Бүгүн Тыараһа нэһилиэгэр ураты үөрүүлээх күн буолла. Ол курдук Таатта эбэбитин туоруур САРМ тимир муоста Куула Тааттаҕа туоруурга анаан тутуллан үөрүүлээхтик аһылынна. Онон аны от оттуу барааччылар, булчуттар, сир астааччылар, сүөһү, сылгы көрдөөччүлэр, атын да кыһалҕалаахтар уруку дьылларга эбэбитин туоруурга көрсүбүт кыһалҕабыт толору быһаарылынна. Улаханнык үөрдүбүт астынныбыт.
Эбэбит уҥа биэрэгиттэн хаҥас кытылыгар үктэллэнэн Россия, Саха республикатын былаахтарынан уонна араас эгэлгэ дьүһүннээх салгын шардарынан киэргэтиллэн күөх кыраасканан сандаара субуруллан турар тимир муоста көрүөхтэн кэрэ көстүү.
Манна алгысчыт С.Ф. Кладкин аал уот иччитин Бырдьа бытык, Кыырык төбө Хатан Тэмиэрийэ Ытык Эһэбит нөҥүө Үрдүк айыылартан, эбэбит иччитэ Дьэбэрэ тэллэх Бырыы сыттык Көппөх суорҕан Туона баай Күөх Боллох Тойон оҕонньортон, Дойдубут иччилэриттэн үйэлээх тутуу буоларын уонна дьонҥо сэргэҕэ муостабыт уһун сылларга туһалыы турарын туһугар диэн арыылаах сиэлинэн кэбиһэн, саха бастын астарынан тэптэриилээх саламаатынан, арыылаах алаадьынан айах тутан туран көрдөһөн алгыс эппитэ уонна алгысчыт кэнниттэн А. Н. Антонова муоста аһыллыытыгар анаан тойук туойбута кэлбит дьон дохсун ытыс таһыныыларынан доҕуһуолланна.
Салгыы муоста аһыллыытын туора тардыллыбыт кыһыл лиэнтэни быһан Улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Максимов П.П. нэһилиэкпит баһылыга Турнин П.П. уонна Тойон Сүбэбит салайааччыта Чехордун П П. биллэрдилэр, чиҥэттилэр. Онтон муоста суолтатын, үйэлээх буоларын ыйан туран барҕа баҕарыыларын эттилэр Улуус Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Максимов П.П. нэһилиэк кырдьаҕастарын аатыттан Чехордун П.П. Нэһилиэк баһылыга Турнин П.П. муоста хайдах тутуллубутун кэлбит дьонҥо сэргэҕэ кэпсээн туран, туппут подрядчиктэргэ улахан махталбытын биллэрэн Махтал суругун туттарда. Ытык Күөлтэн кэлэннэр НВК Саха группата телевиденияҕа уһулла онон солуннарга көрдөххүт, көрүөххүт да турдаҕа. Бу муостаны туруорсан кэпсэтиһэн аҕалтарбыт уон сыл улууспутун үрдүк таһаарыылаахтык салайбыт Михаил Михайлович Соровка тыараһалар махталбыт муҥура суох улахан. Дьэ ити курдук бүгүн үөрүүлээхтик алтынньы 25 күнүгэр Куула тааттабытыгар, Дьиэбэгэнэбитигэр, Аммабытыгар аартыкпыт тэлэллэ аһылынна. Онтон нэһилиэк дьоно сүргэтэ кэтэҕүлүннэ, үөрүүтэ үрдээтэ.
Е.П. Слепцов үлэ ветераана, Тыараһа нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Саха республикатын Бочуоттаах землеустроитэлэ.