Таатта улууһугар үөрэх оройуоннааҕы салаатын сэбиэдиссэйдэрэ
Быйыл Таатта улууһугар үөрэх оройуоннааҕы салаата төрүттэммитэ 95 сылын туолар. Улууспут норуотун үөрэҕириитин түстээбит, сүҥкэн кылааттарын киллэрбит үөрэх оройуоннааҕы салаатын араас сылларга салайан кэлбит дьоннорбут тустарынан, кинилэр олохторун, үлэлэрин сырдатан суруйуу бэрт ахсааннаах. Саха республикатын Үөрэҕин Министерствота таһаарбыт 6 томнаах Педагогическай Энциклопедиятыгар биһиги улуустан 15 сэбиэдиссэй үлэтин-хамнаһын кытта билсиэхпитин сөп. Онон, Таатта хаһыат нөҥүө, ааспыт үйэҕэ уонна кэнники да сылларга үлэлээн ааспыт, Таатта улууһун үөрэҕин сайдыытыгар турууласпыт салайааччыларбытын дьон киэҥ билиитигэр таһааран үйэтитиэхтээхпит.
Бу үлэни аан бастаан А.В. Белина саҕалаабыта. Анна Васильевна 1987, кэнники эбэн, 1992 сыллаахха «Развитие образования в Таттинском районе» диэн буклет таһаарбыта. Манна кини үөрэх тэрилтэлэрин үлэлэрин-хамнастарын тэттик эрээри бэрт чуолкайдык көрдөрбүтэ. Үөрэх улуустааҕы салаатыгар араас сылларга үлэлээбит сэбиэдиссэйдэр ааттарын-суолларын, үлэлээбит сылларын чуолкайдаан испииһэктэрин оҥорбута. Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри барыта 36 киһи үлэлээбит: М.А.Слепцова, Д.Н.Неустроев, П.А.Сыромятников, П.Г.Нестеров, Е.А.Сыромятников, Р.К.Дедюкин, Г.М.Герасимов, В.Е.Винокуров, М.Ф.Тептиргянов, Г.Ф.Нелунов, Е.И.Васильев, Г.А.Павлов, А.В.Хоноехова, В.Д.Федоров, А.Д.Баланов, П.Е.Неустроев, П.П.Голиков, И.В.Кузьмин, И.В.Гагарина, Т.Е.Мординов, П.Н.Никифоров, Е.С.Никифоров, М.А.Луковцева, Г.Г.Кардашевский, Н.Н.Репин, А.Е.Турнин, Л.У.Терентьева, Н.К.Макаров, П.П.Никифоров, И.Г.Неустроев, В.С.Андросов, А.Р.Кулаковский, Г.П.Решетников, Ю.С.Дедюкин, А.Н.Миронова, В.В.Кривошапкин.
Таатта улууһун үөрэҕин управлениетын сорудаҕынан, бэйэм баҕабынан ылсыһан, ааспыт сыллардааҕы салайааччылар тустарынан суруйуубун саҕалыыбын. Бу испииһэгинэн сирдэтэн архыып докумуоннарыгар, улуус бэлиэ даталарыгар тахсыбыт кинигэлэригэр киирбит чахчыларга, дьон ахтыыларыгар, хомуйбут матырыйаалларыгар тирэнэн түмэн көрдөрөбүн. Эһиги, ааҕааччыларбыт, ситэрэн-хоторон, сыыһа-халты баар буоллаҕына, көннөрөн биэриэххит диэн эрэнэбин.
Таатта үөрэҕин салаатын бастакы сэбиэдиссэйэ
Таатта үөрэҕин салаатын бастакы сэбиэдиссэйинэн (Хаартыскаҕа Мария Алексеевна Слепцова), П.А. Ойуунускай бииргэ төрөөбүт балта, буолар.
М.А. Слепцова 1906 сыллаахха төрөөбүт. 1927 сыллаахха Чөркөөх сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэр. Кинини кытары 7-с кылааһы Севостьянов Василий Гаврильевич, Кулаковскай Петр Егорович, Мординов Авксентий Егорович, Табунанов Прокопий Тимофеевич, Давыдова Анна Афанасьевна, Таппыров Тихон Семенович бүтэрэллэр.(П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх ОО 1906-2006. стр.36.)
Мария Алексеевна салгыы куоракка киирэн учуутал үөрэҕэр үөрэнэр. Кини Саха сиригэр «Дьахтар хамсааһынын» актыыбынай кыттыылааҕа. Бүтэрээт, дойдутугар тахсан оройуоҥҥа инструкторынан үлэлиир. 1929 сыллаахха кини салайыытынан оройуонтан хамыыһыйа тахсан, нэһилиэктэр олохтоохторугар сири үллэрии уустук үлэтин ыыталлар. (Е.В.Слепцова-Куорсуннаах. Былатыан. Ытык Күөл. 2022.стр.19).
