Учууталбыт туһунан үтүө өйдөбүл

Учуутал диэн билиигэ угуйар, олоххо сирдиир муударай сүбэһит диэн өйдөбүл хас биирдии киһиэхэ иҥэн сырыттаҕа. Инники олохпутугар туох дьон , хайдах үлэһит буоларбыт барыта учуутал билиититтэн, сыралаах үлэтиттэн, оҕоҕо, төрөппүккэ сыһыаныттан тутулуктаах дии саныыбыт. Биһиги 1975 сыллаахха оскуолаҕа үөрэнэ киирэрбитигэр маҥнайгы учууталбыт Максимова Пелагея Афанасьевна үөрэ-көтө отучча оҕону көрсүбүтүн өйдүүбүт. Онтон алын оскуоланы бүтэрэн, улахан оскуолаҕа Данилова Варвара Иннокентьевна кылааспытын салайан, олох киэҥ аартыгар атаарбыта. Бу икки учуутал биһиги олохпут сүнньүн салайбыт,чиҥ акылааты уурбут , элбэххэ үөрэппит-такайбыт күндү учууталларбыт буолаллар.
Оскуолаҕа араас предмеккэ хас биирдии учуутал кыаххын-дьоҕургун арыйаргар, олоххо суолгун булунаргар билии-көрүү иҥэрэн, айымньылаахтык үлэлээтэхтэрэ. Кинилэртэн биирдэстэрэ саха тылын, литературатын учуутала Жирков Егор Алексеевич этэ. Биһиги төрөөбүт тыл, литература уруогар наһаа үчүгэйдик үөрэммиппит. Кырдьык да, Егор Алексеевич ураты сымнаҕас сыһыанынан, киэҥ билиитинэн элбэх оҕо кутун туппут учуутал. Кини уруоктара куруук интэриэһинэй. Кылааска киирэн көрдөөх түгэннэртэн саҕалаан, уруогун ыытара. Кабинетын ыскаабар «Хотугу Сулус» сурунаал, суруйааччылар кинигэлэрэ толору буолара , ол курдук төрдүс кылаастан саҕалаан, кылаас таһынан элбэх да айымньылары аахпыппыт. Онтон уруокка аахпыт айымньыларбытын ырыттарара, сөбүлээбит түгэммитигэр уруһуйдатара, пластинкаҕа олоҥхону, артыыстар ааҕар айымньыларын истэрбит. Эрилик Эристиин “Хачыгыр ”, Күндэ “Марба ” кэпсээннэрин наһаа долгуйа истэрбит, оҕолору аһынан да биэрэрбит. Пластинкаттан саха тыйаатырын артыыстарын билэр буолбуппут.Эһиги аахпыккытыттанбилбиккититтэн саамай сүөгэйин, сүөгэйтэн арыытын тутан хаалыахтааххыт”, — диэн үөрэтэрин өйдөөн хаалбыппыт. Туох эрэ дьээбэлээх түгэннэрдээх буолааччы. Дуоскатын иннигэр улахан кафедралаах этэ, ол хаппахтанар ааннааҕа. Ол аанын арыйдаҕына, Алла Пугачева хаартыската көстөрө. Ону биһиги көрө-көрө күлсэр этибит. Сөбүлүүр ырыаһыта эбит этэ.Биһиги Николай Якутскай “Төлкө”, Софрон Данилов “Киһи биирдэ олорор”, Болот Боотур “Уһуктуу” романнарын олох эрдэттэн аахпыппыт. Саас таһырдьа айылҕаҕа тахсарбыт, уруоктарын өрүс кытыытыгар ыытара.Кэлэр уруокка айылҕа көстүүлэрин, өрүскэ муус устуутун, ньургуһуну көрбүппүтүн уруокка өйтөн суруйарбыт, хоһоон айарбыт. Егор Алексеевич улахан дьиэ кэргэн аҕата. Кини кыыһа Лена Евграфова биһигини кытта үөрэммитэ. Туйгун үөрэнээччибит, эмиэ наһаа көрдөөх кэпсээннээх кыыс буолааччы. Биһиги кылаастан учууталбыт туйаҕын хатаран, саха тылын, төрүт культура үөрэҕин бүтэрбиттэр үһүөбүт. Үөрэхпитин бүтэрэн, оскуолаҕа учууталынан үлэлии сылдьабыт. Учууталбыт Егор Алексеевич үөрэппит методикатын үлэбитигэр туттабыт. Кини курдук учууталга үөрэммиппитинэн киэн туттабыт, холобур оҥостобут. Элбэх үөрэнээччитэ университекка саха тылын салаатыгар үөрэммитэ, барыбыт сүрэхпитигэр учууталбыт туһунан үтүө өйдөбүл иҥэн сырыттаҕа.

Розабелла Готовцева, Алевтина Николаева, Уус Таатта орто оскуолатын 1985 сыллаах выпускниктара.

Читайте дальше