Ыам ыйын 21 күнэ – Арас-сыыйаҕа үлэтэ суох буолууттан көмүскэнии күнэ. Таатта улууһугар нэһилиэнньэ дьарыктаах, үлэлээх буоларын туһугар элбэх сорук, былаан ылыллар. Ол туһунан “Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ” судаарыстыбаннай тэрилтэ Тааттатааҕы филиалын салайааччыта Нария Дарбасованы кытта кэпсэтиини таһаарабын.
— Нария Гаврильевна, тэрилтэҕит хас үлэһиттээҕий?
— Биһиги тэрилтэбит биэс үлэһиттээх, 4 сүрүн исписэлиистэр уонна мин салайааччы буолабын. Үлэһиттэрим уонтан тахса сыл үлэлээбит уопуттаах, үлэҕэ бэриниилээх кыргыттар. Хас биирдии үлэһит бэйэтэ сүрүн эбээһинэстээх, ону эппиэтинэстээхтик толорор.
— Таатта улууһугар үлэ рыногын туһунан сэһэргээ эрэ.
— 2023 сылга 352 үлэ миэстэтэ баарын туһунан иһитиннэрии 74 үлэ биэрээччиттэн сыл устата киирбит буоллаҕына, онтон 72,7% оробуочай идэлэргэ. Биир вакансияҕа хас үлэтэ суох тиксэрий диэн көрдөбүл – 4,41% тэҥнэспитэ. Үксүн, продавец, суоппар, уо.д.а. оробуочай идэлэргэ наадыйыы баар. Онтон, специалист өттүн ылан көрдөххө, учууталлар, мед.үлэһиттэр, юристар, экономистар, бухгалтердар наадалар эбит.
Быйыл 2024 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан үлэ көрдөнөөччү быһыытынан 106 киһи учуокка турар. Ол иһиттэн үлэтэ суох статустааҕа – 91. Ордук элбэх үлэтэ суох Таатта нэһилиэгэр – 61 киһи, Аммаҕа – 5, Алдаҥҥа, Дьохсоҕоҥҥо – 6-лыы, атын нэһилиэнньэлэргэ 1-2 киһи учуокка турар. Үлэтэ суох буолуу орто кээмэйэ – 4,5 ыйга тэҥнэһэр.
Уһуннук үлэтэ суох буолуу сүрүн биричиинэлэрэ: сөптөөх үлэ миэстэтэ суоҕа, хамнас кээмэйин кырата, тыа сирин олохтоохторо атын сиргэ көһөн үлэлии бараллара ыарахан, үлэлиир баҕалара суох, үлэ рыногар конкуренцияны кыайбат араҥа, күннээҕинэн үлэ, кэлиҥҥи кэмҥэ, социальнай пособие ыларга биир ирдэбилинэн үлэтэ суох буолуу статуһа буоларынан, ол иһин улахан пособие ылаары учуокка тураллар, үлэ көрдөнөр интириэстэрэ, мотивациялара суох дьон элбээтэ.
Быйыл үлэнэн хааччыллыы көрдөбүлэ 58,7%, былырыын бу көрдөрүү 63,1% этэ. Барыта сыл устата 172 киһи үлэнэн хааччылынна.
— Туох сүрүн уларыйыылар киирдилэр?
— Биир сүрүн уларыйыынан – нэһилиэнньэҕэ уонна тэрилтэлэргэ оҥорор өҥөлөрбүт барыта электроннай ситимҥэ толору көстө. Үлэ көрдөнөөччү сайабылыанньатын Дьарыктаах буолуу киинигэр www.trudvsem.ru («Работа России» портал) диэн сайт нөҥүө ыытар. Тэрилтэ үлэһит көрдөнөрүгэр вакансиятын эмиэ бу сайт көмөтүнэн арыйар. Онон үлэҕэ, үлэһиккэ наадыйар дьон сайабылыанньаларын, вакансияларын хантан баҕарар ыытар кыахтаннылар. Сайтка киирэллэригэр, «Госуслуги» порталга туттар логиннарынан уонна паролларынан авторизация ааһаллар.