М.А. Слепцова үлэтин балачча сырдатар түгэнинэн 1929-1930 сыллардаахха Таатта оройуонун ситэриилээх комитетын сирэй уонна солбуйар председателинэн үлэлээбит С.С. Саввин ахтыыта буолар. Кини «Таатта оройуонун тэрийии туһунан» диэн кылгас суругар бу курдук киллэрбит: ...Таатта райисполкомун маҥнайгы ыҥырыылаах пленума 1930 с кулун тутар 17 күнүгэр Чөркөөх бөһүөлэгэр буолбута. Пленуму таб. А.К. Андреев уонна Саха АССР КСК-тын уполномоченнайа таб. Босиков салайан ыыппыттара. А.К. Андреев «Таатта» оройуоннай съеһэ үрдүк политическай өрө көтөҕүллүү таһымыгар барбытын бэлиэтээн туран, пленум кыттыылаахтарын Правительство уонна партия Обкомун аппарааттарын аатыттан эҕэрдэлээтэ. 1929 сылга «Сир реформата» оройуон үрдүнэн ситиһиилээхтик ыытыллыбытын уонна ити сылтан колхозтааһын үлэтэ тэтимнээхтик-сөптөөхтүк баран иһэрин чорботон бэлиэтээбитэ. Пленум тэрээһин боппуруоһугар биэс киһиттэн састааптаах райисполком президиума биир санаанан маннык састаабынан талыллыбыта: председателинэн Турнин М.Н., чилиэннэринэн Саввин С.С., Винокуров Н.Як., Слепцова М.А., Готовцев В.К. Бу Пленумҥа М.А. Слепцова райисполком райпросздравсобес отделын сэбиэдиссэйинэн анаммыта.
Райисполком президиумун киэҥ ыҥырыылаах мунньага 1930 с ыам ыйын 22 күнүгэр буолбута. Оройуон үрдүнэн бастакы пятилетка былааныгар көрүллүбүт оскуола дьиэлэрин о.д.а. тутууларга тутуу маһын бэлэмнээһиннэ нэһилиэк Советыгар сорудах оҥоһуллубута. Ытык Күөл бөһүөлэгин тутууга комиссия тэриллибитэ. М.А. Слепцова ити комиссия састаабыгар киирбитэ. Норуот бүттүүнэ үөрэн-көтөн туран, актыыбынайдык үлэлээбиттэрэ. Ытык Күөлгэ балтараа сылынан биэс кылаастаах оскуола дьиэтэ уонна 20-чэ, үксэ көһөрүллүбүт дьиэлэр, тутуллубуттара. Чөркөөххө, Уолбаҕа, Томторго, Кириэс-Халдьаайыга, Чычымахха 7 кылаастаах оскуолалар дьиэлэрэ тутуллан, эбэтэр ситэриллэн, балтараа-икки сыл иһинэн үлэҕэ киллэриллибиттэрэ. Оройуон иһинэн Таҥара дьиэлэрэ Нардомнарга кубулутуллан Театрдар буолбуттара, ааҕар балаҕаттар нэһилиэк ахсын үлэлээбиттэрэ. (С.С. Саввин. «Таатта оройуонун тэрийии туһунан кылгас суругунан ахтыыта». Ытык-Күөл. 1983.)
М.А. Слепцова 1930-1931 үөрэх сылыгар Таттатааҕы киин советскай оскуола 1-гы концернын 1-гы ступеннаах оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Сыллааҕы үлэтин 9 разделлаах илиинэн суруллубут отчуота Таатта улууһугар архивка бэрт кичэллээхтик хараллан сытар. (Фонд-5, Опись 1, Дело 8. Ытык Күөллээҕи архив матырыйаалларыттан).
1931 с. Мария Алексеевна Москваҕа философия, литература уонна история институтугар (МИФЛИ) киирэн омук тылын салаатыгар үөрэнэр, общественнай деятель быһыытынан биллибит. Бүтэрэр сылыгар, ыараханнык ыалдьан, дойдутугар төннөн кэлэн иһэн, аара тыына быстыбыт. Ханна көмүллүбүтэ биллибэт (Е.В.Слепцова-Куорсуннаах. Былатыан. Ытык-Күөл. 2022.С.19).
Балтын Марияны Платон Алексеевич Ойуунускай сахалартан бастакы омук тылларын специалиһа буолуохтааҕа уонна норуотун туһугар үгүһү үлэлиэхтээх эрэнэр киһим этэ диэн наһаа аһыйбытын туһунан В.Б. Окорокова суруйар. (В.Б. Окорокова «Ойуунускай олоҕо уонна айар үлэтэ» Дьокуускай, Ситим. 2013. С 19).
М.А. Слепцова, ити курдук, бэйэтин кэмигэр, олус уустук бириэмэҕэ төрөөбүт дойдутугар, Тааттаҕа, олох араас эйгэтигэр үлэлээн ааспыт. Улууспут үөрэҕин сайдыытыгар аартыгы аспыт, дьоһун кылаатын киллэрбит салайааччыбыт буолар.
Матырыйаалы хомуйан суруйда А.В. Винокурова, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, Таатта улууһун методкабинетын 1991-2000 сс. сэбиэдиссэйэ.