта уолун посылкатын туттарбыппыт, хаартыскаҕа түстүбүт. Айаммытын салҕаан, Пологи куорат киин болуоссатыгар тиийэммит уолаттарбытын кэтэстибит. Икки чаас курдук турдубут, сибээс суох, уолаттарбыт биллибэтилэр. Онон, сарсын төннөрбүтүгэр тиксэрэргэ былааннанныбыт. Онтон Балочки диэн дэриэбинэҕэ айаннаатыбыт. Хата, аара суолга Даайа Амматыттан сылдьар «Алмаз» позывнойдаах биир дойдулаахпытыгар посылкатын тиксэрэргэ кэпсэттибит, тахсыахтаах сиригэр тиийэн кыратык кэтэстибит. Уолаттар өр буолбатылар, «Нива» массыынанан элээрдэн, үһүө буолан тиийэн кэлбиттэрэ. «Даайа Амма» МТ баһылыга Тарас Собакин биир дойдулааҕар бронежилет туттарда, ону таһынан атыыласпыт малбытыттан биэрдибит, барыанньалары туттардыбыт. Хаартыскаҕа түһэн, айаммытын салҕаатыбыт. Балочки дэриэбинэҕэ тиийбиппитигэр уолаттарбыт кэтэһэ сылдьаллар эбит. Манна үс Таатта уола баар. Кинилэргэ посылкаларын, малларын туттартаатыбыт, уолаттары кытта хаартыскаҕа түстүбүт. Дьэ, ол кэнниттэн баазабытыгар айаннаатыбыт.
ЗАПОРОЖСКАЙ УОБАЛАС. ИККИС КҮН.
Бу сырыыга икки массыынанан арахсан айанныыр буоллубут. Мин Тарас Собакинныын Муома уолугар олорсон, бэҕэһээҥҥи суолбутунан төттөрү Пологибыт диэки бардыбыт. Уол манна кэлбитэ сыл аҥарыттан орпут. Суолбут халтараан да халтараан, муус кыаһаан, олох хаҥкылыыр сир курдук буолбут. Пологи куоракка эбиэт саҕана тиийдибит. Хата, Уолбаттан уонна Өлүөхүмэ Үҥкүрүттэн сылдьар уолаттар бааллар. Посылкаларын уонна көмө маллары-саллары барытын тиксэрэн, хаартыскаҕа түһэн, кэпсэтэн-ипсэтэн баран араҕастыбыт. Аны, Чубаревкаҕа бырааппар Дэбдиргэ уолугар айаннаатыбыт. Хата, уол оҕото, Кыайыы паамытынньыгын аттыгар баар буолуох буолла. Син чаас кэриҥэ курдук айаннаан, Чубаревкаҕа киирдибит. Уолбут кэтэһиннэрбэккэ «Нива» массыынанан иккиэ буолан кэллилэр, биирэ нуучча уола. Куустуһуу бөҕөтө буоллубут, дьэ, уонна powerbank (телефон ииттэрэр), харысхал, таҥас-сап, саппыкы, барыанньа, туох баарынан туттартаатыбыт. Уол үөрүү бөҕө буолла, эмиэ хаартыскаҕа түһэн, кэпсэтэн баран араҕастыбыт. Чубаревкаттан чугас баар Золотая Поляна диэн дэриэбинэҕэ баар постка Таатта уолун посылкатын тиксэрэргэ, табаарыһыгар, Хаҥалас уолугар хааллардыбыт. Аны бэҕэһээ сылдьыбыт Балочки дэриэбинэҕэ бардыбыт. Онно Дьокуускай куорат уолугар посылкатын тиксэриэхтээхпит. Тиийбиппит, уолбут баар эбит, посылкатын тутан олус үөрдэ. Манна өр буолбакка төттөрү баазабытыгар төнүннүбүт.
