Бэс ыйын 6 күнүгэр Таатта улууһун уопсастыбаннай сүбэтин мунньаҕа буолла. Мунньаҕы бэрэссэдээтэл Петр Дмитриевич Петров иилээн-саҕалаан ыытта. Сүбэ мунньаҕар ыҥырылыннылар «Таатта улууһа” МО баһылыга Айаал Бурцев, улуус депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Максимов, улуус депутаттара. Бэйэлэрин иһитиннэриилэрин эһиил буолар «Манчаары оонньууларыгар” пуонда туһунан улуус успуорка кэмитиэтин салайааччыта Ньургун Сабарайкин оҥордо. Пуондаҕа үп киириитэ мөлтөҕүн, элбэх араас хабааннаах сырдатыы үлэлэрэ ыытыллыахтарын, киирбит үбү уонна ороскуотун чааһын бар дьоҥҥо хаһыат нөҥүө иһитиннэрии оҥорорго диэн этии киллэрдэ.
Улуус баһылыгын тутууга солбуйааччыта Максим Колодезников улууска ыытыллар тутуулар тустарынан кылгастык кэпсээтэ. Сүрүн боппуруоһунан улууска Арассыыйа бэрэсидьиэнин талар быыбар хампаанньатын түмүгэр 300 мөлүйүөннээх социальнай тутуу дьиэтин тула буолла, элбэх ырытыһыы, санаа этиитин кэннэ биир санаанан улуус туһугар үлэлиир тэрилтэлэргэ аныыр туһунан быһаарыыны ылыннылар.
Бүгүҥҥү мунньахха уопсастыбаннай сүбэ былаанын быһыытынан улуус култуураҕа үлэтин туһунан сырдатыы этэ. Иһитиннэриини улуус култуураҕа управлениетын салайааччыта Гаврил Вырдылин оҥордо. Култуура тус сыаллаах бырагырааманан (МЦП) “Сохранение и развитие культурных ресурсов» тиэмэнэн салайтаран үлэлиирин, барыта 257 үлэһит, 36 тэрилтэҕэ, 15 норуот айымньытын дьиэтэ, 1 култуура уонна успуорт сайдыытын киинэ, Ф.С.Аргунов аатынан оҕо искусствотын 47 преподавателлээх, 879 үөрэнээччилээх 7 оскуолата нэһилиэнньэни хабан, Баайаҕаҕа биир муниципальнай «Мандар Уус” саха олоҕун кэлим түмэлэ үлэлиир, ону таһынан «Албан аат” түмэлэ култуура иһинэн үлэлиирин иһитиннэрдэ. 4 өрөспүүбүлүкэ таһымнаах түмэллэр, ол иһигэр Чөркөөххө үс — политсыылка музейа, Ярославскай аатынан Саха музейа, Былатыан Ойуунускай аатынан Государственность музейа уонна Хадаайы сиригэр-уотугар литературнай-художественнай түмэл баарын, бары биир сыаллаах култуураны сайыннарыы уонна харыстааһын өттүнэн үлэлииллэрин сырдатта. Буолаары турар ытык Таатта сиригэр ыһыах торумун, ону таһынан III-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Иис. Уус. Фест” этнографическай фестиваль түһүлгэлэрин сырдатта, ыйытыктарга хоруйдаата.
Мунньах бүтүүтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга уопсастыбаннай сүбэ бэрэссэдээтэлэ Петр Дмитриевич чилиэттэргэ дастабырыанньалары туттартаата, үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарда.
Елена Слепцова.