Республикабыт 13 улууһун иистэнньэҥнэрин түмпүт үһүс төгүлүн ыытыллар «Илии сылааһа» күрэскэ Таатта улууһуттан 3 хамаанда кыттар. Уолба нэһилиэгин иистэнньэҥ ийэлэрэ, эбэлэрэ Люция Товарова, Татьяна Неустроева, Александра Кусатова, Галина Семенова Мария Басова салайааччылаах хамаанданан күрэскэ кыттан Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн СВО-ҕа сылдьар байыастарбытыгар анаан 11 араас таҥаһы тигиэхтээхтэр. Сарсыарда 10 чааска бары иистэнньэҥнэр курдук штабтан кэлбит метровай таҥастаах, иистэнэр фурнитуралаах, сорудахтаах дьааһыктарын арыйыыттан үлэлэрин саҕалаатылар. Эрдэ ыытыллыбыт күрэстэргэ эмиэ кытта сылдьыбыт буолан санаалара бөҕөх. «Бүгүн күн устата үгүс тигэр таҥаспытын быһан бэлэмнээтибит. Сарсыҥҥыттан наар тигиигэ олоруохпут этэ»,- дэһэллэр кыттааччыларбыт. Уран тарбахтаах иистэнньэҥ далбар хотуттарбытыгар түөрт күн устата ыытыллар түбүктээх үлэлэригэр ситиһиини баҕарабыт.
Анна Боппосова, Уолба