Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 27 күнүгэр «СӨ Судаарыстыбыннаһын күнүгэр» аналлаах тэрээһин ыытылынна. Бу тэрээһини иилээн- саҕалаан ыытта саха тылын учуутала В.П.Трофимова. Кини оҕолорго бу күн суолтатын кэпсээтэ, кылгас иһитиннэрии оҥордо. Онтон история уонна обществознание учуутала Соломонова А.Д. биктэриинэ ыытта.
Хас биирдии үөрэнээччи төрөөбүт дойдутун устуоруйатын олох кыра эрдэҕиттэн билэ үөрэниэхтээх, оччоҕо эрэ төрөөбүт дойдуга тапталы, ытыктабылы, бэриниилээх буолууну иҥэринэ улаатар.
Биһиги холбоһукпутугар «Орто Амма нэһилиэгин ытык сирдэрэ» бырайыак хаһыс да сылын тиһиктээхтик
үлэлээн кэллэ.Тэрээһин иккис чааһынан бырайыак сыллааҕы отчуота буолла. Кылаастар бары сыллааҕы үлэлэрин, анал ытык сирдэрин туһунан тугу чинчийбиттэрин, туох үлэни ыыппыттарын кэпсээтилэр.Отчуоттарын үүммүт үөрэх дьылыгар сыһыарыллар кылааска туттаран истилэр. Бырайыак салайааччыта, оскуола түмэлин үлэһитэ Блахирова В.В. кылаастар ыыппыт үлэлэриттэн астыммытын, ытык сирдэргэ куруук сүгүрүйэ, харыстыы, ыраастыы, хомуйа сылдьыллыахтааҕын туһунан бэлиэтээн эттэ.
Үгэс быһыытынан, «Таатта Амматын таптыыбын!» ырыаны бары өрө көтөҕүллэн туран ыллаан, дьоро күн үөрүүтүн түмүктээтибит.
Таисия Андреева, 8 кылаас үөрэнээччитэ, Варианна Васильевна Макарова, иитэр үлэни тэрийээччи