Кулун тутар 28 күнүгэр Саха сиригэр Гражданскай сэрии Дьоруойа, «Кыһыл Знамя» уордьан кавалера, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна Гаврил Васильевич Егоров-Бартыһаан Дьөгүөрэп 145 үбүлүөйдээх сааһа буолан ааста.
1930-1932 сыллардаахха Хара Алдан нэһилиэгэ Уус Алдан оройуонугар киирэр этэ. Онон нэһилиэк салайааччылара Уус Алдан киинигэр Бороҕоҥҥо баран, Гаврил Васильевич олорор Тандатыгар сылдьан, хайаан да кинин көрсөллөрө, сүбэ-ама ылаллара. Ол көрсүһүүлэригэр оскуола астарар баҕа санааларын кэпсэтэллэрэ. Кинилэр кыһалҕаларын өйдөөн, Гаврил Васильевич Егоров Хара Алдаҥҥа оскуола дьиэтин туттарарга көмөлөһөр санааны ылыммыта (оччолорго кини дойдутугар Тандаҕа уонна Кэбээйи оройуонугар оскуола туттарбыта). Оскуола тутуллуор диэри Хоту Хараҕа “Бээйэ өтөҕө” диэн сиргэ Михаил Гаврильевич Старостин Бээйэ дьиэтигэр биир хоһу эбии салҕаан туттаран, 1931 сыллаахха оскуола аһыллыбыта. Оскуоланы нэһилиэк күүһүнэн “Аана өтөҕө” диэн сиргэ 1932 сыллаахха түөрт кылаастаах оскуола аһыллыбыта, оскуоланы өйөөн, туруорсан туттарбыт киһилэрин убаастаан, оскуоланы Г.В. Егоров аатынан ааттаабыттара.
Хара Алдан орто оскуолата 93 сыл Бартыһаан Дьөгүөрэп аатын сүгэн кэллэ. Оскуолабыт аатын сүгэр улуу киһибитигэр анаан, оскуолаҕа сэргэх тэрээһин ыытылынна. Ол курдук “Номох буолбут олох” уус-уран айымньыларга, ахтыыларга, докумуоннарга хаартыскаларга олоҕурбут Бартыһаан Дьөгүөрэп туһунан “Бичик” кыһата таһаарбыт кинигэ оскуола библиотекатыгар уонна оскуола музейыгар көстөр сиргэ турар. Бу кинигэҕэ Ем. Ярославскай аатынан Саха Государственнай холбоһуктаах музейыгар, Уус Алдан, Танда музейдарыгар баар баай матырыйааллар, сэдэх хаартыскалар киирбиттэр.
Г.В. Егоров туһунан Уус Алдан Танда музейыттан булуллубут элбэх матырыйааллары туһанан уонна “Номох буолбут олох” диэн кинигэнэн сирдэтэн, үөрэнээччилэргэ билиһиннэрдибит. Ол курдук тэрээһиммит Гаврил Васильевич олоҕун кэрчиктэриттэн Т.П. Сметанина билиһиннэрдэ, “Бартыһаан Дьөгүөрэби чинчийэбит” диэн оскуола библиотекара А.Г. Бочурова салайыытынан 11 кылаас үөрэнээччитэ Егор Винокуров дакылаатынан кытынна, орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ Н. Босиков “Хабырылла Дьөгүөрэпкэ” кинигэттэн хоһоон аахтылар, И. Находкин суруйуутугар “Хабырылла Дьөгүөрэп” сценкаттан быһа тардан көрдөрдүлэр. Саха тылын учуутала уонна дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы О.П. Егорова хоһоону уонна сценканы үрдүк таһымҥа бэлэмнээн, оҕолор да, көрөөччүлэр да астыннылар.
Гаврил Васильевич Егоров олоҕун кэрчиктэрэ:
(Уус- Алдан улууһун Танда музейын матырыйаалыттан ылылынна)
- 03.1879 с. Байаҕантай улууһугар I Байаҕантай нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.
- 1899 с. Кууһума Калининскай кулуба өһөөн, балтараа сыл Якутскай түрмэтигэр хаайыыга олорбута.
- 1902 с. хаайыыттан тахсан, Байаҕантай, Өлүөхүмэ, Бодойбо баайдарыгар хамначчытынан үлэлээбитэ.
- 1905 с. Тандаҕа олорор политсыылынайдары Ешконы, Орловскайы, Алымовы уо.д.а. кытта билсибитэ.
