Алтынньы 1 күнэ — Аҕам саастаах дьон аан дойдутааҕы күнүн сэргэ, аан дойду үрдүнэн Муусука күнэ бэлиэтэнэр.
Олох көрдөрөрүнэн, оҕо, үүнэр ыччат өйө-санаата сайдарыгар муусука, искусство улахан көмөлөөх. Ол да иһин 2013 сылтан саҕалаан биһиэхэ “Муусука — барыбытыгар” бырайыак үлэлиир. Бары билэрбит курдук, бу бырайыагы көҕүлээччинэн СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев буолар. Бырайыак олоххо киллэриллиитигэр үгүс үлэ, тэрээһин ыытыллыбыта.
Бу күн С.Р.Кулачиков — Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатыгар Ф.С.Аргунов аатынан Оҕо искусствотын оскуолатын Чычымахтааҕы салаатын үлэһиттэрэ Марианна Константиновна, Сардаана Васильевна, Валентина Гаврильевна ис сүрэхтэриттэн оҕолору кэрэ эйгэҕэ уһуйан, ситиһиилээх дьон буолалларыгар анаан муусука кэрэ абылаҥын бэлэхтээтилэр.
Кинилэр оҕолорго классическай муусуканы иһитиннэрдилэр, биллиилээх муусукааннары, искусство деятеллэрин, преподавателлэри, артыыстары кэпсээтилэр. Саха инструменнарыгар, хомуска оонньоон көрдөрдүлэр, үөрэнээччилэр эмиэ хомустаан дьырылаттылар.
Маны сэргэ 7-с уонна 8-с кылаастарга «Угадай мелодию» оонньуу ыытылынна. Оҕолор бэрт сэргэх оонньууга кыттан дуоһуйдулар, элбэҕи биллилэр.
Бу курдук оскуола үөрэнээччилэрэ муусука алыбар киирэн бэрт сэргэх тэрээһиҥҥэ кытыннылар, сэргээтилэр.
Елена Слепцова.