Ытыктабыллаах Таатта улууһун олохтоохторо!

Эһигини Аҕа дойду Төрүт сокуонун күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Төрүт сокуоммут – социальнай- экэнэмиичэскэй сайдыыбыт тирэҕэ уонна дьон-сэргэ дьоһун олоҕун түстүүр сүрүн мэктиэ буолар. Бу бэлиэ күн судаарыстыбыннас тулхадыйбат туруктааҕын уонна дойдубут бүгүҥҥүтэ бигэтин, инникитэ сырдык кэскиллээҕин туоһулуур.

Биһиги Төрүт сокуонунан мэктиэлэммит бырааптарбыт эбээһинэстэрбитин кытта быстыспат ситимнээхтэрин умнуо суохтаахпыт уонна ону тутуһууну өрүү өрө тутуохтаахпыт, тоҕо диэтэххэ уопсастыбабыт сайдыытын таһыма онтон быһаччы  тутулуктаах. Дойдубут дириҥ, ураты суоллаах-иистээх историятыгар, баай культурнай улнна духуобунай нэһилиэстибэтигэр интэриэс үксүү турдун. Барыгытыгар чэгиэн туругу, этэҥҥэ буолууну уонна дойдубут чэчирии сайдарын туһугар саҥаттан саҥа ситиһиилэри баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаата, «Саханефтегазсбыт» АУо генеральнай дириэктэрэ Виктор Лебедев