- 1914 с. Оччотооҕу тутулга эрэлэ суох киһи буолан алта сылга болдьохтоох түрмэҕэ хаайыллыбыта.
- 1917 с. Якутскайга олунньутааҕы революция кыайыытын кэнниттэн түрмэ хаайыытыттан босхоломмута.
- 1918 с. бэс ыйыгар Якутскайга А.С. Рыдзинскай экспедициятын этэрээтигэр байыаһынан киирбитэ.
- 1918 с. от ыйыгар Сэбиэскэй былаас политикатын нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр соруктаах Байаҕантай улууһугар командировкаҕа тахсыбыта.
- 1919 с. бэс ыйын 1 күнэ. Тоһуурга түбэһэн тутуллар уонна Дьокуускайга киирэн куорат гарнизонугар байыаһынан сулууспалаабыта.
- 1920 с. Тохсунньу ыйга. Колчак былааһа сууллубутун кэннэ Дьокуускайга киирэн куорат гарнизонугар байыаһынан сулууспалыыр.
- 1920 с. сайын. Верхоянскайга бастаан милиционерынан, онтон Верхоянскайдааҕы волревком инструкторынан үлэлээбитэ.
- 1920 с. сэтинньи. Танда потребкооперациятын тэрийсибитэ.
- 1921-1922 с.с. Колчак армиятын офицера Коробейников этэрээтин үлтүрүтүүгэ кыттыбыта.
Аммаҕа Хоҥхоойуку үрүйэтигэр буолбут сэриигэ хаҥас илиитигэр бааһырбыта. Эдьигээн волоһыгар Калугин үрүҥ баандатын үлтүрүтүүгэ кыттыбыта. Верхоянскай аатырбыт бандьыытын Кондаковы туппута. Гражданскай сэрии историятыгар Саха Сиригэр киэҥник биллэр “Харыйалаах”, “Тулагы” кыргыһыылыарыгар хорсун сэрииһитинэн биллибитэ. Г.В. Егоров бу сылларга 13 төгүл сэриигэ кыттыбыта.
- 1923 с. олунньу 21 күнэ. Пепеляев баандатын утары тэриллибит 439 киһилээх туспа аналлаах чаас (ЧОН) батальонугар мобилизацияланан Якутскайтан хоҥнубуттара.
- 1923 с. кулун тутар 2 күнэ. Амма Слободатын босхолооһуҥҥа геройдуу быһыыны көрдөрбүтүн иһин «Кыһыл Знамя» орденыгар наҕараадаламмыта.
- 1923 с. муус устар. I Байаҕантай нэһилиэгэр тахсан уобаластааҕы тэрилтэлэр сорудахтарынан улуустарга, нэһилэктэргэ араас хаһаайыстыбаннай, политическай суолталаах боппуруостарга тэрийэр, өйдөтөр үлэни ыыппыта.
- 1925 с. муус устар 27 күнэ. Амманы босхолооһуҥҥа геройдуу быһыытын иһин “Кыһыл Знамя” орденынан (№11556) уонна винчестер саанан (№ 9921442) наҕараадаламмыта.
- 1927 с. I Байаҕантай нэһилиэгэр «Ыраас олох» обществота тэриллибитэ, председателинэн Г.В. Егоров талыллыбыта.
- 1927 с.күһүн. Якутскай куоракка ыҥырыллан аатырбыт командир И.Я. Строд этэрээтин байыаһа буолбута. Бу этэрээккэ сылдьан өрүс Илин Эҥэринээҕи улуустарга өрө турбут бандьыыттар тобохторун букатыннаахтык эһиигэ көхтөөхтүк кыттыбыта.
- 1927 с. төрөөбүт нэһилиэгэр тахсан оскуолалары тутуу боппуруоһунан утумнаахтык дьарыктаммыта. Урут тутуллан иһэн сэрии мэһэйдээн бүппэтэх Танда сэттэ кылаастаах оскуолатын ситэттэрбитэ.
- 1928 с. Коммунистическай партия чилиэнинэн киирбитэ. Танда нэһилиэгэр партийнай ячейка боломуочунайынан ананан, сир үллэһигин ыытыспыта.
- 1928-1938 сс. Танда нэһилиэгин Сэбиэтин чилиэнэ.
- 1928 с. күһүн. Танда сэттэ кылаастаах оскуолата үлэҕэ киирбитэ. Г.В. Егоров туруорсуутунан Саха АССР КСК VI ыҥырыылаах II сессиятын уурааҕынан Танда сэттэ кылаастаах оскуолатыгар Яков Михайлович Свердлов аата иҥэриллибитэ.
