Олунньу 26-27 күнүгэр Таатта улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин ситэриилээх былааһын уорганнарын отчуота буолан ааста.
Улахан оробуочай бөлөҕү СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Васильевич Местников салайда. Отчуот улуус 13 нэһилиэгэр буолла, түмүктүүр мунньах Таатта нэһилиэгэр ыытылынна.
Таатта улууһугар ситэриилээх былаас уорганнара бырабыыталыстыба ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуотун үс бөлөҕүнэн арахсан ыытта. Бастакы бөлөххө С.В.Местников — СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Г.М.Мохначевскай — СӨ физическэй культураҕа уонна спортка миниистирин солбуйааччы, Г.М.Терентьев – СӨ культурнай нэһилиэстибэтин харыстыыр Департаменын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу, И.М.Андросов – СӨ Гражданскай оборонатын уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар Министиэристибэ Судаарыстыбаннай бүддьүөтүн тэрилтэтин начальнига, А.Д.Жирков – СӨ Судаарыстыбаннай «Сахаагроплем» бүддьүөт тэрилтэтин салайааччыта, А.А.Яковлев – СӨ олох-дьаһах уонна коммунальнай хаһаайыстыба Судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэтин тутулла турар объектарын Дирекцияларын салайааччытын солбуйааччы, А.С.Бурцев – «Таатта улууһа» МО баһылыга.
АММА
СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах бастакы бөлөх 2023 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар анаан ыыппыт үлэтин олус судургутук, норуокка тиийимтиэ тылынан отчуоттаата.
Мунньахха 60-ча нэһилиэк олохтоохторо кыттыыны ыллылар. Сүрүн ыйытыктара: Амма өрүс үрдүгэр олорор нэһилиэнньэ буолалларынан Амма өрүһү харыстааһыҥҥа, экологияҕа, А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй 2027 сылга 150 сыла туоларыгар төрөөбүт дойдутугар кулууп, дьон сынньанар пааркатыгар эбии тутууну, айан суолун тупсарыыга, сүөһүнү былааннаахтык буоһатыыга, боруоданы тупсарыыга, кэпирээссийэ тула, оскуола хапытаалынай өрөмүөнүн түргэтэтиигэ туруорустулар. Олохтоохтор 20-чэ сыл туруорсубут киин ититэр систиэмэ инвестиционнай бырагырааманан үлэтэ саҕаламмытын, кэлэр кыстыгы киин ититэр систиэмэлээх көрсөллөрүн үөрэ иһиттилэр.
Олохтоохтор туһааннаах министиэристибэ үлэһиттэриттэн чопчу хоруй ылан, СӨ бырабыыталыстыбатын үлэтин сөптөөҕүнэн сыаналаатылар.
ОРТО АММА
Олохтоохтор ыйытыктара: ОДьКХ квартальнай хочуолунайа эргэрбитин туруорсубуттара балайда буолбутун, 2025 сылга диэри реконструкция ыыталларын, ол эрэн софинансированияҕа кыттыбыттарынан үлэ быйылгыттан саҕаланарын, «Теплица» түөлбэ олохтоохторо ититии ситимин киллэриини туруорсубуттарын суотугар бу үлэ кулун тутартан саҕаланарын олохтоохтор үөрэ иһиттилэр. Маны сэргэ кулууптара 1967 сыллааҕы тутуу олус эргэрбитин, оҕо уһуйаанын, балыыһа тутуутун туруорустулар. Тыа хаһаайыстыбатыгар оттуур сири оҥоруу, арыы собуота, АЗС суоҕун, Н.Е.Мординов аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһуга хапытаалынай өрөмүөнү, саҥа технологияны киллэриигэ эбии оборудованиялары ылыыга туруорустулар. «Быйыл саас Амма өрүс уута халааныа дуо?», диэн билгэлээһин хайдаҕын туоһуластылар.
УУС АММА
Үлэ бөлөҕө салгыы Уус Амма нэһилиэгэр сырытта. Отчуокка 50-ча киһи кыттыыны ылла. Нэһилиэнньэ сүрүн ыйытыыта: тыа сиригэр эдэр исписэлиистэри аҕалыыга, свалкаҕа айанныыр айан суолун оҥорууга смета оҥоһуллубутун, онно үбү көрдөрөргө көмө, хочуолунай оһохторун уларытыы, спецтехника уу тиэйэр (водовоз) массыына кэлэрин, иһэр уу кыһалҕатын эттилэр. Нэһилиэк олохтоохторо саҥа оскуола тутуута уолдьаспытын, арҕаа биэрэги бөҕөргөтүү үлэтэ, өттөөһүн, бэтэринээриийэ сулууспатын оҥорор өҥөтүн төлөбүрэ ханна барарын ыйытыластылар.
Онуоха Алексей Яковлев, СӨ ОДьКХ Дирекцияларын салайааччытын солбуйааччы: «Сахапецтехника» дочернай хампаанньаны кытары лизинговай договор баттаһан былаан быһыытынан уу тиэйэр (водовоз) массыыналар өрөспүүбүлүкэҕэ кэлиэхтээхтэр. Хомойуох иһин эһиги нэһилиэк испиэһэккэ суоххут. Саҥа хочуолунайдары тутуу “Фонд развития территорий” бырайыак нөҥүө 2025-2026 сылларга киллэрэргэ үлэ ыытылла турарын иһитиннэрэбин», диэн хоруйун эттэ.
