Игидэйгэ «Иэйии биһигэ» кинигэ сүрэхтэниитэ

Илгэлээх Игидэй нэһилиэгэр кулун тутар 22 күнүгэр сонун, дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин буолан ааста.

Ол курдук, олохтоох модельнай библиотека иһинэн үлэлиир «Иэйии» литературнай түмсүү чилиэннэрэ бастакы «Иэйии биһигэ» диэн хоһоон хомуурунньугун сүрэхтээтибит.  Хомуурунньугу модельнай библиотека салайааччыта  Кристина Алексеевна Жулева уонна «Иэйии» литературнай түмсүү салайааччыта Мавра Павловна Матаннанова улуус, өрөспүүбүлүкэ иһинэн араас таһымнаах күрэстэргэ кыттыбыт хоһооннортон түмэн, таҥан таһаардылар.

Ол курдук, түмсүү маҥнайгы салайааччыта Любовь Васильевна Андросова «Саха саарына, Алампаҕа» хоһооно, ахтыылара, түмсүүбүт иккис салайааччыта,  Мавра Павловна «Үтүө киһи» диэн ааттаах Любовь Васильевна Андросова туһунан истиҥ-иһирэх ахтыыта, хоһоонноро. Бэтэрээн библиотекарь Федора Васильевна Заболоцкая «Хоһоон алыбар ылларбыт, Маайыс барахсан» диэн ахтыыта. Александра Семёновна Жулева — Суһума хоһоонноро.

Маны таһынан «Иэйии» литературнай түмсүү чилиэннэрин: Анна Константиновна Аргунова, Мария Ивановна Попова, Варвара Константиновна Ефимова, Тамара Николаевна Ивановна, Светлана Федоровна Ордахова, Ольга Спартаковна Дяконова, Игидэй нэһилиэгин саарыннарын үбүлүөйдээх сылыгар анабыл хоһоон күрэһин кыттыылаахтара: Э.К.Пекарскай аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрин хоһоонноро киирдилэр. Ол курдук, бастакы нарком Алексей Федотович Бояров 125 үбүлүөйдээх сылынан, суруналыыс Иван Александрович Аргунов үбүлүөйүгэр анаммыт хоһооннор. Саас аан маҥнай тоҥ буору тобулан тахсар, хорсун-хоодуот, нарын-намчы «Ньургуһун» сибэккини хоһуйбут хоһооннор хомуурунньугу киэргэттилэр. Араас кэмҥэ ыытыллыбыт тэрээһиннэр түгэннэриттэн олус үчүгэй хаартыска кинигэни киэргэттилэр.

Туох барыта акылааттан, тирэнэр тирэҕиттэн, силиһиттэн мутугуттан саҕаланар диэтэхпинэ сыыстарбатым буолуо, ол курдук «Иэйии» литературнай түмсүүнү  СӨ үтүөлээх учуутала, СӨ үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнэ, «Саха Азия оҕолоро» пуонда стипендиата, Баайаҕа орто оскуолатын бэтэрээн учуутала Любовь Васильевна Андросова 2017 сыллаахха, олунньу ыйга төрүттээбитэ.

Любовь Васильевна бэйэтин киэҥ-холку майгытынан, ийэлии нарын сыһыанынан, сүрдээх үчүгэйдик, уу-чуумпутук сылдьан, нэһилиэк хоһоону сэҥээрээччилэрин биир сутурук курдук бэйэтин тула түмпүтэ. Олус сэргэх, сонун тэрээһиннэри тэрийэри ситиспитэ. Кини өрүү оскуолаҕа оҕолору үөрэтэ олорор учуутал курдук бэлэмнээх кэлэн, биһиэхэ элбэх суруйааччылары ис иһиттэн тартаран, хааһахтан хостуур курдук кэпсиирэ. Кини кэпсээнигэр сиэттэрэн литература биһигэр уйдаран киирэрбит. Бука бары төбөбүтүн холбоон олорон, ыытыахтаах тэрээһиннэрбитин тэҥҥэ толкуйдуурбут. Ол курдук, Петр Тобуруокап 100 сылыгар анаан мюзкл туруоран, киэҥ сэҥээриини ылбыта. Саха норуодунай поэта Семён Петрович Данилов хоһооннорун иэйиилээхтик ааҕан, ырыаларын ыллаан бэрт тэрээһин ааспыта. Сыллата «Ньургуһун» кэрэ сибэккини хоһуйан, хоһоон айабыт, оҥоһук оҥорон быыстапка туруорабыт. Бу курдук, биһиги бастакы салайааччыбыт «Иэйии» литературнай түмсүү хас биирдии чилиэнигэр тулхадыйбат тулааһыны олохтообута, нарын иэйиини сүрэххэ сөҥөрбүтэ. Түгэнинэн туһанан ахтан-санаан ааһабын түмсүү олохтоох ааптарын Мария Михайловна Спиридонованы. Күннэтэ бэйэтин айымньылаах хоһоонунан нэһилиэк олохтоохторун уһугуннарара. Ис сүрэҕиттэн олус элбэх хоһоону айан, дьон-сэргэ махталын ылара. Олус элбэх күрэстэргэ кыттара. Өрүү сэҥээриини ылара. «Иэйии» литературнай түмсүү чилиэннэрин өйүгэр-санаатыгар, Маайыспыт олохтоох ааптар быһыытынан сүппэттик иҥэн сылдьар.

