Мин бүгүҥҥү дьоруойум Александр Аммосович Слепцов үлэнэн сиэттэрэн дьоллоох олоҕу түстээн, кэлэр кэнчээри кэскилин «үлэ киһини киэргэтэр» — диэн өс хоһоонугар олоҕуран, үөрэтэн-такайан, оҕолоро, сиэннэрэ үтүө дьон буолан, бары өттүнэн сайдалларыгар бигэ тирэх, өйөбүл буолар.
Киһи доруобай эрэ буоллаҕына үлэлиир-хамсыыр, айар-тутар, дьоллоох олоҕу билэр. Ол туһугар Александр Аммосович тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан күүстээх сыал-сорук туруорунан, дьон-сэргэ доруобуйата чөл буоларын туһугар, маҥан халааттаах аанньал буоларга дьулуһар. Кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ тардыһан, туруулаһан, айылҕа дьиктитин үөрэтэн, күөх отунан хааман, таайыгас сүрэхтэнэн, сүрүн күүһүрдэн, айылҕа оҕото буолан ойор тахсар күнү кытары бииргэ алтыһан улаатар.
Дьонун утумнаан…
Кини хоһооҥҥо хоһуллар, элбэҕи кэпсиир үрдүк таас хайалаах, ураты, кэрэ айылҕалаах Муома улууһуттан төрүттээх. Ийэтэ идэтинэн фельдшер үөрэхтээх. Оҕолоругар кэмигэр остуоруйа арааһын кэпсээн, элбэххэ үөрэтэн, табанан, атынан сылдьан үгүс киһини эмтээн, холобур буолан, үс оҕотун үтүө майгылаах дьон буолалларын ситиһэн, атахтарыгар туруордаҕа. Билигин хос сиэннэрин сиэннээн, 93 сааһыгар үктэнэн, оҕолоругар хартыына арааһын быысыпкалаан, баайан, таҥас эгэлгэтин тигэн күннэтэ солото суох, биир кэм дьарыктаах сылдьан оҕолорун, чугас дьонун үөрдэр. Онтон эһэтэ, аҕатын кытары мындыр толкуйдарынан, бэйэлэрин холобурдарынан, үгүһү көрдөрөн, үөрэтэн, кэрэни кэрэхсии, нус-хас олоҕу түстээн, ытык иэстэрин толордохторо. Александр балта билигин быраас идэлээх, кини кэргэнэ фтизиохирург, онтон уоллара сосудистай хирург бырааһа, онон толору маҥан халааттаах аанньаллар дьиэ кэргэттэрэ. Бииргэ төрөөбүт быраата летчик идэтин баһыйан, үтүмэн үлэни үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
Олоҕун оҥкула
Александр Слепцов Муома орто оскуолатын 1975 сыллаахха ситиһиилээхтик түмүктээн, ЯГУГА медицина үрдүк кыһатыгар киирэр. Алта сыл үөрэнэн, биир сыл интернатураны ааһар. 1983 c. Таатта улууһугар ананан, Томтор нэһилиэгин участковай балыыһатыгар үлэтин саҕалыыр. Биир сыл кэннэ кылаабынай быраас Иван Семенович Трофимов ыҥыран ылан «оройуоҥҥа анестезиолог бырааһа наада буолла» — диэн Республиканскай балыыһаҕа үөрэттэрэ ыытар. 1984 с. ахсынньы ыйтан Таатта улууһун киин балыыһатыгар анестезиолог быһыытынан үлэлээн барар. Сыл ахсын билиитин хаҥатан, идэтин баһыйан, биир кэмҥэ убайдара Анатолий Иванович Борисов, Гаврил Гаврильевич Дарбасов муҥурдаах эпэрээсийэтигэр үөрэтэн, кэлин дьуһуурустубаҕа турар буолар. Бу кэмтэн ыла Александр Слепцов олус эппиэтинэстээх, түбүктээх кэмэ саҕаланар. «Оччолорго суол-иис да куһаҕана, сырыы-айан да суох буолан санавиация биир эмэ улахан операцияҕа анестезиолог быраастары ыытан, көмө буолаллара. Сорох сыл сынньалаҥ да ылбакка, тохтоло суох үлэ үөһүгэр түһэрбит» — диэн кэпсиир.