ЛУГАНСКАЙ УОБАЛАСКА АЙАН
Онтон Луганскайга айаннаатыбыт. Илдьэр малларбытын кузовтаах «Патриот» массыынаҕа тиэннибит. Аара, Волноваха куоракка Тааттыныскай нэһилиэктэн сылдьар уолу көрсөн, уопсай көмөттөн кэһии биэрэн, кэпсэтэн аастыбыт. Суол халтараана бэрт буолан, бытааннык айаннаан, Саха сирэ шефтэһэр куоратыгар Кировскайга тиийбиппит. Манна биһигини үлэни хонтуруоллуур уолаттар көрсөн, оскуолаҕа тиэрдэн биэрбиттэрэ. Оскуоланы астаран киирэн, бастакы этээскэ, бу куоракка Саха сирэ эбийиэктэри чөлүгэр түһэрбит истиэндэлэригэр хаартыскаҕа түстүбүт. Онтон, үһүс этээскэ тахсан, биһиги Сахабыт дьоруойдарын истиэндэтин көрөн үөрдүбүт, өйдөбүнньүгү оҥорууга Василий Кашкиннаах көмөлөспүттэр. Николай Мочкин уола истиэндэҕэ киирбит. Бүтэһигэр, СӨ тырааныспар министиэристибэтигэр үлэлиир уолаттар, онтон биирдэстэрэ Чурапчы уола, миниистир солбуйааччыта Семен Коркин, иккиһэ бэйэбит уолбут, Таатта улууһун Амма нэһилиэгиттэн төрүттээх Анатолий Большаков буолан, бары хаартыскаҕа түстүбүт. Онтон былаһааккаҕа тахсан, дьэбиннирбэт тимиринэн оҥоһуллубут сэргэни тиийэн көрдүбүт. Манна хонон баран, аара биир дойдулаахпытын көрсө, биир дэриэбинэҕэ айаннаатыбыт. Сирдьиппитинэн Луганскай уобалас тирэх пуунугар үлэлиир Василий Апросимов анаммыта. Син уһуннук айаннаан, уолбут дэриэбинэтин булан, тус бэйэтин көрсөн, посылкатын уонна уопсай көмөттөн Таатта уолаттарыгар тиэрдэр малларын биэрдибит. Дьэ, ол кэннэ, Луганскай куоракка айаннаатыбыт.
Луганскайга эбиэккэ тиийдибит. Эбиэт кэмигэр биир дойдулаахпытын, манна үлэлии-хамсыы сылдьар, эмиэ биир киэн туттар кэрэ аҥарбытын Вера Петровна Душкевиһы көрсөн, үөрдүбүт-көттүбүт. Онон былаан уларыйан, хаалбыт посылкалары Николай Николаевич Мочкиҥҥа хаалларан, кини тиксэрэригэр кэпсэттибит. Биһиги Вера Петровналыын Ростовка айанныырга туруннубут. Ростовка хонон баран Москвалаатыбыт, ол күн дьоллоох Дьокуускайбытын буллубут.
Тааттаттан командировкаҕа айаннаан, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытын көрсөн олус үөрдүбүт. Эр Хоһууттарбыт санаалара күүстээҕиттэн, киэҥ көҕүстээхтэриттэн, үөрэ-көтө сылдьалларыттан, кыайыылаах-хотуулаах төннүөхтээхпит диэн эрэллээхтэриттэн астынныбыт. Биһиги биир дойдулаахтарбыт атын эрэгийиэннэртэн бииргэ сылдьар уолаттар ытыктабылларын ылбыттарыттан, Саха сирин, дойдуларын ааттата сылдьалларыттан киэн тутуннубут. Үөһээ Айыыларгыт эһигини көрө-истэ сырыттыннар. Саалаахтан самнымаҥ, охтоохтон охтумаҥ, Өрүөллэрбит кыайан-хотон, дойдугутугар эргиллиҥ!!! Дом! Дом! Дом!
Николай Николаевич Мочкин уонна Вера Петровна Душкевич туһунан күүскэ сырдатыллара буоллар диэн баҕа санаабын биллэрэбин. Николай Николаевич Новоазовскайга хаалан, посылкалары, гуманитарнай көмөнү тиэрдиигэ күүскэ үлэлэһэ сылдьар. Вера Петровна биир өрөбүлэ суох госпитальга сытар Эр Хоһууттарбытын көрсөн, астарыгар-үөллэригэр, докумуоннарыгар тиийэ, туохха наадыйалларынан барытынан көмөлөһөрүн сиһилии сырдатыахха наада дии саныыбын.
Роман Аргунов.