Ыччат десана Тааттаҕа

Атырдьах ыйын  24-27 күннэригэр Таатта улууһугар өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан түмүллүбүт 150 ыччаттаах «За нас — за Победу» десант кэлэн араас хабааннаах үлэни ыытан бардылар. Кинилэри сэргэ, СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирэ Петр Шамаев кыттыыны ылла.

Ыччаттар бу иннинэ өрөспүүбүлүкэ хас да улууһугар сылдьан нэһилиэктэри тупсаран оҥорууга үлэлээбиттэр, нэһилиэнньэҕэ, ыччакка анаан араас тэрээһиннэри, кэнсиэрдэри тэрийбиттэр.

Ыччаттар Тааттаҕа араас үлэ пуруонугар көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук нэһилиэктэринэн тарҕаһан, Тыараһаҕа тутулла турар эдэр исписэлиистэр олорор уопсайдарыгар дьиэ даҥын кутуутугар, ханапаахылааһыҥҥа күүс-көмө буоллулар. Тыараһа нэһилиэгэ быйыл сааскы халаан уутугар күүскэ эмсэҕэлээбитэ, манна ууга барбыт биир ыал олбуорун тутуутугар үлэлээтилэр. Чөркөөх нэһилиэгэр «Манчаары оонньууларын” көрсө модульнай спортивнай саала тутуллуохтаах сирин оннун ыраастаатылар. Быйыл Дьохсоҕон нэһилиэгин орто оскуолата аварийнай туруктаах буолан, атын сиргэ үөрэнэргэ күһэлиннэ. Манна ыччаттар оскуола малын-салын, паарталары, дуоскалары, араас үөрэххэ туттуллар инвентарьдары көһөрдүлэр.

Быйыл сир аһа — отон өлгөмнүк үүнэн ыччаттар Чычымах бөһүөлэгиттэн чугас бэскэ тахсан отон хомуйан кыаммат араҥаҕа, инбэлииттэргэ, Анал байыаннай эпирээссийэҕэ сылдьар байыастар дьиэ кэргэттэригэр түҥэттилэр.

Орто Амма, Уус Амма нэһилиэктэригэр ырааһырдыыга, Чымынаайы орто оскуолатын дьиэтэ аварийнай туруктаах буолан, атын үөрэнэр сиргэ көһөрүллэн, оскуола малын-салын көһөрүүгэ көмөлөстүлэр. Уолба нэһилиэгэр ыччаттар «Уолба» СХПК хотонун өрөмүөнүгэр кыттыстылар.

Саамай күүстээх үлэ улуус киинингэр буолла, манна 2025 сыллаахха буолар “Манчаары ооньууларын” көрсө тутуу, көтүрүү үлэтин үгэнэ. Ол курдук Ытык Күөл Герой Охлопков пааркатыгар оҕо былаһааккатын, күөх газону  көтүрдүлэр. Таатта үрэх сүнньүн бөҕүн-сыыһын ыраастаатылар. Ат сүүрдэр ипподромҥа дьон олорор ыскамыайкаларын, трибунаны көтүрдүлэр.

Таатта улууһугар уонна нэһилиэктэригэр сылдьан байыаннай эпирээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр  көмөлөһөн дьиэ араас ис-тас үлэтин толордулар.

Субуота киэһэ Ытык Күөл олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар «Ыччат түһүлгэтэ» диэн бэйэлэрэ туруорбут кэнсиэрдэрин көрдөрдүлэр. Үлэни, сынньалаҥы кыайа тутар ыччат десана салҕана туруохтун.

Елена Слепцова.

Читайте дальше