Ыал дьоло — оҕолоругар
Устудьуон хатыламмат кэрэ кэмигэр олоҕун аргыһын көрсөн, сүрэхтэрин холбоон түөрт оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, атахтарыгар туруоран, бур-бур буруо таһааран, сиэннэрин көрөн, олох үрдүк күөнүгэр тахсан, күн бүгүнүгэр диэри өйдөһөн-өйөһөн дьол уйатын тутан, оҕолорун тапталларыгар уйдаран, үлэ-лии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар. Бу буоллаҕа дии олох саамай күндүтэ, кэрэтэ. Кыргыттар аҕаларын суолун батыһан киһи доруобуйатын туһугар, дьону көмүскүүр, харыстыыр сыаллаах фельдшер идэтигэр үөрэнэн эдэрдии эрчимнээх үлэлии сылдьаллар. Кыра кыыстара ийэ буолар дьолу билэн, түөрт бухатыыр уолланан, дьонун суолун сирдээри, ситиһиилээхтик фельдшер үөрэҕэр үөрэнэр. Соҕотох уоллара Дмитрий аҕатын холобурунан үлэҕэ сыстыгас буолан, үлэттэн толлубакка, элбэххэ үөрэнэн, дьиэ туттан, ыал буолан, аныгы компьютер идэтин баһыйан, ситиһиилээхтик үлэлии. Дьиэ кэргэн Далбар Хотуна, ийэтэ, эбэтэ — Аксинья Дмитриевна дьонун сирдээҕи олохторун араҥаччылаан, уран тарбаҕынан үтүөнү, кэрэни үксэтэн, оҕуруот аһын сэргэ, сибэкки арааһын олордон, алаһа дьиэ маанылаах хаһаайката буолан, минньигэс аһылык астаан, сандалы остуолун тардан, оҕолорун түмэн, дьиэ кэрэ эйгэтин олохтоон, муударай санаатынан, дьол түһүлгэтин туттаҕа.
Айылҕаҕа куруук чугас буолуҥ
Александр Слепцов «эр киһи төрүт дьарыгын умнубакка, айылҕалыын алтыһан, бултаан-алтаан, булан-талан сылдьыахтаах» — диэн билигин кырачаан сиэннэрин тымныыттан, сылаастан толлубакка, бэйэтин кытары айылҕаҕа илдьэ сылдьар ураты үгэстээх. Ону тэҥэ дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа тахсан сайынын сир аһын хомуйан, кыһынын айылҕалыын алтыһан, сынньанан киирэллэр. Оҕо сылдьан аан маҥнай үөскээбит баҕа санаата охотовед үөрэҕэ эбит, эрээри дьоҥҥо көмөлөһөр баҕата баһыйан, санаата уларыйан быраас идэтигэр үөрэнэн, үгүс киһиэхэ көмөлөһөн. Олоҕун суолунан истэҕэ. Эрээри айылҕалыын кыра сааһыттан быстыспат ситимнээх. Үһүс кылаастан саҕалаан бултаан-алтаан, эһэтин батыһа сылдьан элбэҕи көрөн, үөрэнэн, айылҕаҕа сылдьан уот оттон, уот иччитин нөҥүө Баай Байанайтан өлгөм булду, этэҥҥэ сылдьыыны көрдөһөн, күн бүгүн сиэннэригэр үтүө холобур буолар. Ол курдук сиэннэрин дьиэ таһынааҕы, ис-тас үлэттэн саҕалаан, дьиэ тутуутугар тиийэ үөрэтэн, кыралаан үлэҕэ сыһыарар. Дьыл кэмэ уларыйыытын ахсын, сыыс-бөх хомуйуутугар субуотунньук тэрийэллэр. Сайын ахсын сиэннэр мустан күннээҕи үлэлэрин толорон, эбэ, эһэ тутаах көмөлөһөөччүлэрэ буолан, туһалаах сайыны атааран дьоннорун үөрдэллэр.
Уол оҕо – эрэнэр эркиммит, олохпут инники сайдыыта, уол оҕо орто дойдуга дьоллоох олоҕу олороору, удьуорун ууһатаары кэлэр. Улаатан истэҕин ахсын элбэҕи билэн, үөрэтэн, ырытан, ырыҥалаан, сайдан иһиэхтээх.
«Эр киһи түҥ былыргыттан байанайдаах булчут, балыксыт, тимиринэн уһаарар, маһынан ыпсарар уус буолар, кини дьиэ кэргэнин харыстыыр, араҥаччылыыр аналлаах онон уол оҕону кыра сааһыттан үлэттэн толлубат буоларын туһугар, үлэҕэ сыһыарын, оччоҕо үгүһү ситиһэн, сахалыы тыыннанан, тулуурдаах, дьулуурдаах дьон үлэтин убаастыыр, сыаналыыр буола улаатыахтара, мин сиэннэрбэр куруук дьоҥҥо биир тэҥник сыһыаннаһыҥ, кими да сэнээмэҥ, ырытымаҥ диэн сүбэлиибин» — диэн мин дьоруойум санаатын үллэстэр.
Уруйана.