Түмүккэ, Уус Амма нэһилиэгин олохтоохторо СӨ бырабыыталыстыбатын ааспыт сыллааҕы үлэтин биһирээтилэр уонна үлэни сөптөөҕүнэн сыаналаатылар.
ОКТЯБРЬСКАЙ
Нэһилиэнньэ сүрүн туруорсуута үс улахан кыһалҕаҕа буолла, ол курдук тутулла турар Былатыан Ойуунускай аатынан култуура киинэ, сылын аайы кыһалҕаны көрсөр ОДьКХ квартальнай хочуолунайа, тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта.
Маныаха СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бу улахан кыһалҕалар тустарынан санаатын бу курдук тиэртэ: «Былатыан Ойуунускай 100 үбүлүөйдээх сылын көрсө былааннаан култуура киинэ тутуллан киирэригэр өрөспүүбүлүкэ үбүн-харчытын көрбүтэ. Өрөспүүбүлүкэ сүрүн соруга диэн үбүн-харчытын быһаарыы, онтон үлэтин тэрийии, дуогабардаһыы, хонтуруоллааһын бу олохтоох бэйэни салайыныы уорган буолар. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр үбэ-харчыта көрүллэн олохтоох бүддьүөккэ тиийбитэ, ол эрэн сыыһа дьаһаныы ылыллан хантыраак туолуута тохтообута. Онон билиҥҥи сорук улуус уонна бэдэрээччит биир тылы булан, улуус эбийиэги бэйэтин бас билиитигэр ылыы, оччотугар өрөспүүбүлүкэ бэлэм үбү-харчыны көрөргө. Эбии нэһилиэккэ модульнай спортивнай саала тутулларыгар үбүн-харчытын көрдүбүт».
Екатерина Ефремова «СӨ бырабыыталыстыбата олохтоохтор тылларын-өстөрүн иһиттилэр уонна чопчу хоруйу биэрбиттэрин астынным. Ситэ хоруйдаабатах ыйытыктарыгар эппиэт ыытыахпыт диэтилэр».
Түмүккэ нэһилиэк олохтоохторо СӨ бырабыыталыстыбатын отчуотун үчүгэйинэн сыаналаатылар.
ДЬОХСОҔОН
Нэһилиэнньэ тыҥаан турар тыын суолталаах боппуруостары туруоруста. Ол курдук, А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолата аварийнай туругунан сабыллан, атын эбийиэктэргэ үөрэх ыытылла турарынан оскуола, тустуу саалын, аһаҕас халлаан анныгар дьарыктанар спортивнай стадион тутуутун туруорустулар.
Тыа хаһаайыстыбатыгар сылгы собуотугар материальнай техническай базаны бөҕөргөтүүгэ, өттөөһүн, аһыҥа утары үлэҕэ. Таатта үрэх сүнньүгэр олорор ыал туоруур муостатын тутуута, квартальнай хочуолунай үлэҕэ киириитин үлэтигэр барытыгар туһааннаах салайааччылартан эппиэт ылан нэһилиэк олохтоохторо астынан – дуоһуйан тарҕастылар.
Түмүккэ, Дьохсоҕон нэһилиэгин олохтоохторо СӨ бырабыыталыстыбатын отчуотун сөптөөҕүнэн аахтылар.
ТААТТА НЭҺИЛИЭГЭ
СӨ бырабыыталыстыбатын түмүктүүр отчуота Таатта нэһилиэгэр буолан ааста. Уопсайа 174 нэһилиэк олохтооҕо көхтөөх кыттыыны ылла. Олохтоохтору хаһан да буоларын курдук киин ититэр ситимҥэ холбонууну, үрдүк күүрүүлээх уот, газ ситимэ, аспаал суол кэлиитэ, «Киэҥ эбэ» уутун дьылҕата, шлюз регуляторы, Олоҥхо, киин библиотека, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо, кырдьаҕастарга анаан дьиэлэри тутуу долгутта. Ыччаты тыа сиригэр олохсутуу, онно сөптөөх усулуобуйаны тэрийии. Тыа хаһаайыстыбатыгар сайылыктааһыҥҥа бырагырааманы үлэлэтии, сүөһү номуоһун харайыыга, субсидияны биэриигэ софинансированияны кыччатыы курдук сытыы ыйытыктар киирдилэр.
Түмүккэ, Сергей Васильевич баар кыһалҕаларга сүбэ-ама, ыйыы-кэрдии биэрдэ. Хас биирдии бырайыак Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн ыытылларын, онно барытыгар проектнай докумуон, экспертиза ирдэнэрин тоһоҕолоон эттэ. Отчуот кэннэ бырабыыталыстыба түмүк оҥорон туһааннаах министиэристибэлэр эппиэт ыытыахтарын иһитиннэрдэ.
СӨ бырабыыталыстыбатын үлэтин-хамнаһын нэһилиэнньэ сөптөөҕүнэн сыаналанна.
Елена Слепцова.