Таатта улууһун нэһилиэктэрин көр- күлүү бөлөхтөрүн күрэхтэрэ Чымынаайыга сэтинньи 8 күнүгэр «Айтал» норуот айымньытын дьиэтин тэрийиитинэн ыытылынна.
Бу дьоро киэһэҕэ көрү-нары көҕүлүттэн туппут Ытык Күөл, Дьохсоҕон, Даайа Амма, Чычымах, Уолба,Чөркөөх Чымынаайы бөлөхтөрө күөн көрүстүлэр. Дьүүллүүр сүбэ састааба: Г.А.Нестеров — Уус Амма нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта, В.Ф.Бурнашова — Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин сүрүн режиссера, В.В.Власова — А.Е.Кулаковскай аатынан Чычымахтааҕы норуот айымньытын директора. Күрэххэ кэлбит бөлөхтөр көрүҥнэринэн хастыы да нүөмэринэн кытыннылар. Түмүккэ Гран- При аатын Ытык Күөл бөлөҕө ылла уонна 10 тыһыынча харчынан наҕараадаланна.
Анал ааттар:
«Дьиибэ хообо» Дьохсоҕон нэһилиэгэ «Дьохсоҕон бэтиэхэлэрэ», «Сэргэх сирэйдэр» «Күбэйэ» фольклорнай бөлөх, Чөркөөх. «Быара суох» «Саҋдар» бөлөх Чымынаайы. «Бэрт бэтиэхэ» «Чээ, Чычымахтар» бөлөх, Чычымах
«Быары тарбааччылар» Уолба, «Ньуура суохтар» бөлөх «Көр-күлүү маастара» Даайа Амма, «Чаҕаан» бөлөх
«Саамай көрдөөх» Айаал Морхоев, Ытык Күөл, биһирэбил бириис — Мария Сабарайкина, Чөркөөх.
Харбалаахтааҕы «Төлөн» чох карьернай разрез (директор П.Д. Рахлеев) Гран При бирииһигэр, олохтоох дьаһалта Уус Амма нэһилиэгэ (баһылык Е.В.Васильев) күүс көмө буоллулар. Тэрээһиҥҥэ кэлэн кыттыыны ылбыт бөлөхтөргө айымньылаах үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабыт, кэлэн көрү-күлүүнү бэлэхтээбиккитигэр махтал тылларын аныыбыт.
Чымынаайы норуот айымньытын дьиэтин Пресс киинэ.