- 1929-1934 сс. ЯЦИК чилиэнэ.
- 1930 с. I Байаҕантай нэһилиэгэр «Кэскил» диэн холкуоһу тэрийсэн, аан бастакынан чилиэнинэн киирбитэ.
- 1930 с. Москваҕа сылдьан ССРС Киин Ситэриилээх Комитетын председателигэр М.И. Калиниҥҥа, Үөрэх народнай комиссарыгар А.С. Бубновка, кини солбуйааччытыгар Н.К. Крупскаяҕа, Доруобуйа харыстабылын Наркомугар Н.А. Семашкоҕа, ЫБЛКС секретарыгар А.В. Косаревка сирэй сылдьан кэпсэппитэ. Ити түмүгэр Танда уонна Курбуһах оскуолаларын тутуутугар 200 тыһ. солк. харчыны эбии анатан ылбыта.
- Г.В.Егоров культармеец быһыытынан Уус-Алдан, Нам, Чурапчы, Таатта, Кэбээйи оройуоннарыгар оскуола тутуутун таһынан, эмп тэрилтэлэрин туттарыыга улахан үлэни ыыппыта.
- 1931 с. 80 оҕоҕо ананан тутуллубут Танда оскуолатын интернат дьиэтэ тутуллан бүппүтэ.
- 1931 с. күһүн. Уус Алдан оройуонугар 150 оҕо үөрэнэр Курбуһах сэттэ кылаастаах оскуолата, Нам оройуонугар II Хомустаахха 60 оҕо үөрэнэр начальнай оскуолата аһыллыбыттара.
- 1932 с. Таатта оройуонугар Хара Алдан, Уус Алдан оройуонугар Бээрийэҕэ начальнай оскуолалар аһыллан, үөрэх-иитии үлэтин аан бастаан саҕалаабыттара.
- 1929-1934 сс. Бүтүн Саха сиринээҕи Сэбиэттэр Киин ситэриилээх кэмитиэтин чилиэнинэн үлэлээбитэ.
- 1932 с. бэс ыйа. Саха АССР тэриллибитэ 10 сылын туолар юбилейыгар Саха АССР Киин Ситэриилээх Комитетын президиума Г.В. Егоровы Саха сиригэр үрүҥ баандалары утары охсуһууга уонна культурнай фроҥҥа уһулуччулаах үтүөлэрин иһин Бочуотунай Грамотанан наҕараадалаабыта уонна харчынан биримиэйилээбитэ. Сахаттан бастакынан Норуот үөрэҕириитин туйгуна ааты ылбыта.
- 1933 с. бэс ыйа. Танда сэттэ кылаастаах оскуолата умайан хаалбыта. I, II Байаҕантай , Тандинскай, I, II Курбуһах нэһилиэктэрин дьонун ыҥыран мунньах тэрийбитэ. Умайбыт оскуола оннугар саҥа икки оскуоланы туттарарга быһаарбыта.
- 1935 с. Г.В. Егоровы Саха АССР Үөрэҕин Наркома үөрэх, культурнай олох өссө ситэ тэнийэ илик сиригэр Кэбээйи оройуонугар ыыппыта. Онно кылгас кэм иһигэр оройуон киинигэр сэттэ кылаастаах оскуола дьиэни, 10 куойкалаах балыыһаны, сибээс дьиэтин туттарбыта.
- 1936 с. Бороҕон бөһүөлэгэр икки этээстээх Мүрү сэттэ кылаастаах оскуолатын туттарбыта.
- 1936 с. Нам оройуонугар Таастаахха оскуола туттарбыта.
- 1930-1942 сс. Кэбээйи оройуонун Сэбиэтин депутатынан талыллан үлэлээбитэ.
- 1941 с. от ыйын 7 күнэ. 62 саастаах кыһыл партизан Г.В. Егоров Кыһыл Армия кэккэтигэр барарга тылланан, Якутскай куорат военкоматыгар көрдөһүү киллэрбитэ. Онно кырдьаҕас, ыалдьа сылдьар Г.В. Егоров көрдөһүүтүн ылымматахтара.
- 1942 с. кыһын. дойдутугар Якутскайтан командировкаҕа тахса сылдьыбыта.
Матырыйаалы бэлэмнээтэ: Т.П. Сметанина орто оскуола учуутала.
(Уус Алдан улууһун Танда музейын матырыйаалыттан ылылынна)
Матырыйаалы бэлэмнээтэ: Т.П. Сметанина орто оскуола учуутала.