Өрүү олоххо активнай позициялаах, салайааччы уҥа илиитэ, түмсүүбүт көхтөөх чилиэнин Анастасия Николаевна Боярованы ахтан-санаан ааһабын. Кини өрүү библиотекаҕа сылдьара. Түмсүү иннигэр ис сүрэҕиттэн кыһаллара, ыалдьара. Тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттара. Хоһоону кыбыстыбакка ааҕарга агитациялыыра. Учууталым Мавра Павловна Матаннанова салайар кэмигэр төһө да хааччахтааһын кэмигэр олордорбут, түмсүү үлэтэ кыратык да уҕараабатаҕа. Таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Куйаар ситимин нөҥүө улуус,  өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар таһымнаах күрэстэргэ активнайдык кыттарбыт. Миэстэлэргэ тиксэн, хоһооннорбут хомуурунньуктарга киирэн бэчээттэммиттэрэ. Ол курдук, Дьокуускай Долун-2021 с.  З.Е.Аржакова ааптардаах «Сайын» хомуурунньугар, олохтоох ааптар Мария Михайловна Спиридонова «Алааспар санаа», «Аттыгытыгар-таскытыгар», Варвара Константиновна Ефимова «Сахам сирин самаан сайына» хоһоонноро бэчээттэнэн тахсыбыта.

Бу кэмнэргэ «Иэйии» литературнай түмсүү чилиэннэрэ элбэх хоһооннору айан, араас таһымнаах күрэстэртэн грамота тутан үөрбүттэрэ-көппүттэрэ. Саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи литэрэтиирэ бэстэбээлигэр — Мавра Павловна Матаннанова, Анна Константиновна Аргунова, Александра Семёновна Жулева — Суһума ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Быйыл «Иэйии» литературнай түмсүүгэ саҥа сүүрээн киирдэ. Ол курдук, саҥа салайааччынан айар талааннаах, сонун идеялаах , Александра Семёновна Жулева — Суһума ананна. «Иэйии биһигэ» кинигэбит сүрэхтэниитин иилээн-саҕалаан ыытта. Бука барыбытын биир таҥастаах буоларга түмэ тардан, ханна да кыбыстыбакка тахсар олус үчүгэй таҥастанныбыт.

Саҥа эбии талааннаах дьон киирэннэр түмсүүбүт сэргэхсийдэ, олус эппиэтинэстээхтик кытынныбыт. Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта: Модельнай библиотека салайааччыта Кристина Алексеевна. Бу киэһэ сонун хоһооннор ааҕылыннылар. Хас биирдии сыанаҕа тахсар нүөмэр аайы сонунтан сонун таҥаһы хоһооҥҥо дьүөрэлээн уларыта сылдьан таҥнаммыт, истиҥ иэйиигэ куустаран, үҥкүү — ырыа доҕуһуолунан кынаттанан, кэрэ киэһэни бэлэхтээтибит. Тус бэйэбит астыныыны-дуоһуйууну ыллыбыт. Манна хомуурунньукка киирбит хоһооннор саас сааһынан сааһыланан, ис сүрэхтэн кынаттанан көттүлэр. Оскуола оҕолоруттан саҕалаан, саастаахтарга тиийэ хоһоон эйгэтигэр куустардылар. Ол курдук оскуола оҕолоро «Ньургуһун» кэрэ сибэкки туһунан хоһооннорун аахтылар: Ордахова Юлиана, Васильева Сардаана — 6 кылаас үөрэнээччилэрэ, Марков Арылхан, Захарова Айыына, Захарова Сайыына, Матаннанов Айаал — 7 кылаас үөрэнээччилэрэ. Лопатина Ариана — 9 кылаас үөрэнээччитэ, «Оҕолорго» диэн суруналыыс И.А.Аргуновка анабыл хоһооно салайааччы Ефимова Варвара Константиновна. Табрынова Альмира 4 кылаас үөрэнээччитэ, салайааччы Пахомова София Семёновна.

Тэрээһин 1 түһүмэҕэ. Хоһоон хонуута киэһэ «Тылым уоттаах тымтыгым» Ирина Колодезникова — Ымыы, Варвара Потапова «Ийэ тыл» хоһооннорунан аһылынна.

Хоһооннору дорҕоонноохтук аахтылар: А.С.Жулева — Суһума, М.И.Попова, Т.К.Чемпосова, А.К.Аргунова.

2 түһүмэх. «Дьыл кэмэ». «Саас» — М.И.Попова -Ефимова В.К. хоһоонугар Жулева Влада — 10 кылаас, Дедюкин Гриша -11 кылаас сахалыы үҥкүүнэн доҕуһуоллаатылар. 3. «Күһүн» — Марков Виктор Филиппович. 4. «Кыһын»- Иванова Тамара Николаевна, Аргунова А.К., Пахомова С.С. дьахтар кыһыҥҥы толору таҥаһын кэтэн арыаллаан киирдилэр. 5.Егорова Мария Григорьевна «Ыйдаҥа» хоһоонун аахта. 6.Жулева Александра Семёновна-Суһума «Дьыл бэлэҕэ» хоһоонун аахта. 3.түһүмэх,»Ньургуһун»: Ермолаева М.И.,Попова М.И., Ефимова В.К.,Иванова Т.Н., Пахомова С.С., Ермолаева М.П., ис дууһаттан долгуйан туран аахтылар. 4 түһүмэх: «Олох» Хоһооннорун аахтылар: Жулева А.С.- Суһума «Мин боростуой ыал оҕото»» Өйдөһүөх», Аргунова А.К. «Мин идэм бэтэринээр», Дьяконова,О.С. «Санаа», «Толкуйдаама», Пахомова С.С Мария Михайловна «Хойут диэмэ, Хаһан да» хоһооннорун аахтылар.

Бу курдук хас биирдии «Иэйии» литературнай түмсүү чилиэнэ өрө көтөҕүллэн туран, бэйэтэ айан таһаарбыт хоһоонун ааҕан, истээччи дьүүлүгэр таһаарда. Ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан кыттыыны ыллылар: Ытык-Күөлтэн улуустааҕы «Уран тыл» литературнай түмсүү салайааччыта Андросова Оксана Прокопьевна, эдьиийэ Андросова Сардаана Прокопьевна Дьөҥкү-Сээн кыргыттара, Дяконова Ольга Спартаковна «Иэйии» литературнай түмсүү чилиэнэ. Тэрээһин таһымын үрдэттилэр. Үтүө баҕа санааларын тиэртилэр. Олохтоох дьаһалтаттан баһылыгы солбуйааччы Дяконова Вероника Ивановна кыттыыны ылан, хомуурунньук тахсыытынан эҕэрдэлээтэ. А.Ф.Бояров аатынан НАДь салайааччыта, Жиркова Оксана Максимовна хас биирдии «Иэйии» түмсүү чилиэнигэр, ыҥырыылаах ыалдьыттарга тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттаран, үөрүүбүт үксээтэ.

Бу курдук үрдүк таһымнаах «Иэйии биһигэ» хоһоон хомуурунньугун сүрэхтэниитэ Игидэй нэһилиэгэр олус сэргэхтик ааста. Салгыы түмсүүгэ айымньылаах үлэ ыытыллара былааннанар.

Варвара Ефимова-«Иэйии» литературнай түмсүү чилиэнэ.

Читайте дальше