Олунньу 28 күнүгэр Иван Николаевич Гуляев аатынан Туора Күөл орто оскуолатыгар сылын аайы ыытыллар улуустааҕы «Эрчим » уоланнар уус — уран ааҕыылара буолан ааста. Быйылгы күрэс биир дойдулаахпыт, саха народнай поэта С.Р.Кулачиков — Эллэй төрөөбүтэ 120 сылыгар, Саха сиригэр оҕо саас сылыгар ананна. Барыта 13 оскуолаттан 196 оҕо кэлэн кыттыыны ылла. Күрэс икки көрүҥүнэн ыытылынна:
— биирдиилээн уус- уран ааҕыы;
— бөлөҕүнэн уус — уран ааҕыы.
Биирдиилээн ааҕыыга дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын преподавателэ Салгынова Изабелла Иннокентьевна, Алампа аатынан Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх оскуола алын сүһүөҕүн учуутала Дедюкина Парасковья Романовна, «Сатабылтан» эбии дьарык педагога Новгородова Мария Афанасьевна.
Кыра бөлөххө 21 оҕо кытынна.
Түмүккэ:
1 үрдэл- Винокуров Дьулус, Чычымах ОО, салайааччы: Богдокумова А.А.
2 үрдэл — Колодезников Харысхан, Хара — Алдан ОО
3 үрдэл — Постников Сарыал, Туора — Күөл ОО
1 үктэл — Винокуров Эрчим, Хара — Алдан ОО
2 үктэл — Чемпин Володя, Даайа Амматын ОО
3 үктэл — Таппыров Эрчим, Ытык — Күөл 2 ОО
Анал ааттар:
» Хомоҕой хоһоонньут» — Варламов Эрсан, Хара — Алдан ОО
» Иэйиилээх толорооччу»- Билюкин Ярослав, Ытык Күөл 1 ОО
» Кэскиллээх ааҕааччы»- Захаров Георгий, Игидэй ОО
» Туйгун ааҕааччы» — Кривошапкин Сайаан, Игидэй ОО
«Бастыҥ ааҕааччы»- Охлопков Виктор, Таатта лиссиэйэ
«Тэтимнээх ааҕааччы»- Винокуров Слава, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһуга
«Бэргэн уобарас» -Старостин Дима, Чычымах ОО
» Хомоҕой хоһоонньут»- Михайлов Александр, Чычымах ОО
«Кыһамньылаах ааҕааччы»- Григорьев Владик, Ытык Күөл 1 ОО.
Орто бөлөххө 8 уол аахпытыттан, түмүк маннык буолла:
1 үрдэл — Копылов Мичил, Чычымах ОО, салайааччы Богдокумова А.А.
2 үрдэл — Христофоров Володя, Уус Таатта ОО
1 үктэл — Пахомов Валера, Туора Күөл ОО
2 үктэл — Захаров Толя, Туора Күөл ОО
3 үктэл — Неустроев Ярослав, Чычымах ОО
Анал ааттар:
«Иэйиилээх толорооччу» — Андросов Дьулусхан, Тааттатааҕы лиссиэй
» Бастыҥ ааҕааччы» — Осипов Кэрэмэн, Уус Таатта ОО
«Дорҕоонноох ааҕааччы» — Евграфов Айхал, Туора Күөл ОО.
Уопсайа барыта 29 оҕо аахпытыттан 23оҕо биһирэнэн миэстэлэстилэр.
Кыра бөлөххө барыта 14 бөлөх кытынна, анал ааттары ыллылар:
«Кэскиллээх ааҕааччы» — Хара Алдан орто оскуолатын 2-4 кыл уолаттарын бөлөҕө;
«Кэскиллээх ааҕааччы» — Даайа Амма орто оскуолатын «Хоһуун» бөлөҕө;
«Бэргэн уобарас»- Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолата;
«Хомоҕой ааҕааччы» — Тааттатааҕы лицей;
«Иэйиилээх ааҕааччы» — Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолата;
3 үктэл — Ытык Күөл 2 нүөмэрдээх оскуолатын «Дьулуур» бөлөҕө;
3 үктэл — «Тааттатааҕы лицей»;
2 үктэл — Игидэй оото оскуолатын «Дьулуур» бөлөҕө;
2 үктэл — Туора Күөл орто оскуолатын 4 кылааһын уолаттара;
1 үктэл — Уус Таатта орто осуолатын «Өркөн» бөлөҕө;
1 үктэл — Туора Күөл орто оскуолатын 1-2-3 кыл уолаттара;
3 үрдэл- Харбалаах оскуолатын уолаттара;
2 үрдэл — Ытык Күөл 2 нүөмэрдээх орто оскуолатын 1-2 кылааһын уолаттара;
1 үрдэл — Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын «Дьулуур» бөлөҕө.
Орто бөлөххө(5-8 кылаастар) барыта 13 бөлөх кыттынна, анал ааттары ыллылар:
«Иэйиилээх ааҕааччы»- Тааттатааҕы лицей уолаттара;
«Хомоҕой ааҕааччы» — Туора Күөл орто оскуолатын 7 кылааһын уолаттара;
«Бэргэн уобарас» — Уус Таатта орто оскуолата;
3 үктэл — Тааттатааҕы лицей «Дуолан» бөлөҕө, 5 кылаас үөрэнээччилэрэ;
3 үктэл -Туора Күөл орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ;
2 үктэл — Тааттатааҕы лицей «Алгыс» бөлөҕө;
2 үктэл — Ытык Күөл 2 нүөмэрдээх оскуолата;
1 үктэл — Игидэй орто оскуолатын уолаттара;
1 үктэл — Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх оскуолата;
3 үктэл — Баайага орто оскуолатын уолаттара;
2 үрдэл — Ытык Күөл 2 нүөмэрдээх орто оскуолатын уолаттара;
1 үрдэл — Чычымах орто оскуолатын «Дьулуур» бөлөҕө.
«Кылаан чыпчаал» — Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын «Дьулуур»бөлөҕө;
Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит, кыттыбыт бары дьоммутугар махтанабыт, бу курдук көхтөөх буолуҥ диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит!