Бу үүммүт сыл тохсунньу 4 күнүгэр ытык Чөркөөххө бэрт сэргэх тэрээһин ыытылынна. Чөркөөхтөөҕү политсыылка музейын быыстапкалыыр саалатыгар “ Жизнь в табуне” документальнай киинэни көрүү уонна киинэ автора, биллиилээх фотограф, биир дойдулаахпыт Матрена Кашкинаны кытта көрсүһүү тэрилиннэ. Тохсунньу томороон тымныытын аахсыбакка кэлбит дьону музей үлэһиттэрэ үөрэ-көтө итии үүттээх чэйинэн, саламаатынан, алаадьынан күндүлээтилэр. Көрсүһүүнү музей сэбиэдиссэйин э.т. Михаил Протодьяконов салайан ыытта, эҕэрдэ сылаас тылын эттэ. Кини аҕа көлүөнэ Кашкиннары кытта бииргэ үөрэммитин, олоҕор маҥнайгы Бочуотунай грамотатын Х.И.Кашкин илиититтэн туппутун күндүтүк саныырын ахтан ааста. Матрена Хрисанфовна үлэлэрин бэлиэтээн туран, музейы кытта интэриэһинэй бырайыактарга бииргэ ылсан үлэлииргэ этии киллэрдэ.
Дьэ, онтон 50 мүнүүтэлээх күүтүүлээх документальнай киинэбитин биир тыынынан тутан олорон көрдүбүт. Саха омук өрө тутар дьөһөгөй оҕотун айылҕаҕа сылдьар быһыытын-майгытын кыраҕытык, уһун кэмҥэ дьыл араас кэмигэр кэтээн көрөн, сыныктаан устубут. Киинэҕэ диктор номоҕоннук кэпсээн, быһааран иһэрэ көрөөччүгэ тиийимтиэ буолла. Билиҥҥи тэтимнээх олохпутугар айылҕа маанылаан илдьэ сылдьар дьөһөгөй үөрүн майгытын дьоҥҥо тиэрдэри ылбычча киһи ылыммат. Көрөөччү бэйэтигэр элбэх саҥаны арыйда. Ол курдук санаа атастаһыыга урут “В мире животных” биэриигэ соҕуруу дойду кыылларын көрө үөрэммит буоллахпытына, аттыбытыгар сылдьар дьөһөгөй оҕотун туһунан билбэппит элбэҕин, оскуола оҕотугар көрдөрөр наадалааҕын эттилэр. Көрөөччүлэр бэлиэтээбиттэринэн, киинэни сахалыы дорҕоон, кырыымпа тыаһа ситэрэн-хоторон биэрдэ. Автор бэйэтэ быһаарбытынан, сахалыы доҕуһуолу киинэ таҥыллар кэмигэр музыканнар көрөн олорон оонньообуттара киинэ сюжетын тэтимигэр сөп түбэспит. Киинэ бэйэтин аатын толору арыйда. Үгүс көрөөччүнү киинэ түмүгэ долгутта. Кинилэр Матрена Хрисанфовнаҕа бэйэлэрин махталларын, баҕа санааларын эттилэр. Культура эйгэтин үлэһиттэрэ салгыы бииргэ үлэлииргэ тыл көтөхтүлэр. Матрена Хрисанфовна бииргэ төрөөбүттэрэ музей коллективыгар, олохтоох администрацияҕа, культура, оскуола үлэһиттэригэр, бииргэ үөрэммит доҕотторугар, бары кэлбит ыалдьыттарга махталбытын тиэрдэбит.
Эмма Кашкина, Чөркөөх олохтооҕо.