Үөрэх өттүгэр этэр буоллахха, быйылгыттан ыытыллар куурустар ахсааннара биллэрдик эбилиннэ. Бу сылга үлэтэ суох киһини үс хайысханан босхо үөрэххэ ыытабыт. Билигин араас категориялаах суоппардары, иистэнньэҥнэри үөрэтэр куурустарга, «Основы предпринимательской деятельности», «Управление торговлей и складом», «Мастер по оформлению бровей», «Медицинский регистратор», «Охранник 6 разряда» уонна да атын куурустарга үөрэнэллэр. Үөрэммит дьоммут үгүстэрэ тута үлэҕэ киирэн иһэллэриттэн үөрэбит.
— Үлэ көрдөнөр дьоҥҥо бэриллэр босуобуйа кээмэйэ төһө буолан турарый?
— Уопсайынан, Дьарык- таах буолуу кииннэрэ нэһи-лиэнньэҕэ көмөлөрө барыта РФ Конституциятын 37 ыстатыйатынан бигэргэммит, үлэтэ суох буолууттан көмүскэллээх буолууга туһуланар. Ол курдук, үлэбит сүрүн соруга үлэ көрдүүр дьоҥҥо үлэ булуналларыгар, үлэһит көрдөнөр тэрилтэлэргэ үлэһит буларга көмөлөһүү буолар. Үлэ көрдөнөр кэмҥэ социальнай гарантия быһыытынан алын кээмэйдээх босуобуйа ыйдааҕы төлөбүрэ 2255 солкуобай, оттон үрдүк кээмэйдээх босуобуйа 19 235 солкуобайга тэҥнэһэр. Бу босуобуйалар: алын кээмэйдээх 3 ый устата, үрдүк кээмэйдээх босуобуйа 6 ыйга диэри төлөнүөн сөп. Оттон үлэ көрдөнөөччү биэнсийэҕэ тахсара 5 сыла хаалбыт диэн категорияҕа киирсэр буоллаҕына, босуобуйа үрдүкү кээмэйинэн 12 ый устата ылыан сөп. Туохтан маннык босуобуйа кээмэйэ араастаһар диир буоллахха, үрдүк кээмэйдээх босуобуйа учуокка турбут киһи бүтэһик 12 ый устата 6 ыйтан итэҕэһэ суох үлэлээбит буоллаҕына ананар. Босуобуйа төлөммүт кэмэ үлэ ыстааһыгар ааҕыллар.
— Сүрүн бырагыраамалар тустарынан сырдат эрэ.
— «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн оробуочай идэлэри таһынан, орто анал эбэтэр үрдүк үөрэхтээх дьоҥҥо үрдэтинии куурустара тэриллэллэр. Холобур, «Оператор 1С», «Социальный работник», «Специалист по персоналу», «Специалист в сфере закупок», «Торгитолог и SMM-специалист», «Интернет маркетинг: введение в профессию маркетолог», «Машинист установок обогащения и брикетирования» курдук саҥа идэлэр баар буоллулар.
Бу анал бырагырааманан оҕо көрөн олорор ийэлэр, биэнсийэлээхтэр уонна биэнсийэҕэ тахсаллара 5 сыл хаалбыт дьон, ону таһынан 35-гэр диэри саастаах идэтэ суох уонна аармыйаттан кэлбиттэрэ 4 ый ааһа илик ыччаттар, 35-гэр диэри саастаах, үөрэхтэрэ бүтэрэ 1 сыл хаалбыт устудьуоннар босхо үөрэниэхтэрин сөп. Үөһэ этиллибит үөрэх куурустара үлэ ырыынагар баар аһаҕас үлэ миэстэлэригэр ананан тэриллэллэр уонна үөрэх түмүгүнэн үлэлии киирии булгуччулаах.
Общественнай үлэлэри тэрийиигэ 2023 сылга 6 киһи быстах үлэнэн хааччыллыбыта. «Тыа сиригэр общественнай үлэлэри тэрийии» бырагырааматынан 2 киһи хабыллан үлэлээтэ, ИП ГКФХ А.А.Маркова (Харбалаах) кытта дуогабар түһэрсэн, үлэ тэрилиннэ, дьон хамнас ааҕыстылар. Маны таһынан 5 үлэтэ суох, үлэ көрдөнөөччү хабыллан үлэлээтэ, 1 киһи дуогабар түһэрсэн, тыа хаһаайыстыбатын (күрүө тутуутугар, окко, сүөһү көрүүтүгэр) тэрилтэтигэр үлэ тэрилиннэ.
Маны таһынан киин иһинэн бу сыл кулун тутар ыйтан «Сандаара» дьахталлар кулууптарын үлэлэтэн саҕалаатыбыт. Бу кулууп сүрүн сыала: үлэтэ суох, үлэ көрдөнөр дьахталлар, эдэр ийэлэр, үлэ булалларыгар көмө, санаа атастаһар, уйулҕаларын бөҕөргөтөр, элбэх туһалаах иһитиннэриини, туһааннаах исписэлиистэри кытары көрсүһүүнү, араас маастар кылаастары ыытыы буолар. Биһиги кэрэ аҥардарбыт, ыал ийэлэрэ бэйэлэригэр сөптөөх үлэни булан, куурустарга үөрэнэн, бэйэ дьыалатын тэринэн дохуот аахсан, Ил Дархаммыт «Дьадайыыны утары дьаһаллар» укааһыгар ыйылларын курдук, дьиэ кэргэттэрэ туруктаах, дохуоттаах буолалларыгар туһуламмыт үлэбит биир көрүҥэ буолар.
Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор үөрэх таһынан иллэҥ бириэмэлэригэр быстах үлэнэн хааччыллыыларыгар былырыын 125 оҕо үлэлээтэ, хамнас, материальнай көмө ыллылар. Оҕолор үксүн ырааһырдыыга, оҕуруот аһын көрүүтүгэр, докумуон бэрээдэктээһиҥҥэ, ньирэй көрүүтүгэр үлэлээтилэр. СОП учуотугар турар ыаллартан 4 оҕо, кыра дохуоттаах ыаллар оҕолоро – 27, элбэх оҕолоох ыал, соҕотох төрөппүттэрдээхтэр — 93 оҕо хабыллан үлэлээтилэр. Манна даҕатан эттэххэ, быйыл улуус бюджетыттан муниципальнай тус сыаллаах бырагырааманан (МЦП) 600 тыһ.солкуобай эбии харчы көрүлүннэ. Онон быйыл үппүт үрдээбититтэн үөрэбит, үлэ тахсыылаах буолуо диэн эрэнэбит.
Бэйэ дьыалатын тэриниигэ (самозанятость) былырыыҥҥы былаан туолан 1 киһи ИП, 11 киһи бэйэлэрин дьыалаларын тэринэн үлэлии сылдьаллар. Ол курдук атах таҥаһын тигии, улларыы өҥөтө, автомастерской, парикмахерскай, кондитерскай, бухгалтерскай өҥөнү, тутуу салаатыгар, сынньалаҥ тэрийиигэ аналлаах өҥөлөр көрүҥнэринэн үлэлииллэр.
Маны таһынан, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьону кытта үлэҕэ болҕомто сыллата күүһүрэр. Алтынньы ый 20 күнүнээҕи туругунан улууска барыта 949 доруобуйатыгар хааччахтаах дьон баара биллэр. Ол иһиттэн үлэлиир саастааҕа 404 киһи, билигин үлэлиирэ – 127, ол эбэтэр 31,44%. Быйыл үлэ көрдөнөөччү быһыытынан 14 инбэлиит учуокка турбута, онтон 6 киһи үлэ булла. Саха өрөспүүбүлүкэтин квотирование туһунан сокуонугар олоҕуран улууска 35 үлэ миэстэтэ инбэлииттэргэ, ыарахан түгэҥҥэ түбэспит сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго эбэтэр босхолонон кэлбит дьоҥҥо – 4, соҕотох эбэтэр элбэх оҕолоох төрөппүттэргэ 24 үлэ миэстэтэ квоталанан, бу этиллибит дьон манна үлэлии сылдьаллар.
— Нария Гаврильевна, кэпсээниҥ иһин махтал.
Ити курдук, дьон дьарыктаах буолуутугар анаан араас хайысханан үгүс үлэ ыытыллар. Көмө бырагыраамалар тустарынан сиһилии үлэ кэмигэр нэһилиэнньэ дьарыктаах, үлэлээх буолуутун киинигэр кэлэн билсиэххитин сөп.
Елена Слепцова.