Тыараһа орто оскуолатыгар Таатта улууһун оскуолаларын физическэй культура учууталларын күрэҕэ буолан ааста

Олунньу 15 күнүгэр Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгин орто оскуолатыгар Россия үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара», «Старшай учуутал», «Саха сиригэр физкультура уонна спорт сайдыыта 90 сылынан» Таатта улууһугар физкультура уонна спорт сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэлэр хаһаайына, физическай культура уонна спорт бэтэрээнэ, спорду өрө туппут, элбэх көлүөнэ ыычатын спорт эйгэтигэр уһуйбут Сергей Гаврильевич Огонеров кэриэһигэр улуус физическэй культура учууталларыгар күрэх буолла.

Барыта улуус 8 оскуолатыттан кыттааччылар кэлэн 4 түһүмэҕинэн күрэхтэстилэр:
1. В.И Ленин аатынан Уолба орто оскуолатыттан Артаньян Макарович Неустроев.
2. Хрисанф Иванович Кашкин аатынан Даайа Амма орто оскуолатыттан Иван Иванович Массаев.
3. Герасим Дмитрьевич Бястинов — Бэс Дьарааһын аатынан Чымынаайы орто оскуолатыттан Павел Эдуардович Саввин.
4. Дмитрий Ананьевич Петров аатынан Ытык-Күөл 2 №-дээх орто оскуолатыттан Елена Андреевна Бетюнова.
5. Гаврил Васильевич Егоров аатынан Хара-Алдан орто оскуолатыттан Софрон Аркадьевич Крылов.
6. Анемподист Иванович Софронов – Алампа аатынан Ытык-Күөл 1№-дээх орто оскуолатыттан Максим Николаевич Большаков.
7. Николай Денисович Неустроев аатынан Уус-Таатта орто оскуолатыттан Христофор Герасимович Потапов.
8. Матвей Николаевич Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатыттан Гаврил Сергеевич Огонеров.

Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:
• Сивцев Николай Николаевич, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун теория уонна методика кафедратын старшай преподавателэ, Саха Республикатын физическэй культураҕа уонна спортка туйгуна.
• Варвара Ивановна Колодезникова — улуустааҕы үөрэх управлениятын специалиһэ.
• Анна Сергеевна Ефимова — Огонеров С.Г. төрөппүт кыыһа, Дьокуускайдааҕы Автодорожнай техникум преподавателэ.
• Гуляев Степан Петрович — Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун теория уонна методика кафедратын старшай преподавателэ, Поволжье университетын аспирана.
• Попов Дмитрий Викторович – Тааттатааҕы О5о спортивнай оскуолатын Тыараһатааҕы филиалын волейболга тренерэ.
• Ширяев Константин Афанасьевич – үөрэх управлениятын методическэй салаатын специалиһэ.

«Урок» түһүмэҕэ:
1 миэстэ — Огонеров Гаврил Сергеевич, Тыараһа орто оскуолата
2 миэстэ — Большаков Максим Николаевич, Ытык-Күөл 1№-дээх орто оскуолата
3 миэстэ — Бетюнова Елена Андреевна, Ытык-Күөл 2№-дээх орто оскуолата

«Внеурочная деятельность» түһүмэҕэ:
1 миэстэ — Большаков Максим Николаевич, Ытык-Күөл 1№-дээх орто оскуолата
2 миэстэ — Огонеров Гаврил Сергеевич, Тыараһа орто оскуолата
3 миэстэ — Неустроев Артаньян Максимович, Уолба орто оскуолата

«Самодельный спортивный инвентарь» түһүмэҕэ:
1 миэстэ — Огонеров Гаврил Сергеевич, Тыараһа орто оскуолата
2 миэстэ — Большаков Максим Николаевич, Ытык-Күөл 1№-дээх орто оскуолата
3 миэстэ — Бетюнова Елена Андреевна, Ытык-Күөл 2№-дээх орто оскуолата

«Спортивный этап» түһүмэҕэ:
1 миэстэ — Огонеров Гаврил Сергеевич, Тыараһа орто оскуолата
2 миэстэ — Большаков Максим Николаевич, Ытык-Күөл 1№-дээх орто оскуолата
3 миэстэ — Потапов Христофор Герасимович, Уус-Таатта орто оскуолата

Анал ааттар:
• «Педагогическая надежда» — Бетюнова Елена Андреевна, Ытык-Күөл 2№-дээх орто оскуолата
• «Ученическое признание» — Потапов Христофор Герасимович, Уус-Таатта орто оскуолата
• «Креативность» — Массаев Иван Иванович, Даайа Амма орто оскуолата
• «Творческий подход» — Саввин Павел Эдуардович, Чымнаайы орто оскуолата
• «Лучшая технология» — Крылов Софрон Аркадьевич, Хара-Алдан орто оскуолата

Уопсай түмүгүнэн:
3 миэстэ — Неустроев Артаньян Максимович, Уолба орто оскуолата
2 миэстэ — Большаков Максим Николаевич, Ытык-Күөл 1№-дээх орто оскуолата
1 миэстэ кыайыылааҕынан ааттанна — Огонеров Гаврил Сергеевич, Тыараһа орто оскуолата.

Кэскиллээхтик ылсыһан,
Хоннохтоохтук хорутан
Быһыйдары, күүстээхтэри
Эрчийтэлээн таһаарыҥ!
Үүнэр ыччат дьоммутун
Этин-хаанын чэбдигирдиҥ,
Чөл көлүөнэни иитиһэн
Саха саргытын салайсыҥ!

Тыараһа орто оскуолатын «Сайдыс» оҕо тэрилтэтин медиацентрын корреспондена Чемпина Маша, 11 кылаас, оператор-монтажер Игнатьева Влада, 8 кылаас.

Читайте дальше